Суруйааччы Валерий Никифоров-Суор Уола муус устар бүтүүтэ Украинаҕа анал эпэрээссийэҕэ кытта барбытыгар элбэх киһи соһуйбута, долгуйбута. Өр сибээскэ тахсыбакка сылдьан баран, госпитальга түспүт хаартыската социальнай ситимнэринэн киэҥник тарҕаммыта. Онтон «Суор Уола госпитальга үлэлии сылдьар эбит. Дойдутугар кэлэригэр харчыта суох үһү» диэн сурах кэлбитэ.
edersaas.ru
Валерий Никифоров билигин дойдутугар этэҥҥэ эргиллэн кэллэ. Хайдах-туох сылдьыбытын, тугу көрбүтүн-билбитин бэйэтиттэн истиэҕиҥ.
«Сэбиэскэй кэмҥэ төрөөбүт уонна улааппыт дьон курдук, миэхэ эмиэ дойдуга бэриниилээх буолуу тыына баар киһитэ буоллаҕым. Кырдьаҕас эмээхсин кыһыл былааҕын тэпсэллэрин устубут видеоларын көрөн олус да абарбытым… Дьиҥэр, аармыйаҕа элбэх хохуол уолаттарын кытары сулууспалаатаҕым дии.
Украинаҕа байыаннай эпэрээссийэ саҕаламмытын истээт, тута байаҥкамаакка тиийбитим. Онно 55 саастаахпын билэн баран: «45-гэр эрэ диэри саастаах дьону ылабыт», – диэн аккаастаан кэбиспиттэрэ. Иккистээн тиийэ сылдьыбыппар «Вагнердарга» бара сылдьарбар сүбэлээбиттэрэ. Бу чааһынай хампаанньа эмиэ аккаастаабыта. Сотору байаҥкамааттар «Барааччылар саастарын 60-гар диэри үрдэттилэр, барар буоллаххына, кэлэн сайабылыанньата суруй» диэн төлөпүөнүнэн эрийбиттэрэ. Онон үс саха киһитэ сайабылыанньабытын суруйан баран өр кэтэспиппит.
Муус устар 27 күнүгэр Саха сириттэн 45-тэн үөһээ саастаах 24 киһи Хабаровскайга көппүппүт. Иккис күммүтүгэр сөмөлүөт Владивостогынан, Читанан, Новосибирскайынан, Екатеринбурунан таарыйан, анал эпэрээссийэҕэ барааччылары ылбыта. Элбии түспүппүт, кинилэр ортолоругар буряттар элбэхтэрэ. Ростов-на-Дону тиийбиппитигэр пуорма биэртэлээбиттэрэ. 10 хонук бэлэмнэниэхтээхпитин биир-икки эрэ күн полигоҥҥа тиийэн ытыалаабыта буолбуппут. Дьиҥэр, Дьокуускайтан барарбытыгар ыскылаат харабыллааһыныгар эҥин сылдьыаххыт диэбиттэрэ да, тиийбиппитигэр передовойга киллэрбиттэрэ. Манна сэриилэһэ сылдьар батальоҥҥа биһигини эбии ыытарга быһаарыммыттар этэ. Сахалары 3-5-тии киһинэн роталарга араартаабыттара. Сэби-сэбиргэли «спецкинэн» көрөн биэрэллэр.
Украина, Саха сиригэр тэҥнээтэххэ, аһара тымныы дойду эбит. Киэһээ 8 чаастан хараҥаран барар, күнэ киирдэҕинэ ыас хараҥа буола түһэр. «В Сочи темные ночи» диэн ыллыыллара кырдьык эбит. Сахалар кэнэммит бэрт буоллаҕа. Төлөпүөммүтүн көрдөөбүттэригэр барытын биэрэн кэбиспиппит. Онтон анараа тиийбиппит киһи барыта төлөпүөннээх, хаартыскаҕа түһэллэр, түһэрэллэр.
Аан бастаан буомбаҕа түбэһиибит ыам ыйын 9 күнүгэр этэ. Любимовка диэн сиргэ быһыылааҕа. Буомба, бүлүмүөт бөҕө эстибитэ, күнү быһа ытыалаабыттара. Киһи син биир куттанар эрээри, үөрэнэн хаалар эбиккин. Миномет бэйэҕэр кэлэн көтөн иһэрин билэҕин. Иһиирэриттэн киһи ыраах эбэтэр аһара барда диэн суоттуур эбиккин.
Биир күн: «Дроннар көтө сылдьан усталлар, эрэйдээтилэр, суулларыҥ», – диэн снайпердары ыыппыттара. Онно тиийэн сууллараары сырыттахпытына, аны охторумаҥ диэн аккаас биэрбиттэрэ. Ити кэмҥэ миигин тааҥка сырса сылдьарын, соҕотоҕун сүүрэн тахсан ытыалаһа сылдьарбын чечен этэрээтин хамандыыра бинокулунан көрбүт этэ уонна 800-чэ миэтэрэттэн сүүрэн кэлбитэ. Уһуна да, бөдөҥө да бэрт, мин кып-кыра буоллаҕым. «Бинтиэпкэҕин аҕал, хайдах өссө тыыннаах хааллыҥ?!» – диэбитэ. Билигин төлөпүөнүнэн билсэбит. «Аны манна кэлимэ, ол кэриэтэ сиэннэргин көрүс», – диэбитэ. Киниэхэ олус махтанабын.
Итинник сылдьан кэлин контузияламмытым, истибэт буолан хаалбытым. Онон госпиталга көрөн-истэн баран (үчүгэйдик эмтииллэр, укуол бөҕө биэрэллэр) бүтэһигэр «пневмониялаабыккын» диэбиттэрэ. Дьиҥэр, бэйэм туругум үчүгэй курдуга. ФЛГ-га сылга биирдэ эрэ түһүллүөхтээҕин, сотору-сотору түһэрбиттэрэ. Уопсайынан, наһаа ардахтаах, аҥааргар диэри ууга сытаҕын, киэһэ тымныйар. Онон тымныйан ыалдьааччы наһаа элбэх этэ.
Быраҕыллан хаалбыт дэриэбинэлэри көрөргө дьулаан. Бүтэһигин Краснодар госпиталыттан тахсан бэйэм чааспар кэлбиппэр, «госпитальтан тахсыбыт дьону барыларын дойдуларыгар ыытабыт» диэн, миигин эмиэ дойдугар бар диэн буолбута. Онон, 6 ый сылдьар болдьохтооҕум да, 2 ый курдук буоллум. Сахалар, калмыктар, буряттар, тувиннар уо.д.а. омуктар үчүгэйдик сылдьаллар, бэйэ-бэйэлэрин өйөһөллөр-өйдөһөллөр. Госпитальга сыттахпытына, онно үлэлиир, үөрэнэр бурят кыргыттара бааллара. Биир дойдулаахтара эмтэнэр кэмнэригэр, күн аайы итии аһылык таспыттара. Кинилэр барбыттарын кэннэ аны биһиэхэ дьиэтээҕи аһылык уонна тугу наадыйарбытын аҕалаллар этэ. Сорох уолаттарга бэйэлэрин харчыларынан кроссовка, спортивка да ылан биэрбиттэрэ. Миэхэ туох наадатын ыйыталаһан баран, үрүсээк ылан биэрбиттэрэ. «Биһиги атын омуктарбыт дии, тоҕо көмөлөһөҕүт?» – диэтэххэ, – син биир биир норуот буоллахпыт», – дииллэр. Бурят кыргыттарыгар Маринаҕа, Маргаритаҕа уонна Заримаҕа махталбын этиэхпин баҕарабын. Бэйэлэрэ иккилии-үстүү оҕолоохтор, дьиэ уларсан олороллор уонна биһиэхэ ас-таҥас таһа сылдьаллар. Аһара түмсүүлээхтэр эбит.
Дьокуускай куораттан барарбытыгар: «Барар айаҥҥытын төлүүбүт, оттон төттөрү кэлэргитигэр айаҥҥыт ороскуотун бэйэҕит булунаҕыт», – диэн сэрэппиттэрэ. «Байыаннайдар» уонна «баҕа өттүнэн барааччылар» диэн араартыыллар эбит. Онон «байыаннай» буолбатах буоламмын, бэйэм биэнсийэбин уонна Дьокуускайга айар түмсүүлэрим дьоно көмөлөһөн билиэт ылан көтөн кэллим.
Билигин санаатахпына, иккистээн аармыйаҕа барар курдук түһүүр этим. Эмтэммит госпиталым фонтанын эҥин түүлбэр көрбүт эбиппин. Мариупольга тиийэн оҕо лааҕырыгар хонон ааспытым. Ону бу сири ханна эрэ көрбүтүм диэн санаан аһарбытым. Хараҕым аһыллан кэлбитэ. Ол аата, түүллэрим сирдииллэр быһыылаах…
«Суор Уола суруйар тиэмэ көрдөөн эбэтэр харчыга наадыйан бардаҕа, ипотекалаах» дииллэрин истибитим. Сэриитэ да суох, суруйар тиэмэ элбэх буоллаҕа, ипотекам суох. Сылдьыбыт төлөбүргүтүн каартаҕытыгар түһэриэхпит диэбиттэрэ, билиҥҥҥитэ илик».
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru
Хаартыска — РИА сонуннара