Хас биирдии быраас бэйэтигэр туспа кылабыыһалаах…
(Эмчиттэр өс тыллара)
— Бу ким суорҕанай? Балыыһа гиэнэ дуо? — эдэр биэлсэр уол Бүөккэ аан аттыгар туран айманар. Ким да кинини истибэт — сиэстэрэлэр ыарыһах дьахтар малын бэрийэ сылдьаллар, быраастара буоллаҕына куоракка ыытар кумааҕытын бэрт ыксаллаахтык суруйа олорор. Санитарнай сырыы сөмөлүөтэ сиргэ түһэн, кэтэһэн турарын, саҥа биллэрэннэр аймалҕан бөҕөтө.
— Чэ, тукаам, бу баар направленията. Сэллик балыыһатыгар илдьэн туттараҕын, — быраас Клавдия Ивановна кумааҕыны уолга уунар.
– Кытаат, тиэтэй! Сөмөлүөтүҥ көтөн хаалаарай? Саатар эрдэ биллэрбэт буоллахтара!
Уол докумуону сонун иһинээҕи сиэбигэр уктан баран сиэстэрэлэртэн ыйытар:
— Бу ким суорҕанай? Ыарыһаххыт гиэнэ буолбатах дуо?
— Туох ааттаах эн ити суорҕаҥҥа баайыстыҥ! Ыл ээ, сөбүлээбит буоллаххына,– сиэстэрэ кыыс Шура суорҕаны утары уунар – Балыыһа малын сүтэрдэххинэ бэйэҥ төлүөҥ!
— Бу да кыыс! Бэйэбэр көрдүүр буоллахпыный! Мин ыарыһаххыт таҥаһа чарааһыттан санаарҕыыбын ээ! — Бүөккэ тохтоон толкуйдуу турда: өскөтүн суорҕан ыарыһах гиэнэ эбитэ буоллар кыһалҕа аччыгый – бэйэтин кытта куоракка халыа этэ. Оттон балыыһа мала буоллаҕына — хайаан да төттөрү аҕаллахха сатанар. Ол эрээри, куораттан төннөрүгэр носилканы да сүгэн кэлэрэ сөп — ааспыт сырыыга курдук суолга туран айаннаан кэллэҕинэ ити суорҕан улахан адаҕа буолар кутталлаах…
— Чэ, турума! Суоппарыҥ ыксатан эрэр дии! — Клавдия Ивановна носилканы биир өттүттэн көтөхпүтүнэн барда.
«Ээ чэ, хааллын! Хайдах эрэ гынан тиийэр инибит», — диэн санаат, Бүөккэ носилканы бэйэтин өттүттэн көтөхтө уонна, ааны атаҕынан аһан баран, кыһыҥҥы түүн туманнаах хараҥатыгар атыллаата…
* * *
— Пётр Петрович, министирбит аатыттан маннык ис хоһоонноох сурук кэллэ: Отчуот түмүгүнэн үлэтигэр мөлтөх көрдөрүүлээҕин иһин киин балыыһаҕыт хирургическай салаатын сэбиэдиссэйигэр административнай миэрэ ыларгытыгар бирикээстиибин – улуус кылаабынай бырааһа Влас Степанович кумааҕыны туора уурда – Дьэ, онон хайыыр да кыаҕым суох, быыгабар биллэрэрбэр тиийэбин. Сыл саҕаланыытыгар мин эйиэхэ этэ сатаабытым: Туһата суох, ыарахан ыарыһахтары эпэрээссийэҕэ ылыма, отчуокка көрдөрүүлэриҥ сыл ахсын быстар мөлтөхтөр, ону санаа диэбитим. Ол кэпсэтииттэн эн бэйэҕэр түмүктэри оҥостубатаххын, онон миэхэ өһүргэнимэ.
— Туох диэн өһүргэниэмий – эн үлэҥ оннук буоллаҕа… Ити министир даҕаны, эн даҕаны, өлөрдүүн тэҥҥэ өлбөтөххүт, тиллэрдиин тэҥҥэ тиллибэтэххит… Үлэҕит диэн отчуот көрдөрүүлэринэн дьон дьылҕатын быһаарыы буоллаҕа. Оннугу сатаабат киһи, мин, ыраахтан сылдьан сөҕөбүн эрэ… — Пётр Петрович бэргэһэтин кэтэн тахсан иһэн, тугу эрэ этиэхчэ эппэккэ аан аттыгар тура түстэ, онтон тыл ыһыгынна — Ол эрээри, эһиги утуйаргытыгар саптар суорҕаҥҥыт, мин суорҕаммын кытта тэҥ ыйааһыннаах ини… — диэн баран тахсан барда.
“Киһибит аһара үлэлээн буккуллаары гыммыт дуу? Туох суорҕанын туһунан дойҕохтоото буолла?” — диэн Влас Степанович кэтэҕин тарбана хаалла.
* * *
… Бүөккэ балыыһа кэннигэр саһан туран, ким да көрбөтүгэр, хараҕын уутун соттор. Ый анараа өттүгэр куоракка санрейска илдьибит дьахтара тымныйыыттан сэбиргэхтэтэн өлбүтүн туһунан бүгүн саҥа иһиттэ.
«Ааккын билбэтэрбин да, бырастыы гын эн миигин! Хантан мин билиэхпиний барар сөмөлүөппүт иһэ таһырдьатааҕар тымныы буоларын! Хантан мин сэрэйиэхпиний куоракка көрсүбүт массыынабыт иһэ эмиэ тымныы буоларын! Саатар ол баата суорҕаны илдьэ барбытым буоллар, баҕар эн тымныйыаҥ суоҕа этэ!» — уол абатыйан уоһун ытырар, кыатана сатыыр.
Кини кымаахтыыр сүрэҕэ уол дьылҕатын оҥоһуутун сэрэйбэт. Бүөккэ, аҕыйах сылынан Пётр Петрович, быраас буолан, элбэх дьон олоҕун быыһыыр аналлааҕын сүрэҕэ билбэт.
Билигин ол эдэркээн сүрэх биир баата суорҕан ыйааһынын Бүөккэ олоҕун тухары төлөрүйбэт адаҕа оҥостубутун билэр уонна хаанынан ытыыр, ытыыр, ытыыр…
2008 с. Анатолий Слепцов, хирург, РФ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ