Суорҕан анныгар. «Экзотическэй» таптал

Ааптар: 
19.02.2016
Бөлөххө киир:

Сөрүүн тыал үрэр… Күөх муора долгуннара сэргэхситэн, аны көрсүөхпүт суоҕа диэбиттии айманар. Киһи барахсан бу олоххо биирдэ эрэ кэлэн ааһар ээ. Биирдэ кэлбиччэ аан дойду бары муннугун көрдөххө, кэрийдэххэ сатанар

Бу курдук санаалаах Ньургун уол үлэ кэнниттэн уоппуска ылан уһун сайынын бэркэ атаарда.

Оо, соҕуруу дойду сылааһа, кыраһыабайа эриэхсит! Биһиги уһун кыһыммыт кэнниттэн сылайбыт уол күөх муораҕа сөтүөлээн, араас омугу кытта билсэн сылаатын бэрт аҕыйах күнүнэн таһаарда. Гостиницаҕа хоно сытан сарсыҥҥы былаанын толкуйдуур, сыалсорук туруорунар, харчытын ааҕынар. Арай, биир оннук киэһээ буоларын курдук кэтэх тардыстан сыттаҕына ааны тоҥсуйаллар. «Добрый вечер, извините а как можно найти администратора гостиницы?» — омук кыыһа хата бэркэ нууччалыыр эбит дии санаат, аанын арыйбакка даҕаны «незнаю, не видел, на первом этаже должен быть» диэбитигэр син турбахтыы түһээт, атах тыаһа аллараа диэки тоһугуруу турда. «Хайдах хайдах баҕайыный, аата муодатын, мин хантан билиэхпиний администраторы, сынньана сылдьар киһибин» дии саныы сытан утуйан хаалла. Будильник тыаһа тырылаатын кытта ойон туран түннүгүн аспыта ипитии, киһи эрэ буһуох айылаах күнэ үүммүт. Оо, дьэ бэрт баран сөтүөлүөм да буоллаҕа»Сарсыардааҥҥытын аһаан баран астына дуоһуйа сөтүөлээтэ. Мин даҕаны алааспар маннык улахан уулааҕым буоллар ньии! Оттообокко сытыам этэ

Манна омук кыргыттара олох атыттар ээ, саха кыргыттарыгар майгыннаабаттар. Туох атыннаахтарын билбэппин эрээри, киһи чопчу бу атын кыыс диэн быыһарар кыахтаах эбит. Бэҕэһээ ааммын тоҥсуйбут кыыһы куолаһыттан биллим. Манна туристическай базаҕа тылбаасчытынан үлэлиир кыыс. Бэҕэһээ гостиницаҕа туохха кэлэ сылдьыбыта буолла, ээ, оттон үлэһит дьон дьыалата элбэх буоллаҕа. Бу хаамасиимэ сылдьара астыгынУурбуттуппут курдук номоҕон таһаалаахмөтөгөр түөстэрэ, толору быһыылаах самыыта, синньигэс биилэУонна, хата, киниэхэ тэҥнээх биир даҕаны кыыс суохБиир дьоллоох түүнү утуйбакка атаарарга соҕурууҥҥу омук кыыһа холооннооҕо суох буоллаҕа! Онтон сахам кыыһа барахсан олох олорорго, ыччаты тэнитэн ыал буоларга тэҥнээҕэ суох. Ээ, биирдэ кэлэр олоххо мин даҕаны омук кыыһын «боруобалаан» көрдөхпүнэ хайдаҕый? Бээ эрэ, ити кыыс бэҕэһээ миэхэ мээнэҕэ кэлбэтэх буолуохтаах. Туох даҕаны диэбит иһин, ама, администраторы көрдөөн сынньанааччылар хосторун тоҥсуйаллар үһүө?

Күүс-уох эбинэн баран, тиийэ сылдьарга. Бүгүн киэһээ ас сакаастаан, арай, хоспор ыҥырдахпына хайдаҕый?

Маннык санаалаах эр бэрдэ омугу «боруобалыырга» бигэтик сыалланан, кыыска тиийэн кэллэ. Оо, харахтара кэрэтин, киһи эрэ тимирэн хаалыах курдук… Хап-хара баттаҕын ыһан кэбиспитэ бэйэтигэ өссө ордук барсар. Аҕыйахта тыл бырахсаат, Ньургун хоһугар ыҥырбытыгар кыыһа: «Тиийэҕим, тиийэн бөҕө буоллаҕа» диэбитигэр дөйүөрэн хаалан, сүрэҕэ баарын биллэрдэ. Тыбыс-тымныы көлөһүн көхсүнэн сүүрбүтүгэр «уһуктан», өйдөнөн кэлэн, «чэ сөп оччоҕо күүтүөҕүм» диэн баран гостиницатыгар тэбиннэ.

Кэтэһилээх киэһэлэрэ тирээн кэллэ. Ньургун долгуйан бөҕө. Кыыһын ас астаан үөрэ-көтө көрүстэ. Кыыспыт соччо симиттибэт, хата, чуопчааран ынырык. Уһун түүнү быһа кэпсэттилэр, арааһы барытын ырыттылар. Ньургун пыл-пал да буоллар, нууччалаан имитэр. Эбиитин винота төбөтүгэр тахсан, саҥата хойунна. Кыыһа Саха сирин олус сэҥээрэр буолан биэрдэ. Кыра омуккун игин диэн сэниирэ буолуо дии санаабыта, хата, кимнээҕэр өрө тутар, өссө аһары баран, Саха сиригэр кэлэ сылдьыан баҕарарын эппитигэр, Ньургун эрдийбиккэ дылы буолар. Арыгы барахсан баҕар көмө буоллаҕа буолуо, Ньургун кыыһы эмискэ уураан ылла. Биирэ даҕаны утарыласпата. Дьоллоох түүннэрэ, дьэ, тосхойдо. Омук кыыһа диэн омук кыыһа эбит! Бу хамсанара үчүгэйин, уураан ылаат убуруур, сөрүүн көлөһүннүүн өрө мөхсөр, ытыр ыллыыр ынчыктыыр. Ол быыһыгар бэйэтин тылынан саҥаран ылара…

Кыахтааҕа, санаата хоторо буоллар, Ньургун ойох гынан Саха сиригэр даҕаны көһөрөн аҕалыах эбит… Оннук сатаммат, кыаллыбат буоллаҕа…

Түннүгүнэн хаар оргууй кыыдамныыр. Кырыарбыт өстүөкүлэ быыһынан Ньургун ону одуулуу олорон, компүүтэригэр омугун кыысчаанын хаартыскатын көрөн, өрө тыыммахтыыр. Уоттаах таптал тосхойбут дьоллоох түүнүн күн аайы ахтан, эргитэ санаан, утуйар уута уу буолбатаҕа быданнаата…

«Биирдэ бэриллибит олохпор «экзотическай» тапталы боруобалаабыт дьоллоохпун. Мин даҕаны эр бэрдэ эбиппин, астыннарбытым, таптаабытым», — диэн иһигэр саныы олорон, аттыгар истээх ыстааннаах, кууллаах бурдук курдук лэспэйбит саха кыргыттара төкүнүҥнэһэрин көрөн кыйахана санаата. Көмпүүтэригэр отчуотун холбоон, салгыы үлэлээбитинэн барда.

Хараҥаччы

+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0