Суоппардарга саҥа массыыналар күлүүстэрин туттардылар

Бөлөххө киир:

«Сахатранснефтегаз» АУо  гааһы үллэрэр управлениетын  суоппардарыгар  УАЗ  («Охотник»)  массыыналар күлүүстэрин үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар.

«Бүгүҥҥү күҥҥэ управление үрдүнэн 619  тиэхэньикэ үлэлиир. Бу элбэх тимир көлө буолар. Аҥаардас быйыл 40 көлөнү управлениеҕа атыыластыбыт. Социальнай гааһынан хааччыйыыга ити тиэхиньикэлэр кытталлар, сүрүн үлэни толороллор», – диэн «Сахатранснефтегаз» АУо генеральнай  дириэктэрин солбуйааччы Виталий Руфов иһитиннэрдэ.  Сорох массыыналары  Кэбээйи, Ленскэй, Нам уонна Чурапчы улуустарыгар  ыыттылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0