Суоппар ГИБДД үлэһитин үнтү көтөн туран өрүһү туораата диэн сурах олоҕо суох (ВИДЕО)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Хатастан Павловскайга өрүһү туоруур суолга балаһыанньа уустугурда. ГИБДД үлэһиттэрэ быһылаан тахсыбатын туһугар, кыһыҥҥы суол арыллыар диэри кими да ыыппакка кэтээн, бүөлээн тураллар. Нөҥүө биэрэккэ туоруур баҕалаах дьон баһаам. Сэрэдэҕэ УАЗ массыыналаах суоппар ГИБДД үлэһитин үнтү көтөн туран өрүһү туораата диэн сурах кэлбитэ олоҕо суоҕун туһунан СӨ ИДьМ ССБГИС (УГИБДД) иһитиннэрдэ.

Санатан эттэххэ, өрүһү туоруур кыһыҥҥы суол сэтинньи 21 күнүгэр арыллыаҕа.

Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0