Суолталаах тутуулар

Ааптар: 
26.12.2018
Бөлөххө киир:

Тиксиини элэктэриичэстибэнэн хааччыйдылар

Сэтинньи 7 күнүгэр Тиксиигэ соҕотох 900 кВт күүстээх электэриичэскэй ыстаансыйа үлэҕэ киирбитэ. Саҥа ыстаансыйа 4600 олохтоох Тикси куораты электэриичэстибэннэн хааччыйан турбут уматыгынан үлэлиир ыстаансыйаны солбуйан, ороскуоту биллэ аччатта. Япония инженердара аныгы технологияны туһанан, Өрөспүүбүлүкэ биир бастыҥ суолталаах бырайыагын олоххо киллэрдилэр.

Өлөөҥҥө алмаас хостооһуна саҕаламмыта

Алтынньы 31 күнүттэн АЛРОСА АУо Өлөөн улууһугар Үөһээ Муунатааҕы алмаас үөскүүр сиригэр үлэтин саҕалаата. Өлөөҥҥө алмаас хостооһуна 20 сыл устата олохтоохтору үлэнэн хааччыйар уонна бүддьүөккэ үп киллэрэр соруктаах. Сэтинньи 7 күнүгэр 50 караттаах бастакы улахан алмааһы булбуттара.

Водозабор арылынна

Балаҕан ыйын  4 күнүгэр, Дьокуускайга саҥа ууну хачайдаан ыраастыыр уонна дьиэлэргэ тиэрдэр улахан тутуу үлэҕэ киириитин үөрүүлээх арыллыыта буолбута. Саҥа эбийиэк 243 миэтэрэ уһуннаах, 26 миэтэрэ кэтиттээх, 330 тыһ. кубометр иэннээх ууну хаһаанар кыахтаах, Дьокуускай уонна Жатай бөһүөлэгин олохтоохторун санитарнай нуормаҕа толору эппиэттиир ыраас уунан хааччыйыа.

Горнай уонна Дьокуускай кыраныыссатыгар бэлиэ турда  

Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Горнай уонна Дьокуускай кыраныыссатыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев кыттыылаах «Бүлүү» А-331 суол кэрчигин уонна кыраныысса бэлиэтин  өрөгөйдөөх арыллыыта буолбута. Федеральнай суолу тутааччылар 30 км усталаах суолу саҥардан үлэҕэ киллэрбиттэрэ. Дьокуускайтан асфальтаммыт суол Горнай улууһугар кэлэн, эһиил Бэрдьигэстээххэ тиийиэҕэ. «Бүлүү» суола Иркутскай уобаласка тиийэ оҥоһуллан, Өлүөнэ нөҥүө муоста тутулуннаҕына, Магаданы кытта быһа сибээһи холбуур соруктаах.

Уус Маайа суола

Сэтинньи 23 күнүгэр “Амма –Уус Маайа” өрөспүүбүлүкэтээҕи суол үлэҕэ киирбитэ. Бу суол Уус Маайаттан Аллараа Бэстээххэ диэри алларанан сырыыны олохтуур. Мантан сиэттэрэн, Уус Маайа улуус тупсарыгар улахан хардыы буолар.

Бэстээххэ дьону таһар бастакы пуойас кэллэ

Атырдьах ыйын 5 күнүгэр, Аллараа Бэстээх тимир суол ыстаансыйатыгар «Комсомольская правда» дьону таһар пуойас кэлбитин үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтээһин буолбута. Тэрээһин  ЫБСЛКС 100 сылыгар уонна Тимир суол үлэһитин күнүгэр анаммыта.

Хатыстыырга оҕо саада

Ахсынньы 12 күнүгэр Алдан оройуонун Хатыстыыр нэһилиэгэр 98 миэстэлээх “Сардаана” оҕо саада тутуллан үлэҕэ киирдэ. Оҕо саады  «Алмазэргиэнбанк», «Востокпромстрой» ХЭУо уонна өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата туттулар. “Сардаана” оҕо саада Хатыстыыр нэһилиэгин социальнай сайдытыгар улахан оруоллаах.

Аммаҕа стадион арылынна

Балаҕан ыйын 15 күнүгэр, Амма Солобуодата тэриллибитэ 366 сылыгар саҥа спорт саалата уонна 3 тыһыынча миэстэлээх, сүүрэргэ ичигэс манежтаах стадион үөрүүлээх аһыллыыта буолла. Амма нэһилиэгэр тутуллубут спорт саалата федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи бүддьүөттэн үбүлэннэ. Эбийиэккэ тустуу, спорт араас көрүҥүнэн дьарыктанар саалалар бааллар. Стадион тутуута 436 мөлүйүөн 499 тыһыынча солкуобайга тэҥнэстэ. Стадион иһэ-таһа сахалыы истииллээх. Эһиил от ыйыгар манна Саха сирин норуоттарын 7-с спортивнай оонньуулара ыытыллыахтара.

Найахы суола оҥоһулунна

Ахсынньы 12 күнүгэр Уус-Алдан улууһун Дүпсүн — Найахы хайысха уруккуттан мөлтөх туруктааҕынан, бадарааннааҕынан аатырар суола үлэҕэ киирбитэ.  Билигин 18 км усталаах суол өрөмүөннэнэн, саҥардыллан айанньыттарга, улуус социальнай-экономическай сайдыытыгар даҕаны төһүү күүс буолуоҕа.

Денисовскай шахта

Муус устар 26 күнүгэр, «Колмар» хампаанньа Нерюнгри оройуонугар Денисовскайдааҕы хайа байытар фабрикатын үлэҕэ киллэрбитэ. Денисовскайдааҕы шахтаны “Колмар” 2007 сыллаахха атыыласпыта. 2009 сыллаахха бастакы, оттон 2015 сыллаахха иккис уочаратын олоххо киллэрбитэ. Билигин 2 мөл. тонна үчүгэй хаачыстыбалаах чоҕу хостууллар уонна араас таһымнаах концентраты оҥорон таһаараллар.

Николай Попов бэлэмнээтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0