Суоллааҕы бэлиэтээһин: Хаҕыс санаа хаарыйбатах дойдутугар

Ааптар: 
24.08.2018
Бөлөххө киир:

Иннибитигэр уп-уһун, көбүс-көнө суол тыргыллар. Иэйии араас утахтарын айылҕа мындырдык нарылаан, күн сардаҥата күлүмүрдүү сытар урсунтан тэйиэккэлии оонньуурунуу, айаҥҥа баран эрэр дьон сирэйбит-харахпыт чаҕылыҥнас, туттарбыт-хаптарбыт сымса, чэпчэки. Бу маннык өрө көтөҕүллүүлээх олус ыраах дойдуга аттанныбыт: уон буолан киэһэ ханна тиксэрбитинэн аара хонон, сынньанан ыла-ыла, Сахабыт сирин соҕуруу уһугар сытар саамай кытыы нэһилиэктэргэ, Бэлиэдэй өрүс үрдүгэр турар Толооҥҥо, Ынньаалыга айаннаатыбыт.

edersaas.ru

Сайыҥҥы куйаас, туох барыта ситэн-хотон, тупсан турар күннэригэр быылын-буорун көтөхпүтүнэн өрө үллэн олорор Бүлүүлүүр суол устун айаннаан, Үөһээ Бүлүү Ороһутугар Мария Гаврильевнаҕа, суоппарбыт Александр ийэтигэр, тиийэн кэллибит. Сөп-сөрүүн, кип-киэҥ бэркэ хонон туран, ардах уутунан суунан-соттон, уһун айаммытын салҕаатыбыт.

Бардах аайы быыла намыраан, суола көнөн, нэксиэтэ сүтэн, ото-маһа уларыйан, бииртэн биир солбуллубат хартыына арыллан истэ. Өр-өтөр буолбакка, Ленскэй улуус Чамчатыгар Андрей Прокопьевич уонна Розалия Кирилловна Потаповтар дьиэлэригэр тиийэн кэллибит. Уһун суол тухары Танара үрэххэ эрэ чомполонон, сөрүүкээн ылбыппыт, онон сөтүөлүүр баҕабыт баһаам этэ. Онон Чамчаҕа, Ньүүйэ өрүс сүүрүктээх уутугар астына сөтүөлээтибит, киэһэтин дьиэ аҕа баһылыга баанньык оттон, үөрүүбүт муҥура суох буолла.

Аттаммыппыт төрдүс күнүн сарсыардатыгар тиийиэхтээх сирбит суолун төрдүн туттубут. Толооҥҥо диэри уунан эбэтэр «Сургутнефтегаз» хампаанньа суолунан тиийэххэ сөп. Биһиги ордук табыгастаах иккис суолунан айанныырга көҥүл ыларга эрдэттэн сайаапка түһэрэн иһэрбит. Чамчаҕа кэлэн билбиппит, хата, көҥүллээбиттэр. Онон, хайа быыһынан, түһүүлээх-тахсыылаах эрээри көбүс-көнө суолунан айаннаатыбыт. Үрдүк сыыры дабайан истэхпитинэ, үөһэ, суолбут хабайар хаба ортотугар маннык быһаарыылаах түгэннэр Үрдүк күүстэр көҥүллэринэн буолалларын көрдөрөн, айылҕа маанылааҕа муостарын адаарытан, чынайыаҕынан чынайан турар эбит. Балай эмэ өр турда, онтон сүрдээх сымсатык, имигэстик хамсанан халыҥ хахха тыатыгар киирэн хаалла.

Соҕуруу соҕуруу курдук, ото-маһа үрдүгэ, хойуута, көрүҥэ элбэҕэ, өҥө-дьүһүнэ чаҕылыйан олус да омуннаах. Тиийиэхтээх сирбитигэр түүнү баттаһа тигинэтэн кэллибит. Таисиябыт кэргэнэ Владимир тиэргэнин таһыгар тахсан, былыргыттан билсэр дьонун курдук үөрэ көрүстэ. Бачча ыраах, сабыылаах кэриэтэ дойдуга саха дьонун олоҕо-дьаһаҕа хайдаҕын билсэ кэлбит сорукпутун толорон, кэпсээн-ипсээн төрдүттэн аргыый хоҥнон, хомуллан, амтаннанан, сүмэлэнэн, сүүрүөхтээх сиринэн сүүрүгүрэн барда. Сарсыҥҥы киэһэтигэр Толоон олохтоохторун кытары көрсүһэн, кэпсэтэн, оһуохай түһүлгэтин төрүттээтибит. Владимир уонна анаан-минээн биһигини ыла кэлбит Рим диэн булчут уол көмөлөрүнэн, Ынньаалы дэриэбинэтигэр тиийэммит, эмиэ бэрт сэргэх тэрээһини ыыттыбыт.

Ыаллар тиэргэннэрэ уурбут-туппут курдук ыраас, олбуордара көнө, уулуссалара күп-күөх, бары барыта орун-оннугар… Тула өттүгэр үллэ-үллэ үүнэ турар күөх тыа, алла-алла арылыйан иһэр араас от, дьэрэкээн сибэкки. Ону ол диэбэккэ, хас биирдии ыал тиэргэнин иһэ олордуу сибэккинэн толору, онтуларын, көннөрү да буолбакка, бэсиэккэлээн, оллоон оҥорон, уста сылдьар кубалардаан, быһата, олохторун хас биирдии түгэнин остуоруйа гынан симии-киэргэтэ олороллор эбит. Дэриэбинэ иһигэр массыына көлүөһэтэ эрэ сөп түбэһэр суола субуллар, икки кытыыта күөх отунан лөглөйбүт.

Массыыналаахтарга оту тэпсимэҥ, биир суолунан сылдьыҥ диэн этэн кэбиһэбит, – диэн үөрэн чоҕулуҥнуу, сабыс-саҥа дьиэ тутан дьэндэппит, ып-ыраас туттуулаах Рим киэн тутта кэпсиир.

Төһө да киэҥ Арассыыйа уйгутун туһугар сиртэн хостонор баайа туһаҕа тахса турдар, суол-иис уустугуттан аҕыйах сырыылаах буолан, дьалкыҥнаан да көрбөтөх, өссө да хойуу салгыннаах, хаҕыс санаа хаарыйбатах аһаҕас, аламаҕай дьоннордоох Толоон уонна Ынньаалы сирэ-уота хас биирдиибит кутун-сүрүн сүөгэйдээх арыынан соппуттуу чөллөөн, ыраастаан кэбистэ, олохпут тухары сылаастык саныыр биир күндү дойдубут буолла.

Уһун айаммытыгар хонон ааспыт дьоммутугар: Мария Гаврильевнаҕа, Андрей, Розалия Потаповтарга, Толооҥҥо түспүт ыалбытыгар Таисия, Владимир Корниловтарга, Фая Подольскаяҕа, төннөн иһэн Ньурбаҕа хоммут ыалбыт ийэтигэр, Антонина Никитичнаҕа, сиртэн халлааҥҥа диэри барҕа махталбытын анаатахпыт буолуохтун! Эһиги бу айаҥҥа сылдьыбыт дьоҥҥо таптал кыымын сахпыт, иһирэх сыһыаны арыйбыт туохха да тэҥнэммэт өҥөлөөххүт. Үтүөттэн үтүө үксүү турар, тапталтан таптал айыллан иһэр… Сырдык тыыны арчылыыр, олох оҥкулун оҥорор, кэтит кэскили тэнитэр, саха буолар саргыны салайар, урааҥхай буолар уйгуну олохтуур оол үйэлэр уҥуордарыттан, былыргы дьыллар сахтарыттан өбүгэ билиитэ, мындыра, сатабыла уһуктан, кустуктуу суһумнаан, тапталга суулаан, үйэ-саас тухары айымньылаах олоххут уйгута аан ийэ дайды арылыйар араҕас далбарын, күлүмүрдүүр күндү күөнүн биир кэрэ көстүүтэ буолан унаарыйа, дьэрэлийэ, чаҕылыйа, торолуйа туруохтун.

К.И.Максимова-Сайыына аатынан Духуобунас киинин методиһа Марина Ушницкая, «Саха сирэ» edersaas.ru сайтка анаан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0