Суолга сэрэхтээх буолуҥ

Бөлөххө киир:

Олунньу 13 күнүгэр “Халыма” федеральнай суолун 47-с килэмиэтиригэр киһи өлүүлээх суол быһылаана тахсыбыта. Барыллаан чахчыларынан, биир массыына суоппара  утары айаннаан иһэр массыына балаһатыгар тахсыбыт. ГИБДД иһитиннэрбитинэн,  суол саахалын таһаарбыт киһи массыына ыытар бырааба суох эбит.

edersaas.ru

Онтон олунньу 16 күнүгэр “Бүлүү” федеральнай суолун 415-с килэмиэтиригэр үс киһи эчэйиилээх суол быһылаана таҕыста. Саахал тахсыбыт төрүөтүн билигин быһаара сылдьаллар.

“Бүлүү” федеральнай суолун управлениета күн-дьыл туруга уларыйа турарынан,  халтараан буолбутунан, суолга болҕомтолоох уонна сэрэхтээх буоларга ыҥырар. Суоппардар суол быраабылатын тутуһаргыт булгуччулаах .Түргэнник айаннаамаҥ. Халтархайга саахал тахсыан сөп.

Ыксаллаах быһыы-майгы тахсар түгэнигэр управление диспетчерскай сулууспатыгар эрийиҥ: +74112441078, +79245938028.

Хаартыска интэриниэттэн туһанылынна.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0