Суолга халтараан үөскээн эрэр. Сайыҥҥы көлүөһэҕитин уларыттыҥ!

Бөлөххө киир:

ГАИ управлениета иһитиннэрэринэн, балаҕан ыйын 26 күнүгэр Мирнэй куорат микро-оройуонугар 39 саастаах дьахтар муостаҕа чугаһаан иһэн, суол мууһурбутун кыайан учуоттаабакка, халтарыйан муоста күрүөтүгэр сааллыбыт.

edersaas.ru


Дьахтар эт-хаан эчэйиитин ылан Мирнэйдээҕи балыыһаҕа тута тиэрдиллибит.
ГАИ үлэһиттэрэ, халлаан тымныйбытынан сибээстээн, ордук асфальт, бетон суол үрдүнэн чараас муус үөскүүрүн туһунан куруук сэрэтэллэр. Билигин халлаан тымныйан истэҕин аайы муус тоҥуута өссө элбээн иһиэ. Онон мантан инньэ суоппардар болҕомтолоохтук сылдьаргытыгар сүбэлииллэр.

Михаил Андреев, 30 сыл ыстаастаах уопуттаах суоппар:
Уопута суох суоппардар ардах кэнниттэн сарсыарда асфальт үрдэ мууһурарын учуоттаабакка, аһара түргэнник айаннаан кэбиһэн, быстахха былдьаналлар. Оннооҕор күһүөрү сайын сарсыарда асфальт үрдэ мууһурбут буолааччы. Онон халлаан тоҥорорун саҕана сэрэхтээх буолуохха наада.
Билигин «на все сезоны» дэниллэр көлүөһэни массыынаҕа «кэтэрдэр» уолдьаста. Оччоҕо быдан эрэллээхтик сылдьыахха сөп.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0