Бастакы түбэлтэ: Кыһыл таҥастаах дьахтар
Биһиги сайдыылаах 21-с үйэҕэ олоробут. Иччи, абааһы туһунан умнубуппут ыраатта. Ол эрээри сороҕор дьон куттанан уйулҕалара тоҕо ыстанар түбэлтэлэрэ баара киһини дьиксиннэрэр.
edersaas.ru
Арай биирдэ биир киһи күһүҥҥү хараҥаҕа оттоон баран матасыыкылынан тэптэрэн испит. Түҥкэтэх тыа буолбатах, Амма суолунан. Арай, көрдөҕүнэ, суол кытыытыгар кыһыл таҥастаах дьахтар турар уонна тохтотордуу, илиитин уунан куоластыыр үһү. Киһи соһуйбут, бачча ытыс таһынар ыас хараҥаҕа хантан кэлэн хаалбыт дьахтарый? Матасыыкылын тохтотоору бытаарбыт. Олордоору гыннаҕа дии. Тохтообут, дьахтарын диэки хайыспыта — ханна да суох үһү. Дьэ, доҕоор, киһибит этэ саласпыт, сүрдээҕин куттаммыт уонна “гаастаан” кэбиспит! Дьиэтигэр хайдах тиийбитин өйдөөбөт үһү. Дьоҥҥо кэпсээтэҕэ дии, сарсыныгар. Ону: ити сиргэ сөп буола-буола көстөр, итиннэ наар саахал буолааччы диэбиттэр.
Иккис түбэлтэ. Ытык сиргэ
Урут сэбиэскэй кэмҥэ биир нуучча суоппара саамай кытыы маҕаһыыҥҥа табаар тиэйэн испит. Аара дэриэбинэҕэ баар маҕаһыыҥҥа киирэ сылдьыбыт. Онно атыыһыт эппит: » Эн ити сиргэ урут сылдьыбытыҥ дуо?». Онуоха суоппар:» Суох, аан бастакы сырыым»,- диэбит. Бэрэдэбиэс сүбэлээччи буолбут, онно ытык харыйа баар аартык айаҕар, тугу эмит ууран ааһарыгар эппит. Суоппар аахайбатах:» Ерунда !” — диэбит. Айаннаан испит, харыйаҕа тиийбит. Харыйаны көрөрүн көрбүт да, тугу да ууран ааспатах, сир иччитин маанылаабатах. Уһун дабааны дабайан испит. Арай, хараҕын кырыытынан көрдөҕүнэ, аттыгар кабинаҕа маҕан былааттаах дьахтар олорсон иһэр үһү. Киһибит куттаныы бөҕөнү куттанан, тыыммакка да олорон айаннаабыт. Дьахтара бөһүөлэк уоттара көстүбүтүн эрэ кэннэ суох буолбут. Нуучча суоппара маҕаһыыҥҥа таһаҕаһын сүөкээн баран, аргыс көрдөөн, кыра дэриэбинэни биир гына кэрийбит сурахтааҕа.
Дойдууна, edersaas.ru