Ньурба улууһа, 1978 сыл. «Чаппанда» сопхуоска саҥа ыанньыкка биригэдьиирдээн эрэр кэмим этэ.
Биирдэ бэс ыйын ортотугар икки сыбаайба буолла. Онно салайааччыбыт “ынах сүөһүтэ өлөрөн биэр” диэн дьаһайда. Киэһээҥҥи ыамҥа Хампа пиэрмэтигэр “Беларусь” тыраахтарынан Илья Васильев, Семен Васильев уонна мин буолан айаннаатыбыт. Онно биир ынаҕы өлөрөн астаатыбыт. Ынах этин тиэйэн төттөрү Чаппандаҕа кэлэн истибит. Сайын буолан, киэһэ уон чааһы ааһыыта сырдык. Кыра самыыр түһэр, барбах-барбах ибиирэр. Саалтааныга барар суол куһаҕан буолан, вездеход да, тыраахтар да батылла сылдьар. Тыраахтарбытынан сырылатан Дөрөгөйтөн Улуу Сыһыыга киирдибит. Сыһыыны ортолоон истэхпитинэ Ньурба диэкиттэн Улуу Сыһыыны усталаан, уот баҕаналара кэлэллэр. Арай, ол баҕаналар тастарынан суолу туораан, киһи сүүрэн, ойуур диэки солооһуҥҥа барда. Ол саҕана мин эдэр буолан хараҕым сытыы этэ. Тыраахтар сыарҕатыгар олорон көрдөхпүнэ, ол киһи сириэһиннээх баата ыстааннаах уонна чылыгырыайкалаах, оттон төбөтө көстөр-көстүбэт араҕас. Мин туох киһитэ бадараан үрдүнэн түргэн баҕайытык сүүрэрий диэн муодарҕыы олордум. Ол сүүрэр киһибит тумулга, кэрии тыа мастарын быыстарыгар сүүрэн иһэн устунан хааман, сүтэн хаалла. Тыраахтар иһигэр баар дьонум көрдөхтөрө дуу, суоҕа дуу дии санаатым. Тыраахтарбыт суол быһа охсуутугар тохтоото. Тохтоон кэпсэппиппит, кинилэр эмиэ көрбүттэр эбит. Сэмэн – сытыы, куттаҕаһа суох киһи, тыраахтар көлүөһэтин үрдүгэр туран: “Абааһы буоллаххына антах бар, киһи буоллаххына бэттэх кэлэн кэпсэт”, — диэтэ. Уу-чуумпу. Аны ол “киһибит” оннооҕор бадарааҥҥа суолун хаалларбатах эбит, туох да суола көстүбэт. Сэмэн ону көрөн баран ах барда, түргэн соҕустук тыраахтарбытыгар олороот айаннаатыбыт.
Биирдэ эмит ол дьоммун кытта көрүстэхпитинэ, туох киһитэ сылдьыбыта буолуой диэн дьону кытта кэпсэтээччибит. Ол көрбүппүтүн билиҥҥэ диэри таайа саныыбыт да билбэппит. Суола суох киһибит, арааһа, атын эйгэ киһитэ буолуо диэн сэрэйэбит.
«Саха сирэ» хаһыакка, edersaas.ru саайтка анаан
Александр Пшенников.