Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысхатынан суол сабылыннаҕына, алтынньы 19 күнүттэн «Полярные авиалинии» АХ пассажирдары уонна таһаҕаһы таһыаҕа.
Ол курдук, туһааннаах хампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Маҕан – Манньыаттаах (Аллараа Бэстээх) – Маҕан хайысхатынан бөртөлүөтүнэн дьону таһыахтара. Тарыып – 4000 солкуобай. Оттон таһаҕаһы Хатас – Манньыаттаах – Хатас хайысхатынан тиэйиэхтэрэ.
Бөртөлүөт расписаниетын уонна да атын туһааннаах ыйытыылары 44-31-16, 8914-305-91-73 төлөпүөннэргэ эрийэн билсиҥ.
Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1