Бүгүҥҥүттэн, ол эбэтэр сэтинньи 8 күнүттэн, суол «круговой» силбэһиитигэр айанныырга саҥа быраабыла киирдэ. Ол курдук, дойду премьер-миниистирэ Дмитрий Медведев бу быраабыла уурааҕар алтынньы 30 күнүгэр илии баттаабыта.
Саҥа быраабыла ис хоһооно маннык: «Круговойунан» айаннаан иһэр массыынаны суолтан киирэр массыына хайаан даҕаны аһардыахтаах. Бу быраабыла айан бэрээдэгин наардыыр уонна кутталлаах балаһыанньа тахсыбатын туһугар ылылынна.
Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1