“Суох, бэйэм сирбэр турабын…”

Ааптар: 
09.04.2022
Бөлөххө киир:

Сэһэн Ардьакыап норуотун, дьонун-сэргэтин уоһуттан түспэтэх киһи. Кини мындыр өйүн, кими баҕарар бэркиһэтэр билгэһитин, өтө көрөр көрбүөччүтүн туһунан номох бэрт элбэх. Ол гынан баран, бу киһи норуотугар туох быһаччы өҥөлөөҕүн, кини кимин-тугун умна быһыытыйан барбыппыт. Хата, ону сөргүтэр түмсүү отучча сыл анараа өттүгэр Уус Алдан улууһун Тумул дэриэбинэтигэр буолан ааспыттаах.

1789 сыл балаҕан ыйын 18 күнэ. Ити күн, 208 сыл анараа өттүгэр, 40-чатын ааспыт Алексей Аржаков нуучча ыраахтааҕыта Екатерина II кытта сахалар ааттарыттан сирэй көрсөн, 2,5 чаас устата ирэ-хоро кэпсэтэн тахсыбыттаах. Кини ыраахтааҕыга киирэн баара-суоҕа 15 мүнүүтэ олоруохтааҕа. Екатерина II курдук улуу дойду императорыгар өйүнэн, тылынан-өһүнэн, туттар быһыытынан, тас көрүҥүнэн сөбүлэппэтэҕэ буоллар, итиччэ уһуннук кэпсэтиэх туһа суоҕа.

Ити икки ааттаах, аҕатын аата биллибэт киһи кимий? Эһээтэ, аҕата нуучча аҕабыытыгар сүрэхтэммэтэхтэр, ол аата хрис­тианствоны ылына илик эбиттэр. Оттон бэйэтэ сүрэхтэнэригэр ылыммыт аата Алексей Аржаков диэн. Оҕо сылдьан Дьокуускайга нуучча атыыһытыгар дьиэ үлэһитэ буолбут, сүрэхтэнэригэр ол киһи араспаанньатын ылынна ини диэн дэҥҥэ иһиллэр үһү­йээн баар. Оччотугар Аржаковка тоҕо “Сэһэн” диэн иккис аат иҥэрилиннэ? Учуонай З.И.Петухова бигэргэтэринэн, оччотооҕуга, ол да иннинэ, аҕа уустарын баһылыктара икки көмөлөһөөччүлээх буолаллара. Олортон биирдэстэрэ – ойуун. Иккиһэ – уруккуну-хо­­йуккуну ырыҥалыыр, сэһэнньит, эмиэ да инникини ыйдаҥардар сүбэһит. Онон, Алексей Аржаковка “Сэһэн Ардьакыап” диэн иккис аат иҥмитэ туох да мунааҕа суох. Кини, кырдьык да, дириҥ өйдөөх, ураты мындыр киһи этэ.

“Сахалар тустарынан былаан”

Бу киһи – Сэһэн Ардьакыап – Бороҕон улууһун кулубата буолан олорон, дьэ, ол ыраахтааҕыга тиийэр. Туох иҥнигэс буолбута биллибэт, ыраахтааҕыга сирэй кыайан киирбэккэ, икки сыл кэриҥэ, өссө ордук дуу кэмҥэ Петербурга олорбут. Онно кини курдук киһи таах сылдьыа баара дуо? Дьону, ордук үрдүк сололоохтору кытта хайдах кэпсэтэргэ, хайдах туттан сылдьарга, ­ньуосканы-бииккэни хайдах тутан аһыырга тиийэ үөрэммит.

Ыраахтааҕыга киирэн Сэһэн Ардьакыап “Сахалар тустарынан былаан” (“План о якутах”) диэн ааттанар суругун туттаран тахсыбыта дьиҥ-чахчы буолбут суол. Ол суругун архыыптан булан наука эйгэтигэр таһаарбыт киһинэн уруккунан СГУ бэрэпиэссэрэ М.М.Федоров буолар. Сурукка сахалар урукку, Сэһэн үйэтин иннинээҕи, Сэһэн кэминээҕи олохторо туора киһи бэркиһиэн курдук дириҥник ырытыллыбыт. Онтон үс суолу ураты тутан ­ааҕааччыга тириэрдэбит.

Хааһына, ол аата судаарыстыба, малын, сэрии дьонун (воинскай этэрээттэри), аһы-таҥаһы нууччалар кэлиэхтэриттэн, ол аата 150 сыл кэриҥэ сахалар тастылар, онон, Хабаровскай туругура илигинэ, Амур өрүһүнэн суол суоҕуна, Арассыыйа Чуумпу акыйааҥҥа тахсарыгар Азия хотугулуу-илиҥҥи өттүн баһылаан, “онно бигэргииригэр” тирэх буолбуттара диэн суруйбутун. Ити биирэ. Иккиһинэн, сахалар эмиэ балтараа үйэ усталаах-туоратыгар биир-биэс харчыта суох дьа­һаах төлөөбүттэрэ, атыннык эттэххэ, түүлээҕи бултаан биэрэ олорбуттара. Холобур, Арассыыйа олоҕун тосту уларыппыт Улуу Бүөтүр саҕана ыраахтааҕы хааһынатыгар үп хайа тыырбыт аҥаара күндү түүлээхтэн киирэрэ. Ол түүлээх үксэ Саха сириттэн тии­йэр кэмэ кытта баара. Быһата, Саха сирэ биэрэр түүлээҕэ оччолорго Арассыыйа судаарыстыбатын экэниэмикэтигэр, инники сайдарыгар билиҥҥи алмаас­тааҕар быдан улахан сабыдыаллааҕа. “Сахалар дьаһааҕы бүтүннүү киллэрэллэрэ” диэн этии ис хоһооно оннук.

Сэһэн Ардьакыап сахалар Арассыыйаҕа “иирсээнэ суох, көҥүл өттүлэринэн киирбиттэрэ” диэн ураты тутан бэлиэтиир. Ол эрээри кини итини ыраахтааҕыга тылын ылыннараары эрэ суруйбута буолуо дии саныыр табыгаһа суох. Чэ, бэйэҕит толкуй­даан көрүҥ, ыраахтааҕыны кытта кэпсэтэ олордоҕуна, анарааҥҥыта Арассыыйаҕа кэлэн олорорун күөйэ-хаайа этэн барбытыгар, Сэһэн Ардьакыап: “Суох, мин бэйэм төрөөбүт буорбар турабын”, – диэн соһуппут эбит. Кини Арассыыйаҕа көҥүл өттүнэн киирбит Саха сирин дьонноругар, сахаларга, син биир Арассыыйа хайа баҕарар дьонноругар, омуктарыгар курдук сыһыаннаһыҥ диэри тыл ыһыктыбыт буолуон сөп.

Үрүҥ ыраахтааҕыны утары көрөн туран

Дьэ, итинник дириҥ, дипломат өйдөөх, бэл ыраахтааҕыттан толлубакка, тэҥҥэ туттан кэпсэппит киһи туруорсуута да боччумнаах.

Бастатан туран, Сэһэн Ардьакыап Арассыыйа сахалары олус ыар хабалаҕа ылбытын төлөрүтэргэ туруорсар. Биир саамай ыарахан түһээн оччотооҕу сахаларга таһаҕас таһыыта буолар. Холобурун ыллахха, ыраахтааҕы былааһа олохтонуоҕуттан икки үйэ устата ити түһээни толуйарга сыл ахсын 2 тыһыынча саха 12 тыһыынча атынан үлэлээбитэ. Сайын өрүстэринэн таһаҕаһы, дьону тиэрдиигэ эмиэ сахалар, уу аалларын бурлактар курдук соһоллоро. Бу ыар үлэттэн, кэлээччи-барааччы атаҕастабылыттан, араас быһылааҥҥа түбэһэн өлүү-сүтүү элбэҕинэн олохтоох нэһилиэнньэ биир баар-суох иитимньитэ – сылгы аҕыйааһыныттан саханы быыһыыр-босхолуур туһугар кини ыстаансыйаларга нууччалары олордуохха, оҥочо соһуутун хаайыылаахтарга сүктэриэххэ диэн туруорсар.

Саха бэйэтин бэйэтэ сала­йынан, ол аата, судаарыстыба тэринэн олороругар сыһыан­наах маннык үс этиилээх: ыспыраабынньыктары саха олоҕун, тылын билэр дьонтон аныахха; уобаласка саха баһылыгын (кулуба биитэр баһылык) дуоһунаһын олохтуурга; суобас суутун тэри­йэргэ: оннук суукка уобаласка саха баһылыгын, улууска кулуба, нэһилиэк кинээстэрэ киллэрил­лиэхтээхтэр диэн.

Маны тэҥэ Сэһэн сири чааһынай бас билиигэ биэрии аанын аһар биир туспа бэрт сиэрдээх этиини киллэрэр. Кини суруйарынан, сири (солооһуну, ходуһаны) ким оҥорбут, ким туһаҕа таһаарбыт, ол бас би­­лиэхтээҕэ.

Сэһэн Ардьакыап туруорсууларыгар барыларыгар кэ­­риэтэ дьаһал ылыллыбыта диэн ураты бэлиэтиэх тустаахпыт. Ыраахтааҕыттан 1790 сылга Иркутскай күбүрүнээтэригэр анал рескрипт кэлбитэ. Онно Саха сиригэр олохтоох омук оҕолорун үөрэтэр (эмиэ Сэһэн туруорсуутунан) училищены аһары, ыспыраабынньыктары саха тылын билэр дьонтон аныыры тэҥэ, саха баһылыгын талар сөбүн туһунан этиллибитэ. Кэнники да буоллар, сахалар бурлак курдук оҥочону соһоллоро тохтотуллубута. Дьаам сүүрдүүтэ Нуучча сириттэн көһөрүллэн кэлбит бааһынайдарга сүктэриллибитэ. Арай сахалары үйэ саас тухары кылгас сонноо­бут таһаҕас таһыытын ­ыраахтааҕы кинилэртэн төлөрүппэтэҕэ. Оттон саха баһылыгын талар туһунан ыраахтааҕы дьаһала олохтоох күбүрүнээтэрдэр утараллара бэрдиттэн олоххо киирбэтэҕэ.

Ыраахтааҕылаах Арассыыйа саҕана Сэһэн Ардьакыап курдук дойду үрдүкү былааһыгар тылын итиччэ ылыннарбыт киһи сахалартан баар буола сылдьыбатаҕа. Кини туруорсуутунан тус­таах кэмигэр да, кэлин да ылыллыбыт дьаһаллар саха норуотугар хайдахтаах курдук тыын суол­таламмыттара өйдөнөр. Сэһэн Ардьакыап – норуоттан тахсыбыт, чахчы норуотун туһугар олох олорон ааспыт бөдөҥ диэ­йэтэл, улуу бөлүһүөк буолар. Ону “Сахалар тустарынан былаанын” тэҥэ, Степной Дууманы тэрийиини өйөөбүтэ, онуоха кыттыбыта, саха баһылыгын атыттар ити дуоһунаһы көлүөнэттэн көлүөнэҕэ, ол аата аймахха биэриэххэ дии турдахтарына, икки сылга болдьохтоон быыбарынан талыахха диэн туруорсуута эндэппэккэ кэрэһилииллэр.

Сэһэн Ардьакыап олоҕун салгыы чинчийэн, кини сахаҕа су­­даарыстыбаннас тэриллэн барыытыгар үтүөтүн сыаналаан, сырдык аатын ытыктыы ааттаан, үйэтитиэх кэриҥнээхпит.

 Миитэрэй Кустуурап, саха суруналыыстыкатын  93 cаастаах Ытык кырдьаҕаһа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0