Сөмөлүөтүнэн көтүү бырайыаһа ыараханын иһин үгүс дьон такси өҥөтүнэн туһанар. Быйыл сайыҥҥыттан саҕалаан такси суоппардара сыаналарын биллэрдик үрдэттилэр. Бу үрдэтиини үгүстэр сөбүлээбэтилэр. Ордук Бүлүү умнаһын улуустарыгар (Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Сунтаар, Мирнэй) дьону тиэйэр таксистар наһаалыыллар диэн этэллэр.
Гааһынан сылдьар эрээри…
Билиҥҥи тарыып Сунтаарга диэри 5500, Үөһээ Бүлүүгэ 2500, Бүлүү куоракка 2500 солк буолан турар эбит. Бу сайын итилэр сыаналара биир тыһыынча курдугунан чэпчэки этэ. Бу үрдээһини үгүс таксистар суол мөлтөҕүн кытта сибээстииллэр. Сайын устата федеральнай суолга хас даҕаны учаастакка суол өрөмүөнү күүскэ ыытылынна, билигин да ыытылла турар. Оннук айылаах мөлтөх диир хайдах да табыллыбат, 10-15 сыллааҕы суол буолбатах. Иккиһинэн, «Хайс–миллионник» дэниллэр (12-14 киһини ылар) микро-оптуобустаахтар гаас уматыгынан сылдьаллар. Билигин биир лиитирэ гаас сыаната 22 солк. Бүлүү куоракка диэри хас даҕаны сиргэ «ЯТЭК» ААУо гаас уматыгы атыылыыр саппараапкалара тураллар. Бүлүү куорат Дьокуускайтан 600-чэкэ км ыраах. Бензининэн сылдьар «Хайс-миллионник» Бүлүүгэ диэри, ортотунан, 100 лиитирэнэн тиийэр, ол аата, ортотунан, 5000 солк. барыыр. Оттон гаас уматыктаахтар, ортотунан, 110-120 лиитирэнэн тиийэллэр эбит. Маны 22 солк төгүллээтэххэ, 2400-2600 солк буолар. Ол аата бара-кэлэ, ортотунан, 5000-6000 солк барыыллар. Оттон бензин уматыктаахтар бара-кэлэ 10000-11000 солк. туһаналлар. Манна көстөрүнэн, гаас уматыктаахтар харчыга ночоотуруулара икки төгүл кыра. Ол гынан баран, дьону тиэйэр тарыыптарын үрдэтэллэрэ соччо-бачча өйдөммөт.
Улуус такситын хонтуруоллуохха
Сыана тоҕо хонтуруолламматый? Дьону таһыыга куорат, бөһүөлэк иһигэр анал маршрутунан сылдьар оптуобустарга эрэ тарыып анаан-минээн бигэргэнэр. Манна бэрээдэктэнэр уонна бэрээдэктэниллибэт тарыыптар бааллар. Куорат иһигэр сылдьар маршрутнай оптуобустар үлэлэрин сакаасчыт дьаһайар буолан, тарыып бэрээдэктэниллэр кыахтаах. Оттон улуустарга сылдьар таксилар тарыыптарын ханнык да тэрилтэ быспат, өҥөнү оҥорооччу бэйэтэ быһаарар. Ол аата, кэлин тиһэҕэр улуустарга сылдьар таксистар сыананы үрдэтэллэрин-үрдэппэттэрин суобастара эрэ быһаарар курдук буолан тахсар. Ол суобастарын хармааннарыгар уктубуттар ээ. Харахтарыгар харчы кыбыллыбыт диэххэ эрэ сөп.
Кинилэри үчүгэйдик бэрэбиэркэлиэххэ баара
Таксистар сыананы кыбыстыбакка үрдэтэр буоллахтарына, кинилэр анал көҥүллээх, көҥүлэ суох үлэлиир буоллахтарына, кыбыстыбакка үчүгэйдик бэрэбиэркэлиэххэ баара. Дьону таһыыга үс көрүҥ хайысха баар. Бастакытынан, легковой такси, иккиһинэн, сакаас быһыытынан үлэлиир, үсүһүнэн, куорат иһигэр сүүрэр маршрутнай оптуобустар. Улуустарга дьону тиэйээччилэр сакаас быһыытынан үлэлээччилэргэ киирсэллэр.
2009 сылтан баччаҕа диэри 1779 киһиэхэ дьону тиэйиинэн дьарыктаналларыгар анал докумуон бэриллибит. Мантан улуустарга сылдьааччылара 517 (сакаас быһыытынан үлэлээччилэр) эрээри, бары дьону тиэйиинэн дьарыктаналлар диэн этэр кыахпыт суох. Иккис көрүҥҥэ хабыллааччыларга, хомойуох иһин, сакаас быһыытынан үлэлииллэригэр анаан уведомление диэн ааттанар докумуону эрэ биэрэллэр. Атын көрүҥнэргэ, анал ирдэбили ааспыттарга, лицензия диэни туттараллар. Оттон уведомление диэни баҕалаахтарга барыларыгар аҥаар кырыытыттан туттаран иһэллэр, кинилэр хайдах тимир көлөлөөхтөрүгэр наадыйбаттар, кэтэх урбаанньыт эрэ буоллуннар.
«Үбүлүөйгэ айаннаан иһэбит»
Онон сакаас быһыытынан үлэлээччилэри сокуон хараҕынан хонтуруоллуур билиҥҥитэ кыаллыбат. Элбэх киһи ол «уведомление» диэннэрин ылбакка да дьону таһыынан дьарыктаналлара мэлдьэх буолбатах. «Госавтонадзор» управление үлэһиттэрэ ыйга иккитэ тахсан рейдэ оҥороллор эбит эрээри, ол көдьүүһэ букатын кыра. Тоҕо? Анал уведомлениета суох сылдьалларын дакаастыыр олус уустук эбит. Олорсон иһээччилэр “Бу аймахпыт тимир көлөтүнэн үбүлүөйгэ баран иһэбит”, — диэн албыннаан кубарыттылар даҕаны бүтэ турар. Ол аата «бэйэ туһатыгар оҥоһуллар өҥө» (перевозка для собственных нужд) диэн буолан, хайдах даҕаны миэрэҕэ тардар кыахтара суох. Пассажирдар “Таксига олорсон иһэбит” диэтэхтэринэ биирдэ эрэ саҕаларыттан харбыыр кыахтаахтар. Дьон биири өйдөөбөтө сөхтөрөр. Анал көҥүлэ суох суоппарга олорсон, олохторугар, тыыннарыгар кыһаллыбаттарын көрдөрөллөр.
Лицензия киирэрэ буоллар…
Сакааһынан дьону таһыы көрүҥэр лицензия киирэрэ буоллар, хонтуруол лаппа кытаатыа эбит. Таксистаан килиэптэниэн баҕалаахтар анал ирдэбили толорон, айан лиистээх (путевой), тимир көлөлөрүн таксистыылларын туһунан учуокка туруоруо, доруобуйаларын туругун көрдөрүө, техническэй өрөмүөнү кэмигэр ааһыа этилэр. Ити анал докумуон суоҕун туһанан, ким баҕалаах, ким тимир көлөлөөх таксилыыр. Суоппардыыр быраап хаһан ылыллыбыта иҥин учуоттаныллыбат.
Госдуума дьокутааттара бу күннэргэ сакааһынан өҥөнү оҥоруу оннугар лицензияны киллэрэр сокуон бырайыагын көрүөхтээхтэр, сөптөөх быһаарыныыны ылыналлар ини диэн эрэнэбит.
Сыыппара
Улуустарга сакаас быһыытынан үлэлиир (уведомлениены ылбыттар) кыахтаах суоппар ахсаана:
23 — Амма, 83 — Чурапчы, 28 — Алдан, 52 — Нерюнгри, 39 — Уус Алдан,
197 — Бүлүү бөлөх улуустарга (Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Сунтаар).
Балартан үгүстэрэ үлэлээбэттэр.
Исписэлиистэр санаалара
«Үҥсүөхтэрин наада»
Павлина Гаврильева, «Госавтонадзор» управление кылаабынай иниспиэктэрэ:
– Пассажир ханнык баҕарар таксистан дьону тиэйэргэ анал докумуоннааҕын ыйытар толору бырааптаах. Анал докумуона (уведомление) суох буоллаҕына, тустаах уорганнарга тута үҥсүөн сөп. Ыраах айанныыр улахан сэрэхтээх. Техническэй өттүнэн бэлэмэ суох массыыналаах таксистарга олорсор улахан сэрэхтээҕин пассажирдар өйдүөх тустаахтар.
«Лицензиялыахха наада»
Георгий Васильев, ГАИ техническэй көрүүгэ иниспиэктэрэ:
– Таксистары хонтуруоллуур лицензия суоҕа куһаҕан. Билигин ити аҥаардас уведомление эрэ баар буолан, ким баҕалаах таксилыыр кыахтаах. ГАИ үлэһиттэрэ, төһө кыалларынан, рейдэҕэ тахсан бэрэбиэркэлиибит эрээри, барыларын хайдах даҕаны көрөр-истэр кыахпыт суох. Мин санаабар, таксистары бэрэбиэркэлиир, кинилэринэн быһаччы дьарыктанар тэрилтэ баара буоллар, быдан көдьүүстээх буолуох этэ.
Александр Тарасов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru