2018 сыллаахха саха норуодунай артыыһа Герасим Васильевы кытары кэпсэтэрбэр, саха суруйааччыта Иван Гаврильевич Алексеев норуот номоҕор олоҕуран суруйбут “Суоһалдьыйа Толбонноох” айымньытынан испэктээк туруоруохтарын баҕаралларын туһунан этэн турардаах. Онно кини оонньообут оруолларыттан Чайыҥданы уонна Дорогуунап Ньукулайы тэҥнии тутан, ол иһигэр ыарахан оруол артыыс олоҕор дьайыытын, кэпсэппиппит. Ол гынан баран, “Суоһалдьыйа Толбонноох” араас төрүөтүнэн Саха тыйаатырын сыанатыгар тура илигэ.
Онтон аҕыйах сылынан тыйаатыр сүрүн режиссера, эдэр кэскиллээх режиссер Руслан Тараховскай толкуйунан көрөөччүлэргэ тиийэр дьоллоох уонна долгутуулаах күнэ тосхойдо. Үгүспүт да, бу испэктээк өссө 1975 сыллаахха көрдөрүллэн, дьон-сэргэ уолуһуйбутун, артыыстар талааннаах оонньууларыттан долгуйбутун, кэлин араас дьикти быһылааннар тахсыбыттарын туһунан уос номоҕо баарын бары да истэн-билэн кэллэхпит. Баҕар ол да иһин буолуо, артыыстартан ээр-сэмээр туоһуласпыт бастакы ыйытыыбынан “Сиэр-туом толорулунна ини?” диэн буолбута…
“Иччилээх айымньыга курдук сыһыаннаһан туруордубут”
Руслан Тараховскай айар үлэтин Саха тыйаатырыгар үлэлии кэлиэҕиттэн кэтээн көрөбүн, олоҕу көрүүтүн, умнуллан эрэр сыаннастары өрө тутарын биһириибин. Чуолаан, кини улахан күүркэтиитэ суох, классическай үлэлэрин хайҕыыбын. Соторутааҕыта “Чолбон” сурунаалга: “Биһиги, тыйаатыр, ускуустуба, култуура үлэһиттэрэ, үрдүкү Айыылар бэйэлэрэ анаабыт дьоҕурдарынан кинилэргэ сулууспалыахтаахпыт, үйэлээх сыаннастары дьүһүйэн көрдөрүөхтээхпит, дьоммутун-сэргэбитин сырдыкка-кэрэҕэ тардыһыннарыахтаахпыт. Төрүт култуурабыт, норуоппут үйэлээх сыаннастарын өрө тутуохтаахпыт, өбүгэ үгэһин харыстыахтаахпыт. Оннук дьаһаннахпытына эрэ аныгы үйэҕэ биһиги төрүт үгэспит, ийэ тылбыт тыыннаах хаалар туруктаах”, – диэн санаатын сайа эппитэ. Ол да курдук, кини тыйаатырга пьеса быһыытынан туруоруллубут үс номохтон (“Лоокуут уонна Ньургуһун”, “Сыгый Кырынаастыыр”) биирин “Суоһалдьыйа Толбоннооҕу” сонуннук туруорарга ылсыбытыгар көрөөччү быһыытынан махтанабын.
“Биһиги ытык киһибит Герасим Семенович “Суоһалдьыйа Толбоннооҕу” көрөөччүгэ бэлэхтиир баҕа санаатын истэн уонна айымньыны ааҕан баран, испэр иитиэхтии сылдьыбытым. Тыйаатыр устуоруйатын билээччилэр уонна артыыстарбыт этэллэринэн, кинилэр артыыс быһыытынан иитиллэн тахсалларыгар улахан тирэх буолар айымньы. Көрөөччүлэр да күүттүлэр – санаа, кэнсиэпсийэ көрөөччүгэ куруук баар. Режиссер быһыытынан көрөөччү идеятын көрдөрөбүн эрэ дии саныыбын. Суоһалдьыйа хамначчыты таптаан алдьархайга түбэспит эрэ буолбатах, этэр санаата олус дириҥ. Дьону кытта кэпсэтэн, сүбэлэһэн көрүүттэн сылыктаатахха, аата да ааттаммат улахан удаҕан дии саныыбын. Биһиги оннук сыһыаннаһан туруордубут. Иччилээх айымньы. Уратыта диэн, артыыс оонньооһуна уонна толкуйа үчүгэй, күүстээх. Маннык саха улахан номоҕор Саха тыйаатырын артыыстара бары кытталлара эмиэ биир ураты көстүү”, – диэн санаатын үллэһиннэ.
«Суоһалдьыйаны ким оонньоото?..»
Саҥа испэктээк Саха тыйаатырын сыанатыгар 4 күн турда. Билиэт эрдэттэн бүппүтэ элбэҕи этэр. Айымньыттан туораабакка эрэ, сонун көрүүлээх, сахалыы тыынын ыһыктыбатах испэктээк буолбут. Көрбөтөх дьон бука бары Суоһалдьыйаны ким оонньуурун сэргээн ыйыталлар. Манна даҕатан эттэххэ, кырдьаҕас уонна орто көлүөнэ көрөөччүлэрэ оччолорго М.Щепкин аатынан Тыйаатыр училищетын саҥа бүтэрэн кэлбит кыыс, билигин Арассыыйа уонна СӨ норуодунай артыыската Степанида Борисова оонньообутун күн бүгүҥҥэ диэри умнубаттар, үрдүктүк сыаналыыллар. Дьэ, онтон ХХI үйэҕэ бастакы премьераҕа сүрүн оруоллары оонньоон, тыйаатыр устуоруйатыгар кимнээх киирэр буоллулар?
Ол курдук, Суоһалдьыйа Толбоннооҕу (дьиҥ аата Мойбордуур Мотурууна) Александра Сивцева, Батаһы Владимир Винокуров, Чайыҥданы Илья Портнягин оонньоотулар (дублердарга Ирина Михайлова, Дьулустаан Семенов, Альберт Алексеев бааллар). Эдэр артыыстар оруолларга табыллан талыллыбыттар уонна уобарастарын көрөөччүгэ арыйдылар. Александра Сивцева кэрэ сэбэрэтэ, нарын-намчы таһаата эрэ буолбакка, кылыһахтаах тойуга уобараһын арыйарыгар улахан тирэх буолла. Бастаан симик бэйэтэ испэктээк ортотуттан уобараһыгар дириҥник киирэн, көрөөччүнү ытатта, саха дьахтарын мындыр өйүн, тапталга бэриниитин итэҕэттэ.
Эдэр артыыстар Владимир Винокуров уонна Илья Портнягин бу иннинэ сүрүн оруолларынан көрөөччүгэ биллэ илик буоллахтарына, чахчы тыыллан-хабыллан олус бэркэ оонньоотулар, саха киһитин ис кутун бэйэлэригэр иҥэринэн сылдьалларынан эдэр ыччаттарбытынан киэн туттууну үөскэттилэр. Уолаттар оонньуулларын көрө олорон, бэл, ис куттарынан быдан дьыллартан олоҕу олорбут дьон курдук ылынным. Маладьыастар!
Лена Маркова (Күөгэйээнэ), Петр Садовников (Маҥхаадай), Ирина Никифорова (Налырдаана), Кирилл Семенов (Халыыда), Михаил Семенов (Дьаргыл), Иван Попов (Дьарҕаа), Софья Баранова-Сергучева (Тоҥсуура Удаҕан), Ала Кырсын (Зоя Попова), Павел Ченянов (Ымсыырар Хачыгыр) уо.д.а. испэктээк биир тыынынан барарыгар сүрүн уонна сүдү күүс буоллулар. Бары да ыллам ырыа, кыынньар кылыһах, хомоҕой хоһоон эгэлгэтин киһи эрэ куйахата күүрүөх толороллор. Биир бэйэм “Оо, Зоя Попова барахсан кырыымпа кылыһахтаах, ыраахтан нэлэһийэр куолаһын өссө да ханна эрэ туһаннарбыт” диэн ыра санаалаах олордум. Бары да оннук талааннаахтар, ханан да ситим быстыбакка оонньоотулар.
Испэктээк биир уратытынан (эбэтэр, булумньутунан дуу) СӨ үтүөлээх артыыстара Клавдия уонна Герман Хатылаевтар саха төрүт үнүстүрүмүөннэринэн доҕуһуоллара миэстэтигэр киллэриллэн, айымньы иинэ суох иэдээнин, аана суох алдьархайын өссө күүһүрдэн биэриитэ буолла. Ол түмүгэр көрөөччү иннэ үрдүгэр олорон көрөрүн курдук туругу үөскэттэ.
Итинник доҕуһуолунан биир бэйэм балтараа көстөөх сиргэ ат олугун аайы кыһыл көмүс манньыаты быраҕалларын, кэннилэриттэн бэрэмэдэйдээх киһи (бу сырыыга Батас бэйэтэ) батыһа сылдьан ону хомуйа иһэр сыанатын олус сөбүлээтим. Манна эмиэ да тапталлаахтар инники дьылҕаларын түстүөхтээх быһаарыылаах түгэннэр, эмиэ да көрүдьүөс көстүүлэр аҥаардас артыыстар хамсаныыларынан уонна муусука доҕуһуолунан көрөөччүгэ тириэрдилиннилэр. Онуоха көрөөччү “Баҕар, биир көмүс манньыат тиийбэккэ хаалаарай?!” диэн, бүтэһиккэ тиийэ тыҥаан олорор.
Чайыҥда (Илья Портнягин) Суоһалдьыйаны саакка-суукка угар оһуохайа, этэр тылын хоһооно: «Бачча барҕа баайбын, күдэн үппүн холооҥҥо да куппуппун, барбахха да матайдаабыппын» эмиэ киһи этин сааһын ортотунан киирэр.
Үчүгэйэ диэн, бу 2.5 чаастаах туруорууга элбэх дьон мустар көстүүтэ үгүһэ, таптыыр артыыстарбыт бары маассабай сыанаҕа син биир сүрүн оруоллаах курдуктара астыннарар. Таҥас-сап эмиэ мааны. Тыйаатыр көстүбэт үлэһиттэрин сыраларыгар махтаныахха эрэ наада.
Испэктээк устатын тухары оччотооҕу кэм олоҕун-дьаһаҕын кэрэһитинэн, а.э. туос оҥоһуктарынан (быыс, ураһа уо.д.а.) толкуйдаммыт сыана киэргэлин (сценография) киһи чэпчэкитик ылынар. Ол гынан баран, ардыгар хара өҥ баһыйарыттан киһи сылайа быһыытыйар курдук (реалистическай дыраамаларга курдук, силигилии үүммүт симэхтээх, чээлэй күөх оттоох-мастаах хартыынаны көрө үөрэнэн дуу). Тапталлаахтарбыт көрсөр сүүнэ мастара бэйэтинэн буолбакка, уот-күөс күүһүнэн тыктарыллан көрдөрүллэрэ бу туруоруу мистическэй хабааннааҕын көрөөччүгэ санатар курдук.
Суоһалдьыйа Толбоннооҕу анараа дойдуга атаарыы сиэрэ-туома үгэс буолбут туруоруулартан атын буолан биэрдэ. Үөһээ ырайга көтүтэллэригэр хара таҥаска суулаабыттарын билиҥҥи олохпут биир иэдээнин (ыарахан дьаҥтан өлбүт дьону суулаан ыыталларын курдук ылынан, этим сааһа аһыллан ылла) ханан эрэ таайтаран этии курдук санаатым.
Сахалыы тыынын сүтэрбэтэ
Ханнык баҕарар саҥа турар үлэҕэ кыра итэҕэстэр, көрөөччү ылыммат өрүттэрэ эмиэ баар буолаллара өйдөнөр. Холобур, сорох түгэннэргэ муусука тыаһа баһыйан кэбиһэн, артыыстар саҥалара иһиллибэккэ хаалар. Ол эрэн, испэктээк, эмиэ тыыннаах киһи курдук, сиһин этэ ситтэҕинэ, буутун этэ бустаҕына, Саха тыйаатырын кэнники туруорууларыттан биир бастыҥнара, көрөөччү хотоҕостуу субуллар испэктээгэ буола туруоҕар итэҕэйдим. Көлүөнэ көлүөнэни солбуйар дииллэринии, саха норуотун быдан былыргы олоҕун-дьаһаҕын, сиэрин-туомун, олоххо дьулуурун эдэр көрөөччүгэ тириэрдэргэ ананар инникилээх испэктээк диэтэххэ, бука, сыыспаппыт буолуо (атын көрөөччүлэр баалаамаҥ дуу). Ол эбэтэр, ыччаттар таптыыр мистикалара, киһи хараҕар көстүбэт эйгэ, синтез уо.д.а. эдэр көрөөччүнү абылыахтара. Ол да үрдүнэн, испэктээк хайдахтаах да түгэҥҥэ сахалыы тыынын сүтэрбэтэ!
Надежда ЕГОРОВА-НАМЫЛЫ, «Саха сирэ», edersaas.ru сайт.
Саха тыйаатырын хаартыскалара