«Сунтаартан Марта Николаева» диэн урут араадьыйаҕа истэр эбит буоллахпытына, аны билигин «Сунтаартан Марта Николаева» диэн кинигэни ааҕар буоллубут.
Суруналыыс, араадьыйа суруналыыһа, оһуохайдьыт, алгысчыт Марта Тимофеевна Николаева үбүлүөйдээх сылыгар анаабыт кинигэтэ «Көмүөл» кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэҕэ Марта Николаева оҕо сааһын, төрөппүттэрин, кини туһунан суруйуулар, өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр пресс-туурга сылдьыбыт дойдулар тустарынан суруналыыстар кэрэхсэбиллээх матырыйааллара киирбиттэр.
Кинигэни арыйталаан иһэн, Марта оҕо эрдэҕиттэн сурукка-бичиккэ чугаһын, чугас дьонун бэлэхтэрин сыаналыы улааппытын уонна сыа-сым курдук тутан күн бүгүн, бэйэтин кинигэтэ күн сирин көрөр дьоллоох күнүгэр диэри илдьэ сылдьыбытын биһирии уонна хайҕыы саныыгын.
Ол курдук, үһүс кылаастан илдьэ сылдьар үөрэх таабылыттан саҕалаан, хас да сыаналаах докумуоннары киллэрбит. Ол иһигэр, убайа, суруйааччы Уйбаан Нуолур 1965 сыллаахха Марта аҕата Тимофей Иннокентьевич сэриигэ сылдьыбытын туһунан ахтыыта, Уйбаан Нуолур оҥорбут төрүччүтэ, устудьуон дьүөгэтин блокнотуттан суруйуулар, суруналыыс Анастасия Морхоева, суруйааччы Иван Алексеев суруктара хайдах суруллубутунан, уларытыллыбакка киллэриллибиттэр. Ийэтигэр, аҕатыгар, сиэннэригэр анаан суруйбут хоһооннорун, тойугунан тута дьүһүйүүлэрин ааптар хайдах суруйбутун туһунан бэрт кэрэхсэбиллээхтик сэһэргиир.
Марта оҕо сааһын туһунан ахтыытын: «… Наһаа да дэлэйдик, күн кыһалҕата суох мааныланан иитиллибит эбиппит. Ас-таҥас кырыымчыгын билбэтэхпит. Тугу санаабыппыт барыта баара…» -– диэн саҕалыыр.
Кинигэ «Сэргэлээх -– эдэр саас уйата», «Саха араадьыйата -– олоҕум аргыһа», «Оһуокай -– мин кутум-сүрүм», «Айан аартыктарынан» диэн түһүмэхтэрэ Марта Николаева олоҕун кэрдиис кэмнэрин кэпсииллэр. Ааҕааччы хас биирдии түһүмэххэ Марта Николаеваны араас өттүнэн арыйан көрөр, билбэтэҕин билэр, көрбөтөҕүн көрөр.
Холобур, Марта Николаева төрөөбүт улууһугар, Сунтаарга дьокутаатынан талыллан үлэлээбитин, бука, аҕыйах киһи билэрэ буолуо.
Ол туһунан: «Сунтаардааҕы 2 №-дээх быыбардыыр уокурукка депутакка кандидат М.Т.Николаеваҕа Сунтаар сэлиэнньэтин киин уулуссатыгар олорор быыбардааччылар 224, Партизан түөлбэтигэр 362 быыбардааччы куолаһын биэрдэ. Марта Тимофеевна бу уокурукка турбут кандидаттартан 400-500 куолаһынан элбэҕи ылан эрэллээхтик бастаата. Маннык кыайыы Сунтаар быыбарын историятыгар сэдэх көстүү», -– диэн 2007 сыллаахха Сунтаар улууһун «Сэһэн Тоҕой» диэн хаһыатыгар суруллубут.
Марта Николаева Свердловскай куоракка Ураллааҕы судаарыстыбаннай университет суруналыыстыкаҕа факультетын бүтэриэҕиттэн ханна үлэлээбитин, хайдах араадьыйа суруналыыһа буолан хаалбытын бэрт сэргэхтик кэпсиир. Биир идэлээхтэрэ Марта Николаева Сунтаартан Дьокуускайга кэлэ сырыттаҕына, кинини сонордоһон була охсон, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар барыларыгар улахан балаһанан истиҥ кэпсэтиилэри таһаарбыттара саҥа кинигэҕэ киллэриллибит. Онон, Марта Николаеванан сирэйдээн, Саха сирин суруналыыстыкатын сайдыытын, кыһалҕаларын билиэххэ эмиэ сөп.
«Марта Тимофеевна эдэр эрдэҕиттэн тоҕо эрэ оһуохайга тардыһара. Хаана тардара эбитэ дуу? Ыһыахха бардаҕына, атахтара түһүлгэҕэ сирдээн илдьэллэрэ. Оо, оччолорго Сунтаар оһуохайа түүннэри-күнүстэри ыытыллар быстыбат тыыннаах, дьон-норуот бүтүннүү үлүһүйэр, сөбүлүүр үҥкүүтэ этэ эбээт!» -– диэн биир дойдулааҕа, «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа Ангелина Васильева-Дайыына суруйбут.
Кырдьыга да, Марта Николаева Дьокуускайга көһөн кэлэн, Сарыалыйа диэн ааттанан, куорат, өрөспүүбүлүкэ оһуохайдьыттарын түмэр сүрүн киһи буолбута, «Оһуохай» уопсастыбаны көхтөөх тэрийээччилэриттэн биирдэстэрэ, бэрэссэдээтэли солбуйааччы буола сылдьыбыта.
Марта Николаева -– алгыстаах айанньыт. Биир идэлээхтэрин кытары Кытайга, Японияҕа, Монголияҕа, Казахстаҥҥа, Беларуссияҕа сылдьыбытын туһунан сэһэргээһиннэр түмүктүүр түһүмэххэ миэстэлэрин булбуттар. Кинилэр бары Марта алгысчыт, хомусчут, оһуохайдьыт быһыытынан өрөспүүбүлүкэни аан дойдуга аатырдыбытын махтана ахталлар.
«Олоҕум уларыйбыта эмиэ да үчүгэй эбит. Олоҕу хайдах баарынан ылыныахтааххын. Куһаҕан эрэ буулаабатын, оҕолорум, сиэннэрим эрэ этэҥҥэ сырыттыннар. Саҥа турук, олох салҕаныыта сиэннэргэ саҕыллар эбит. Олох олорор диэн олус кэрэ! Эдэр да, эмэн да сааска, кыраттан да үөрэн, дьоллонон, дьоҥҥо туһаны аҕалан, үтүөҕэ тардыһан олорортон ордук туох баар буолуой?» -– диир Марта Тимофеевна Николаева-Сарыалыйа.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru