Сунтаарга оптиканы тардыы ахсынньыга саҕаланыа

Бөлөххө киир:

СӨ сибээһин уонна информационнай технологияларын миниистирэ Александр Борисов суруналыыстары кытары көрсүһүү кэмигэр, өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 6000 км уһуннаах оптика утаҕа тардыллыбытын туһунан кэпсээтэ.

edersaas.ru

Оптическай сибээс ситимигэр 90 нэһилиэнньэлээх пуун холбонон, олохтоохтор түргэн сырыылаах интэриниэтинэн туһанар кыахтаннылар. Миниистир иһитиннэрбитинэн, тутуу инвестордар суоттарыгар ыытыллар. Холобур, «Импульс» НПО Дьокуускай – Магадан хайысхатынан «Халыма» федеральнай суолун бата сибээс оптическай утаҕын тардыбыта. «ЭкспертГрупп» ХЭУо 2015 сылтан саҕалаан өрөспүүбүлүкэ илин эҥээр улуустарыгар оптика магистралын тутуунан дьарыктанан, Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан улуустарын сорох нэһилиэктэрэ интэриниэккэ холбоннулар.

Оттон сунтаардарга эрэннэрбит оптикаҕыт хаһан тутуллуой диэн ыйытыыбар: «Бу сыл бүтүүтэ Мирнэйтэн Сунтаарга диэри оптическай ситими тардыы саҕаланыахтаах. Оттон Бүлүү бөлөх хайысхатынан үлэ салгыы ыытылыннаҕына, оптикаҕа 130 нэһилиэнньэлээх пуун хабыллыаҕа», – диэн Александр Ильич хардарда.

Хоту улуустарга сибээс ити көрүҥэ сатаан тардыллар кыаҕа суоҕунан, инникитин Ка-диапазонынан спутниковой сибээһи сайыннарар былааннаахтар эбит.

Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0