Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев күн күбэй ийэлэри көҕүлүүр, кинилэри ытыгылыыр санааттан «ЫТЫК ИЙЭ» диэн наҕарааданы олохтоон, сыл ахсын бэлиэтиир үгэстээх.
Бу сыллар тухары элбэх оҕолоох, үгүс үтүө дьону иитэн-такайан таһаарбыт, элбэх ийэ наҕарааданы тутта. Быйыл 3 ийэҕэ «Ытык ийэ», 3-с истиэпэннээх «Ийэ килбиэнэ» бэлиэни 2 ийэҕэ туттардылар. Ону таһынан, үрүҥ көмүс бэлиэлээх эҕэрдэлэри, махтал суруктары тутан ийэлэр үөрүүлэрэ үрдээтэ.
Анатолий Григорьев олохпут оҥкула ийэттэн саҕыллар диэн туран истиҥ эҕэрдэтин биһирии иһиттибит. Кини бу күннэргэ анал байыаннай дьайыы буола турар сиригэр тиийэн, уолаттарга ийэ таптала, кини илиитин сылааһа күүс-көмө буоларын, кыайыыга сирдиирин өссө төгүл итэҕэйдим диэн санаатын үллэһиннэ.
Сунтаар улууһун пресс-сулууспата