Сунтаарга тааҥка кэллэ (видео)

Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Сунтаар улууһугар эрэ буолбакка, батсаап-бөлөхтөргө Бүлүүлүүр суолунан тааҥканы илдьэн иһэр хаартыскалара тарҕанна. Ону үгүс киһи соһуйа көрбүтэ.

edersaas.ru

Суруналыыс  Мария Кобельянова иһитиннэрбитинэн: «Кыайыы 75 сылын көрсө Сунтаарга болуоссат оҥоһуллара күүтүллэр. Болуоссаппыт сүрүн киэргэлэ Т — 62 тааҥка буолуоҕа. Улуус дьаһалтата бу тааҥканы Амурскай уобалас Возжаевка диэн  сиригэр баар байыаннай чаастан ылла. Тааҥка нэдиэлэ устата айаннаан бүгүн кэллэ.  Улахан   тимир көлө  болуоссаппытыгар хотойон туран, ыччат дьоҥҥо элбэҕи кэпсиэҕэ уонна билиһиннэриэҕэ«, — диэтэ.

Улуус баһылыга Анатолий Григорьев 2017 сылтан РФ Оборонаҕа министиэристибэтин кытары үлэлэһэн,  бу тааҥканы ыллылар.

Биһ. корр., edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0