Сунтаарга Сибиэрэп аатынан киин тутуллар

Бөлөххө киир:

Тутуу — улуус сайдыытын туоһута. Сунтаарга бу сайын устата олус элбэх тутуу үлэтэ барда. Онтон баараҕайдара Сибиэрэп аатынан норуот уус-уран айымньытын киинэ. Билигин тас үлэтэ бүтэн, ис үлэтэ барар. 350 миэстэлээх, сахалыы дизайнаах, улахан театрга курдук балконтан олорон көрөр сирдээх историческай тутуу ахсынньыга улууска туттарыллан, иһэ киэргэтиллиэхтээх, аппаратуранан, кириэһилэнэн, миэбэлинэн туолуохтаах.

edersaas.ru, Мария Кобельянова

Тутууну «Арктик-капитал» хампаанньа (сал. Матвей Евсеев) ыытар. Эбийиэк Сибиэрэп 120 сылын бэлиэтиир ытык ыһыах күнүгэр аанын тэлэччи  аһыаҕа. Онтон арыылаахтар өр күүтүүлээх оскуолалара киирэн үөрүү дьолугар сылдьаллар. Маннык үөрүү аны кириэстээхтэри көһүтэр. Саҥа тутуу бу сааскыттан ньиргиччи баран 120 миэстэлээх таас оскуоланы олохтоох «Форс» тэрилтэ тутар. Кэрэхсэнэрэ диэн, өрүс гравийыттан бэйэ оҥорон таһаарбыт матырыйаалынан туталлар.

Улуус дьаһалтатын нөҥүө быйыл үс улахан эбийиэк өрөмүөннэнэр. Бордоҥ, Түбэй Дьаархан оскуолалара уонна Сунтаардааҕы 1№дээх оскуола сарайа өрөмүөннэннэ. Маны таһынан нэһилиэктэринэн эмиэ бу бырайыагынан анал эбийиэктэрдээхтэр.

Суолу тутуу, өрөмүөннээһин үлэтэ эмиэ күргүөмнээхтик барар. Сунтаар нэһилиэгэр Зверев уонна Октябрьскай уулуссаларга бетоннааһын үлэтэ барар. Октябрьскай уулуссата Илья Иванов уулуссатыгар тиийэ оҥоһуллуоҕа. Онтон Сунтаар — Кириэстээх фелеральнай суолга 11,5 км асфаллааһын үлэтэ ыытыллар. Итиэннэ «Албан аат» Кыайыы болуоссата тутуллар, ону кытта хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү тосхолунан дьиэлэр тутуллаллар.

edersaas.ru, Мария Кобельянова

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0