Сунтаарга оптика 2018 сылга кэлиэ

Бөлөххө киир:
SONY DSC

«Бүлүү» федеральнай таһымнаах суолу бата олорор нэһилиэнньэлээх пууннар «Билайн» сибээһинэн хааччыллан олороллор. Сунтаар улууһун киинигэр «Мегафон», МТС, «Билайн» баар эрээри, интэриниэт боппуруоһа ыарахаттардаах. «Батсааппыт түүнү быһа «загрузкалыыр». Аны урбаанньыттартан онлайн-хаассаны ирдиир буоллулар», – диэн этэллэрин Сунтаарга ыытыллыбыт СӨ толорор былааһын отчуотун кэмигэр үгүс нэһилиэккэ иһиттим.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

Оптическай утах Мирнэйтэн 2018 сыл бүтүүтэ кэлиэхтээх диэтилэр эрээри, кэллэҕинэ биирдэ интэриниэттээхпит дииллэрэ чахчы. Аны ити, сибээһэ суох сиргэ олорооччулартан тоҕо онлайн-хаассаны ирдииллэрэ эмиэ өйдөммөт.

«Россельхозбаан» офиһа Сунтаарга сабыллыаҕыттан, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьон үлэлэрэ атахтаммыт. Бу баан федеральнай коммерческай баан буолан, өрөспүүбүлүкэ хайдах да кини үлэтигэр орооһор кыаҕа суох. Онон туруорсуу бэрээдэгинэн, боротокуолга киллэрилиннэ.

Күүкэй нэһилиэгэр СӨ толорор былааһын отчуотугар РФ мунньаҕын сэбиэтин чилиэнэ Александр Акимов кыттыыны ылла.

Күүкэй нэһилиэгэ улуус кииниттэн хоту диэки 85 килэмиэтирдээх сиргэ сытар. Киһи сөҕүөн иһин, олохтоохтор ким хайа иннинэ дьиэлэрин толору хааччыллыылаах гына оҥостон, билиҥҥитэ үгүс ыал итии-тымныы уунан хааччыллан олорор. Ону ааһан, бары уотунан уонна киин ититиигэ холбоммуттар. Дьоҕус нэһилиэккэ саҥа таас оскуола, духуобунас киинэ баар.

2016 сылга СӨ Олорор дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыба уонна энергетика министиэристибэтэ Нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарыы сылыгар ыыппыт күрэҕэр кыттан, 4,5 мөл. солк. суумалаах субсидияҕа тиксибиттэрин туһунан баһылык Федор Федоров кэпсиир.

Ол харчыларынан үлүгэрдээх үлэни ыыппыттар. Ол иһигэр суолу-ииһи оҥорууга, өрөмүөннээһиҥҥэ, уулуссалары сырдатыыга, «Күүкэй чулуу дьоно» диэн ааттаах сквер тутуллуутугар үп-харчы тыырбыттар.

«Билигин дьон дьиэлэригэр шортиктаах эрэ сылдьаллар. Дьиэлэригэр туалеттаахтар, итии-тымныы уулаахтар. Оһох оттубаттар», – диэн Федор Степанович этэр.

Төһө да «образцовай» нэһилиэк буоллаллар, кыһалҕа син биир баар. Шлюз-регуляторы туруорсубуттара хаһыс да сылыгар барда. Онуоха, Мелиорация управлениетын салайааччыта Алексей Гуляев тутуу бырайыага баарын, ол эрээри үбэ-харчыта быһаарылла илигин эттэ. Ол да буоллар, быйылгыттан үлэ саҕаланыаҕар эрэннэрдэ.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0