Сунтаарга Олоҥхо ыйын тэрээһиннэрэ саҕаланнылар

Ааптар: 
18.11.2019
Бөлөххө киир:

Ааспыт нэдиэлэ бүтүүтэ Сунтаарга  Олоҥхо ыйын үөрүүлээх арыллыыта тэрилиннэ. Ол курдук Олоҥхо дьиэтигэр киирээти кытта көмүлүөк оһох сырдьыгыныы умайан, сып-сылаас алаадьынан ыалдьыттар күндүлэннилэр, хабылык, хаамыска оонньуута көрө өрө тутулунна.

edersaas.ru, Мария Кобельянова

Ол кэннэ Тойуктаах Маарыйа, Ефрем Афанасьев, Денис Собакин үс көлүөнэ олоҥхону толорооччулар түһүлгэни арыйан араас олоҥхоттон  быһа тардыылар  иһилиннилэр. Ол иһигэр, дьаархаттар, Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй үөрэнээччилэрэ, «Березка» уһуйаан иитиллээччилэрэ, саҥа төрүттэммит ансаамбыллар уонна олоҥхону бастыҥ толорооччуларбыт Изабелла Макарова — Толоон Туорааҕа, Митрофан Семенов, Наталья Эконова, Ефрем Афанасьев олоҥхону иһитиннэрэн, «Ноо», «Тыый», «Уруй-айхал» тыллар иһилиннилэр. Дьоро киэһэ Элгээйиттэн Евдокия Захарова-Максимова оһуохайынан түмүктэннэ. Бу күн Олоҥхо ыһыаҕын кыттыылаахтарыгар, олоҥхо тула үлэлии сылдьар уһуйааччыларга Олоҥхо Ассоциациятын Сунтаардааҕы салаатын эҕэрдэлэрэ, махтал тыллара ананнылар.

Онтон субуота күн оһуохай түмсүүтүн салайааччытын Саргылана Меркурьева көҕүлээһининэн иккис төгүлүн тэриллэр оһуохай саха балаҕаныгар ыытылынна. Манна оһуохайдьыттар саҥа этэр дьоҥҥо үөрэх биэрэллэр, сатабыллаахтык оһуохайдыырга уһуйаан ыыталлар. Аныгыс субуотаҕа кыттыыны ылыҥ!

edersaas.ru, Мария Кобельянова

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0