Кулун тутар 17 күнүгэр Сунтаар с. библиотека улуустааҕы кииннэммит ситимин тэрийиитинэн, «Ньургуһун» түмсүү чилиэннэрэ Дьокуускайтан кэлбит суруйааччылары кытары көрүстүлэр.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Бу сырыыга «ньургуһуннарга» Саха сирин Суруйааччыларын сойууһуттан Галина Нельбисова, СӨ Суруйааччыларын сойууһуттан Валериан Николаев, Афанасий Гуринов-Арчылан уонна Надежда Егорова-Намылы ыалдьыттаатылар. Көрсүһүүнү библиотека сүрүн үлэһитэ Мария Алексеева иилээн-саҕалаан ыытта.
Көрсүһүүгэ Сунтаар улууһун Кутана сэлиэнньэтиттэн куорсун анньыммыт бииргэ төрөөбүт суруйааччылар В.Николаев, Г.Нельбисова, Н.Егорова-Намылы ийэлэригэр анаан таһаарбыт «Ийэбит баар буолан» кинигэлэрин билиһиннэрдилэр. Ону тэҥэ, түмсүү кыттыылаахтарын көрдөһүүлэринэн, кинилэр суруйууларыгар сүбэ-ама биэрдилэр, ыйытыктарыгар хоруйдаатылар.
Улуус култууратын управлениетын уонна «Ньургуһун» түмсүү салайааччыта Мария Кобельянова-Тускулаана айар дьонун туһунан:
«Биһиги түмсүүбүтүгэр биир дойдулаахтарбыт, Анатолий Данилов, Николай Егоров курдук ааҕааччыга киэҥник биллэр ааптардары кытары көрсөн, кинилэртэн сүбэ-ама ылабыт, саҥа саҕалыыр дьону айар-тутар үлэҕэ көҕүлүүбүт. Түмсүүбүт чилиэннэрин хоһоонноро ырыа буолан көтөллөрүттэн тэҥҥэ көтүөх-дайыах курдукпут», – диэн истиҥник-иһирэхтик кэпсээтэ.
«Ньургуһуннар» бэйэлэригэр эрэ бүгэн хаалбакка, атын айар куттаах дьоннуун, чуолаан, суруйааччылардыын көрсүһэллэрин үтүө үгэскэ кубулуталлар. Айар үлэҕэ хаһан баҕарар туораттан көрүү, кириитикэ, сүбэ-ама наадатын этэллэр. Ол да иһин, түмсүү салайааччытын солбуйааччытынан соторутааҕыта анаммыт Валентина Дьячковская-Хара Көмүс суруйааччылары кытары көрсүһүү олус туһалааҕын үөрэн-көтөн туран бэлиэтээтэ.
Улуус баһылыга Анатолий Григорьев, дьаһалта айар-тутар идэлээх дьону куруук өйүүр. Баһылык Граныгар тиксэн, түмсүү чилиэннэрин биэс кинигэтэ тахсан, сүргэлэрэ көтөҕүллэн сылдьар. Бары араас идэлээх, ол эрэн, айар кукка абылаппыт Ольга Захарова, Мария Кобельянова, Күн Сиккиэрэ, Анатолий Кириллин-Толикус, Ариан Кондратьев, Александр Амбросьев, Октябрина Максимова уо.д.а. курдук айар дьон үгүстэрин кинигэлэрэ таҕыста, сорохторун хомуурунньуга күн сирин көрөөрү бэлэмнэнэ сылдьаллар. Ону таһынан, улуус хоһоонньуттарын, кэпсээнньиттэрин альманаҕын олохтоохтор долгуйа күүтэллэр.
Былырыын Элгээйиттэн Лиана Ю (үс кинигэтэ) уонна Валерий Михайлов «Сиэммэр анаан» кинигэлэрэ күн сирин көрбүттэрэ. Онон, биир дойдулаахтара оҕоҕо анаан суруйар ааптардар баар буолан эрэллэриттэн сэмээр үөрэллэр.
Түмүккэ Мария Кобельянова 2019 сылга 100 сааһын туолуохтаах, Сунтаар улууһуттан төрүттээх норуодунай бэйиэт Леонид Поповы ахтан-санаан, быйыл атырдьах ыйыгар Тойбохойго «Сунтаар көмүс күһүнүн» ыытар былааннаахтарын туһунан үөрэ-көтө иһитиннэрдэ.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru