Сахабыт сиригэр көмүс күһүн сатыылаан турдаҕына, балаҕан ыйын 1-2 күннэригэр Сунтаар улууһугар саха норуодунай бэйиэтэ Леонид Попов аатынан «Сунтаар миигин ыҥырар-2022» улуустааҕы «Ньургуһун» түмсүү тэриллибитэ 50 сылыгар аналлаах VI ырыа-хоһоон түһүлгэтэ түстэннэ.
Төһө да ардахтаах, силбиктээх күннэр турдаллар, дьон-сэргэ Сергей Зверев-Кыыл Уолун аатынан улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр тоҕуоруста. Тэрээһин дойдуга Билии күнүгэр сөп түбэһэн, «Ньургуһун» түмсүү чилиэннэрэ уонна кэлбит ыалдьыттар сорохторо «Билии күнүн» тэрээһиннэригэр ыҥырыллан кытыннылар. Оҕолорго анал тэрээһин онлайн-ньыматынан олус сэргэхтик барда. Кыттыбыт ыалдьыттар оскуола үөрэнээччилэрэ литератураҕа, суруйааччылар олохторугар, проза, поэзия жанрдарыгар интэриэстэрэ улаханын астына бэлиэтээтилэр.
Дьокуускай куораттан ыҥырыллан кэлбит суруйааччылар, бэйиэттэр Саргылана Спиридонова-Кэрэмэс Кийиитэ, Иван Николаев-Уххан, Афанасий Гуринов-Арчылан, Надежда Егорова-Намылы, Галина Басылайканова-Кэнтик Кыыһа «Ньургуһун» түмсүү кыттыылаахтарын кытары көрсүһэн, атах тэпсэн олорон сэһэргэстилэр. Истиҥ Көрсүһүүнү Сунтаар улууһун Киин бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ Изабелла Жиркова иилээн-саҕалаан ыытта. Бу кэпсэтии түмүгүнэн элбэх этиилэр, баҕа санаалар этилиннилэр. Дьаархантан сылдьар нуучча тылын учуутала Августина Попова литература түмсүүлэригэр саха тылын учууталларын элбэтэргэ, эһиил биллэриллиэхтээх Учуутал сылыгар саха тылын учууталларыгар анаан бырайыак тэрийэн, поэзияҕа эбэтэр прозаҕа күрэх ыытылларыгар этии киллэрдэ.
«Ньургуһуннар -– айар куттар» диэн литературнай түмсүү кыттыылаахтарын айар талааннарын уонна «Ньургуһун 50 сыла» кинигэ быыстапкаларын Зинаида Васильева-Сыралы үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйда. Быыстапка аһыллыытын кыттыылаахтарын улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Гаврил Еремеев, тойуксут, оһуохайдьыт, норуот талааннааҕа Михаил Евсеев-Кураһаай добун тойугунан эҕэрдэ, алгыс тылларын анаатылар.
«Талааннаах киһи барытыгар талааннаах» диэн этиини быыстапкаҕа көрөн итэҕэйдибит. Айар-суруйар дьоҕурдаах Тамара Петрова-Байаана, Айыылыат, Розалия Сидорова-Ымыычаана, Екатерина Коротова-Кэтии Лэчил, Мария Данилова-Күн Мичээрэ, Валентина Семенова-Кэрэчээнэ, Дина Васильева-Алаас кыыһа, Валентина Дьячковская-Хара Көмүс, Вера Уарова уо.д.а. тарбахтарыгар талааннаахтарын көрөн биһирээтибит.
Онтон кинигэ быыстапката олус сэдэх кинигэлэринэн сөхтөрдө. Ол курдук, манна 1968 сыллаахха Саха сиринээҕи кинигэ издательствотыгар тахсыбыт Альберт Бүлүүйүскэй «Уоттаах түннүк» кинигэтэ уонна «Сунтаар сонуннара» хаһыат эрэдээксийэтэ 1992 сыллаахха Бүлүү оройуонун типографиятыгар бэчээттэппит «Ньургуһун» диэн хоһооннор, кэпсээннэр хомуурунньуктара быыстапка биир сүрүн уонна сэдэх экспонаттарынан буоллулар.
«Ньургуһун түмсүүттэн тахсыбыт СӨ суруйааччылара», «Ньургуһун түмсүү бастакы чилиэннэрэ», «Ньургуһун» түмсүү салайааччылара» уонна «Ырыа хоһоон түһүлгэтэ» диэн хаартыскалартан таҥыллан оҥоһуллубут баннердар «Ньургуһун» түмсүү 50 сыллаах устуоруйатын кэпсии-ипсии тураллар.
«Ньургуһунтан көппүт ырыалар» үбүлүөйдээх кэнсиэркэ ырыаһыттар Тамара Попова, Фатина Иванова, Анна Тотонова, Алина уонна Дуолан Трофимовтар, Иван Иванов, Саргылана Меркурьева Николай Омуковтыын, Егор Третьяков, сыана бэтэрээнэ Дина Николаева-Алаас Кыыһа, Агафья Кириллина, Валентина Дьячковская-Хара Көмүс уо.д.а. ньургуһун туһунан элбэх ырыаны бар дьонноругар бэлэх ууннулар.
Иккис күн
Тэрээһин иккис күнүгэр Норуот айымньытын киинигэр «Мин оҕолорум -– мин хоһооннорум» автограф-сессия, уус-уран оҥоһуктар, сувенирдар быыстапка-атыылара элбэх киһи сэҥээриитин ылла, кэлбит киһи үксэ ааптардарга илии баттатан, кинигэ кэһиилээх барда.
11 чаастан «Сунтаар миигин ыҥырар» саха норуодунай бэйиэтэ Леонид Андреевич Попов аатынан улуустааҕы VI ырыа-хоһоон түһүлгэтэ үөрүүлээхтик арылынна. «Ньургуһун» түмсүү бастакы чилиэннэрэ, билигин айа-тута сылдьар дьон, ыалдьыттар үрдүк сыанаҕа ыҥырылыннылар. Кинилэргэ кэккэ министиэристибэлэр, управлениелар, улуус баһылыгын Махтал суруктара, наҕараадалара, кинигэ таһаарарга 100 тыһыынчалаах сэртипикээт туттарылыннылар.
«Хоһуйар хоһооннорбор олох кинигэтин арыйабын…» хоһоонньуттары истиигэ ким баҕалаах бэйэтин хоһоонун, ырыатын билиһиннэрэн, көҥүл тыыннаах түһүлгэни тэрийдэ.
Дьэ, онтон кэмниэ кэнэҕэс саамай долгутуулаах түгэннэр саҕаланнылар. Ол курдук, «Ньургуһун хоһуйар түһүлгэтэ», «Кэмчи кэрчиктэр» бэриллибит тиэмэнэн кылгас кээмэйдээх тута хоһуйуу күрэҕэ, «50 сылга -– 50 бастыҥ айымньы» аахсыйа түмүктэрэ таһаарылыннылар. Дьүүллүүр сүбэҕэ суруйааччылар Афанасий Лугинов-Арчылан, Саргылана Спиридонова-Кэрэмэс Кийиитэ, Анатолий Данилов-Аман үлэлээтилэр. Кинилэр киирбит айымньылары үһүөн тус-туһунан да көрдөллөр, түмүккэ биир киһини биир санаанан таллылар. «Ньургуһун хоһуйар түһүлгэтэ» күрэххэ кыайыылааҕынан нуучча тылын учуутала Августина Попова икки кэпсээнинэн бастаата уонна «Дани-Алмаас» кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэригэр 50 тыһыынча суумалаах сэртипикээти тутта.
Кэмчи кэрчиктээх бэриллибит тиэмэнэн кылгас кээмэйдээх тута хоһуйуу күрэҕэр барыта 24 киһи кытынна. Кыттааччылар «Симэх» диэн тылга 4 строкалаах хоһоон кэрчигин айдылар. Дьүүллүүр сүбэ санаалара тохтообут, биһирээбит, ол эрэн кыайыылаах аатын ыларга кыранан тиийбэтэх хоһоонньуттар бу суруйууларын ааҕан иһитиннэрдилэр. Биһирэбил Ариан Кондратьевка ананна.
«Аймаммаккар көрдөһөн
Айбыт ырыабын ыытабын.
Оччоҕо таптал симэҕэ
Таскар үүнэн ситиэҕэ».
Дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ үгүс хоһоонньут симэҕи симэх курдук бэйэтинэн ылынан, эт бэйэтинэн суруйбутун, онтон сорохтор симэҕи ханалытан, тэгилитэн эппиттэрин кэрэхсээтилэр. Уйбаан Уххан 4 строкаҕа форманы тутуһан, дьүөрэлээн суруйуу олох аҕыйаҕын бэлиэтээтэ.
Онон,
«Көҥүллүк тыынарым,
Кырдьыгы тутарым,
Бар дьоммор эрэлим —
Баар эрэ симэҕим», —
диэн 4 строканы бэрт ылбаҕайдык кэчигирэтэн кэбиспит бэйиэт, мелодист Михаил Семенов-Мэхээс кыайыылааҕынан тахсан, 5 тыһыынча суумалаах бирииһи тутта. Манна даҕатан эттэххэ, кини 2018 сыллаахха «Тобуруокап көмүс күһүнүгэр» эмиэ 4 строкаҕа кыайан, 10 тыһыынчалаах бириэмийэнэн бэлиэтэнэн турар.
ххх
Саха норуотун бэйиэтэ Леонид Попов аатынан Сунтаар миигин ыҥырар улуустааҕы Ньургуһун түмсүү 50 сылыгар аналлаах ырыа-хоһоон түһүлгэтин түмүктэнэр кэмэ тиийэн кэллэ. Тэрийээччилэр ырыа-хоһоон түһүлгэтигэр көтөөх кыттыыны ылбыт айар-суруйар дьоҥҥо, ыалдьыттарга саҥа саҕахтар арыллан иһэллэригэр алгыы, арчылыы хааллылар.
Улуус баһылыгын солбуйааччы Гаврил Еремеев бэрт бэргэнник бэлиэтээбитинии, кыттааччылары уруйдаан-айхаллаан, Сунтаарга ньургуһун иккистээн тылынна.
Кэрэхсэбиллээх тэрээһин кыттыылаахтара салҕыы Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллар «Тобуруокап көмүс күһүнүгэр» салҕыы айаннаатылар.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru