Сунтаарга Наахараттан чугас турбут ойуур уотун утары охсуһаллар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Сунтаар улууһугар Наахара сэлиэнньэтин таһыгар ойуур баһаара бэлиэтэнэр.

Сэлиэнньэттэн 5 км сиргэ ойуур баһаара баар. Уот хаппыт уопсай иэнэ, быһа холуйан, 40 га. Бу туһунан  нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар кэмитиэт пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Ойуур баһаарын Сунтаар оройуонун баһаарынай сулууспатын сотрудниктара, тиэхиньикэ умуллараллар. Уоту утары охсуһууга дьаһалта уонна нэһилиэнньэлээх пуун олохтоохторо бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн этэрээттэри тэрийэллэр.

Нэһилиэнньэлээх пууннар икки ардыларыгар, харгыстар — күөл уонна ыраас хонуулар бааллар. Олохтоохтор харгыс уоту мэһэйдиэ диэн эрэнэллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0