Сунтаарга Наахараттан чугас турбут ойуур уотун утары охсуһаллар
28.07.2022
Сунтаар улууһугар Наахара сэлиэнньэтин таһыгар ойуур баһаара бэлиэтэнэр.
Сэлиэнньэттэн 5 км сиргэ ойуур баһаара баар. Уот хаппыт уопсай иэнэ, быһа холуйан, 40 га. Бу туһунан нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар кэмитиэт пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Ойуур баһаарын Сунтаар оройуонун баһаарынай сулууспатын сотрудниктара, тиэхиньикэ умуллараллар. Уоту утары охсуһууга дьаһалта уонна нэһилиэнньэлээх пуун олохтоохторо бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн этэрээттэри тэрийэллэр.
Нэһилиэнньэлээх пууннар икки ардыларыгар, харгыстар — күөл уонна ыраас хонуулар бааллар. Олохтоохтор харгыс уоту мэһэйдиэ диэн эрэнэллэр.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1