Бүгүн Сунтаар улууһугар «Ытык түһүлгэҕэ» аан дойдутааҕы кэмпириэнсийэ үлэтэ саҕаланна.
Ол курдук, тэрээһин Сунтаардааҕы технологическай кэллиэскэ ыытыллыаҕа. Кэмпириэнсийэҕэ кыттаары анаан-минээн Колумбияттан, Австрияттан, Австралияттан, Мексикаттан, Москваттан, Дьокуускайтан ыалдьыттар кэлбиттэрин туһунан улуустааҕы култуура салаатын салайааччыта Мария Кобельянова иһитиннэрдэ.
— Бу күн Олоҥхо дьиэтигэр «Олоҥхо толоруута» диэн анал бырагыраама чэрчитинэн күүтүүлээх дьоро киэһэ тэриллиэҕэ уонна 20.00 чаастан «Кыыс сүктүүтүн сиэрэ-туома» көрдөрүллүөҕэ, — диэн Мария Кобельянова «Эдэр саас» сайтка эбэн эттэ.
Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: батсааптан.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1