Сунтаарга Арассыыйаҕа – киинэ, улууска – Гражданскай көҕүлээһин, «Саха» НКИХ Сунтаардааҕы салаата 25 сылыгар аналлаах «Сунтаар сулуһа» диэн киинэ улуустааҕы бастакы бэстибээлэ үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.
«Сунтаар сонуннара» хаһыат кэрэспэндьиэнэ, фестиваль кыттыылааҕа Туйаара Корякина иһитиннэрбитинэн, тэрээһиҥҥэ «Саха» НКИХ салааларын кытары үлэлиир сулууспа начаалынньыга Александр Лебедев, телевидение бырайыактарын эрэдээксийэтин эрэдээктэрэ, бэйиэт, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Наталья Михалева-Сайа, телевидениенэн биэриилэри эфиргэ аттаран туруорар сулууспа начаалынньыга Саймон Сергеев ыалдьыттаатылар. Ону сэргэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, «Рублев» уонна «Утро долгого дня» киинэлэргэ уһуллубут Фрументий Софронов кэргэнинээн Нина Потаповалыын, «Его дочь» киинэҕэ сүрүн оруолу толорбут, «Окно в Европу» бэстибээл сүрүн бирииһин хаһаайына Прокопий Яковлев кэргэнинээн, СӨ култууратын туйгуна Светлана Яковлевалыын, Аҕа дойду улуу сэриитин көрдөрөр «Сэрии биһиги дьылҕабытыгар» үс сиэрийэлээх киинэ уонна «Сэргэлээххэ» диэн устудьуоннар сериалларын режиссера Эльвира Егорова кытыннылар.
Бэстибээлгэ улуус нэһилиэктэриттэн араас ис хоһоонноох, интэриэһинэй тиэмэлээх 22 киинэ киирдэ. Киинэлэри дьүүллүүр сүбэ бэстибээл буолуон иннинэ «Дархан» киинэ тыйаатырыгар биирдиилээн көрөн, ырытан, түмүк таһаарбыта. Онтон түөрт бастыҥ киинэни «Дархан» киинэ тыйаатырыгар үс күн устата олохтоохторго анаан көрдөрдүлэр.
Түмүккэ, бастакы киинэ бэстибээлин Гран-притын Василий Васильев режиссердаах «Муҥ маһы кэрийбэт» киинэ (Дьаархан с.) ылла уонна 50 тыһыынча суумалаах сэртипикээтинэн наҕараадаланна. Номинаннарынан «Выжившая» (реж. Лидия Ларионова, «Аргыс» киинэ устуудьуйа) уонна Валерий Никифоров-Суор Уолун кэпсээнинэн уһуллубут «Даасыкка дьылҕата» (реж. Анна Тотонова, Кэмпэндээйи с. ) киинэлэр ааттанан, ыалдьыттар биһирэбил бириистэрин ыллылар.
Ону сэргэ, «бастыҥ оператор», «бастыҥ звукорежиссер», «дьахтар бастыҥ оруола», «эр киһи бастыҥ оруола», «сценарийы бастыҥ суруйааччы» ааттаннылар.
Бу күн өссө улуустааҕы ыччат бэлиитикэтин отделын көҕүлээһининэн ыытыллыбыт «Мы за единую цель, мы за ЗОЖ!» диэн ааттаах социальнай видеороликтар күрэхтэрин түмүгүн биллэрдилэр. Уопсайа 10 видеоролик киирбититтэн, кыайыылааҕынан Ярослав Филиппов таҕыста уонна «Сахафильм» национальнай хампаанньаҕа стажировкаланарга сэртипикээт тутта.
Киинэ сылыгар ыытыллыбыт улахан тэрээһиҥҥэ кыттыы үгүс эдэр дьону көҕүлээбитэ саарбаҕа суох. Холобур, Сунтаартан төрүттээх, Санкт-Петербург к. үөрэнэр эдэр режиссер Егор Максимов «Кактус» диэн устубут киинэтин бэстибээлгэ кытыннаран, бэстибээл таһымын үрдэттэ. «Сунтаар сонуннара» хаһыат эдэр кэрэспэндьиэнэ Туйаара Корякина «Выжившая» киинэҕэ сценарий суруйуутун, хорсун холонуутун бэлиэтээтилэр.
«Улууспутугар киинэни сэргиир, сөбүлүүр элбэх талааннаах дьон баара биһигини олус үөрдэр», – диэн хас биирдии ыалдьыт сонун тэрээһин туһунан санаатын үллэһиннэ. Ити курдук Киинэ сылын түмүктүүр бастакы киинэ бэстибээлэ биир санаалаах элбэх дьону түмтэ, саҥа талааннары арыйда.
Надежда ЕГОРОВА