Сунтаарга Ил-76 үлэлээтэ

Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, от ыйын 14 күнүгэр, РФ Оборонаҕа министиэристибэтин  Ил-76 сөмөлүөтэ Сунтаар улууһугар Кириэстээх таһыгар турбут ойуур баһаарын умуруорууга үлэлээтэ.

Уопсайа 84 туонна ууну бырахта. Маны таһынан Бе-200 амфибия-сөмөлүөт Сунтаарга Кэмпэндээйи таһыгар турбут ойуур баһаарын умуруорууга 42 туонна ууну бырахта.

Бүгүн туһааннаах сөмөлүөттэр Мииринэй улууһугар —  Сүлдьүкээргэ уонна Светлэйгэ үлэлиэхтэрэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0