Сунтаар оройуонугар икки ойуур баһаара умуруорулунна.
СӨ Экология министиэристибэтин иһитиннэриитинэн бүгүн, бэс ыйын 24 күнүгэр 17.00 чааска, уопсайа үс ойуур баһаара: Сунтаарга — 2, Намҥа — 1 умуруорулунна.
Сунтаарга Тумул сэлиэнньэтиттэн Кутана нэһилиэгиттэн ырааҕа суох сиргэ , бэс ыйын 3 күнүттэн уоту умуруорарга охсуспут улахан баһаардара (3000 га иэннээх сири хаппыт) умулларылынна.
Иккис, Кэмпэндээйиттэн 8,6 км сиргэ бэс ыйын 23 күнүгэр булуллубут, 7 га иэннээх сири сиэбит уот умуруорулунна.
Үһүс, Нам улууһугар нэһилиэнньэлээх пуунтан 12,4 км тэйиччи баар 9 га иэннээх сири сиэбит ойуур баһаарын умуллардылар.
Сунтаар оройуонун сиригэр-уотугар билигин 6 ойуур баһаарын умуруорууга үлэ ыытыллар. Баһаары умулларыыга 208 ойуур баһаарынньыга, 209 мобилизацияламмыт, икки МЧС үлэһитэ, 21 көлө үлэлииллэр.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1