Сунтаарга элбэх оҕолоох ыалларга тэпилииссэ, уу кутар иһит атыылаһалларыгар чэпчэтии олохтоотулар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Түөртэн элбэх оҕолоох 400-кэ кэриҥэ ыал улуус иһигэр үлэлиир анал бырагырааманан тэпилииссэлэннилэр  уонна   уу кутар былаастык иһиттэннилэр.

Мантан саҕыллан дьоммут баҕар кэтэх хаһаайыстыбаланыахтара, бэйэ дьыалатын арыныахтара. Дьон улуус баһылыгар, дьаһалтатыгар махталлара муҥура суох. Холобур, Элгээйииттэн түөрт оҕолоох Марианна, Сергей Спиридоновтар бу иннинэ оҕуруот аһын олордо иликтэрэ. Быйыл улуус дьаһалтата Дьиэ кэргэн сылынан сыана аҥаарыгар тэпилииссэ уонна  уу кутар иһити биэрэн, ыаллар оҕуруоттанан эрэллэрэ кэрэхсэбиллээх. Онтон элбэх оҕолоох Людмила, Леонид Ивановтар сыана аҥаарыгар, ол эбэтэр 12 500 солк.  ылбыт тэпилииссэлэригэр эбии помидор, оҕурсу олордор санаалаахтар.  7 500 солк. ылбыт уу кутар иһиттэригэр муус уутун хаһааммыттар. Ыаллар бу тосхолу кэккэ, сибиинньэ ылан иитэллэр. Өссө кууруссалара  кэлэрин күүтэллэр. Аҕа баһылык Леонид кууруссаларга анаан бэртээхэй уйа туппут.

Кутанаҕа маннык тосхолунан   элбэх оҕолоох тоҕус ыал туһаммыт. Олортон  биирдэстэрэ  түөрт оҕолоох Анна Тимофеева. Нюргун Семенов эмиэ элбэх оҕолоох буолан, тэпилииссэ, емкость уонна сибиинньэ ылбыттар.

Сунтаар улууһун сайдыытын тус сыаллаах пуондатын, тыа хаһаайыстыбатын салалтатын көмөтүнэн кэтэх хаһаайыстыбаны тэнитиигэ, бэйэ аһын амсайарга аналлаах тосхол көмөтүнэн 375 ыал тэпилииссэлэннэ, 400 ыал уу кутар иһиттэннэ.

Мария Кобельянова, Сунтаар

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0