Сунтаарга айылҕа харыстабылын прокурора үлэлээтэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Сунтаар улууһугар оробуочай сырыынан ойуур баһаардарын  умуруоруутугар ыытыллар үлэлэр хаамыыларын хонтуруоллуу СӨ айылҕа харыстабылын прокурора Андрей Ноговицын үлэлээтэ.

Атырдьах ыйын 11 күнүгэр, улуустааҕы ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Николай Александров уонна айылҕа харыстабылын кэтээн көрөр надзорнай уорганнар сүбэ мунньах тэрийдилэр.
Билиҥҥи туругунан Саха сирин улуустарыгар саамай элбэх 103 ахсааннаах ойуур баһаара Сунтаар улууһугар турбута бэлиэтэнэр. Онно дьону түмэ тардан суһал бөлөхтөрү тэрийиигэ, уоту умуруорар тэриллэринэн уонна ону таһынан улахан техниканан хааччыйан далааһыннаах үлэлэр бараллар. Билигин хас биирдии нэһилиэктэргэ минерализованнай  балаһа  тардыытын кэҥэтэргэ үлэ барыахтааҕын СӨ айылҕа харыстабылын прокурора Андрей Ноговицын иһитиннэрдэ.

«Сунтаар улууһа (оройуона)» муниципальнай оройуон дьаһалтатын пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0