Сунтаар улууһугар саҥа тэриллибит сибэккини, оҕуруоту, саады олордууга уопсастыбаннай-методическай сүбэ агроэкоэкскурсиялары тэрийэн, дьон-сэргэ кэрэхсэбилин ылан эрэр.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, https://edersaas.ru
От ыйын ортотугар Сунтаар сэлиэнньэтин бастыҥ оҕуруотчуттарын, сибэкки үүннэрээччилэрин тиэргэннэригэр экскурсияҕа икки күн устата Бүлүүттэн 14, Ньурбаттан 5, Сунтаар улууһун нэһилиэктэриттэн 51, барыта 70 киһи сылдьыбыта. Кинилэр оҕуруот аһын, сибэккини, отонноох мастары үүннэриигэ уопут атастаспыттара, маастар-кылаастарга сылдьыбыттара, элбэх сүбэни-аманы ылбыттара. Бу курдук биир интэриэстээх дьон бэйэ-бэйэлэрин билсэн, бэрт интэриэһинэй уопуту ылынан, элбэҕи билэн, биирдэ минньигэстик аһаан, олохтоох мелодистар Валерий Коротов, Афанасий Никифоров, саха эстрадатын ырыаһыттара Ирена Файрушина уонна Эрчим кэнсиэртэрин көрөн, бириэмэлэрин бэрт туһалаахтык атаарбыттара.
Иккис экскурсия Хоро, Кутана, Элгээйи нэһилиэктэригэр ыытыллыбыта. Манна эмиэ үс улуустан түөрт уонча киһи сылдьыбыта.
Хороҕо урут-уруккуттан отонноох мастары үүннэрэр үгэс баар. Ол үгэһи биолог-учуутал, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна Виссарион Попов саҕалаабыта. Кини дьыалатын кэргэнэ, оҕолоро, нэһилиэк олохтоохторо салҕаабыттара. Ол курдук, 2001 сыллаахха саад олордубуттара, билигин яблонялар, харастар, рябиналар, тирэх мастар улаатан, көрүөхтэн кэрэ көстүүлэммиттэр. Манна харас (черемуха) аллеята чыычаахтары угуйар, саас ахсын яблоня мастарын үп-үрүҥ былыт курдук кэрэ сибэккилэрэ дьону үөрдэллэр.
Онтон 2013 сыллаахха Экология сылыгар уонна биир дойдулаахтара, Айылҕа харыстабылын бастакы миниистирэ, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, биологическай наука кандидата Василий Гаврильевич Алексеев 80 сааһыгар анаан, өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы яблоня саадын олордубуттара. Бу мастар, билиҥҥитэ, кыралар. Бастакы сылларыгар кичэллээх көрүүнү-истиини эрэйэллэр. «Дикуша» суортаах яблоня кыһын тоҥмот эбит, онон бүрүйбэттэр, ол эрээри отоно бытархай, хомпуот оҥорорго эрэ туттуллар. Оттон «ранетка» аһа улаатар, сиэххэ сөп.
Виссарион Петрович кэргэнэ Раиса Елиферьевна яблоня мастары үүннэрэн, улууска тарҕатар үлэни ыытар. Сылга сүүстэн тахса маһы атыылыыр. Экскурсия кыттыылаахтара киниттэн элбэх сүбэни-аманы ыллылар. Холобур, соҕурууҥу намчы маһы хайдах сөпкө олордорго, төһө элбэхтик уу кутарга, аһатарга, о.д.а. Өскөтүн, тилээ үөн буулаатаҕына, кока-коланы кутан, суох гыналлар эбит. Дьэ, интэриэһинэй.
Поповтар уһаайбалара бэйэтэ саад, оҕуруот курдук. Хас биирдии мастарын оҕо курдук бүөбэйдээн үүннэрэллэр. Оттон Игнатьевтар хортуоскаларын олус эрдэ, от ыйын ортотуттан сиэн бараллар эбит. Ити курдук, сылдьыбыт ыаллара бары бэйэлэрэ кистэлэҥнээхтэр, ураты ньымалаахтар.
Оттон Элгээйигэ урбаанньыт Иван Александров урукку сопхуос буолатын ылан, улахан хаһаайыстыба тэриммит. 30 га сиргэ хортуосканы, 5 га сиргэ хаппыыстаны олордубут, 800 кв. м. иэннээх биэс аарыма тэпилииссэҕэ оҕурсуну, помидору, арбуһу үүннэрэн турар. Тэпилииссэ уопсай иэнэ – 4000 кв.м. Биир тэпилииссэҕэ бүтүннүү арбуз үүнэн, аһыран эрэр. Аттынааҕы буолаҕа кабачок бөҕөтө үүнэн лаһыгыраан сытар. Тэпилииссэлэр төһө да улахан буоллаллар, хаһаайын этэринэн, оҥоһуллаллара судургу, сыаната да удамыр. Икки миэтэрэлээх оҕурсу угун быыһыгар киирэн, билбэт киһи мунан да хаалыан сөп курдук… Саҥаны киллэрии быһыытынан, бааһыналарыгар, тэпилииссэлэригэр хааппыланан уу кутулла турар ситимин тарпыттар.
Хаһаайыстыба былырыыҥҥыттан үлэлиир, билигин барыта сүүрбэ үлэһиттээх. Ону тэҥэ уон киһилээх устудьуон этэрээтэ үлэлиир. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн биир мөлүйүөн солкуобай субсидия ылан, тиэхиньикэни саҥардыбыттара. Иван Александров элбэх үүнүүнү ылан, улуус иһигэр уонна Мирнэйгэ батарар сыаллаах. Кини урут Нам Хомустааҕар оҕуруот аһын үүннэрэн, биир улахан тэпилииссэттэн 14 туонна оҕурсуну ылан турар.
Күннээх Кавказ кыыһа, гречанка Татьяна Джанова биэс уонча сыллааҕыта Кутанаҕа ананан кэлэн, кэргэн тахсан, олохсуйбута. Кини тэлгэһэтэ сибэккинэн симэнэн, клумбанан киэргэнэн, олус кэрэ көстүүлээх, кырдьык, соҕуруу дойдуга сылдьар курдуккун. Оҕуруот аһын эгэлгэтин олордор уопуттаах оҕуруотчут күлэн-үөрэн мичилийэн, нууччалыы-сахалыы кэпсии-кэпсии, элбэх сүбэни-аманы биэрдэ.
Оттон Егоровтар ийэлэрэ урут-уруккуттан хаппахтары, уруучука хахтарын мунньар эбит. Олору дьүөрэлээн, тэлгэһэтин, дьиэтин бэртээхэйдик киэргэппит. Бу курдук тупсаҕайдык киэргэтэри, дьиэни-уоту, тэлгэһэни оҥостору сунтаардар уруккуттан сэҥээрэллэр, кэрэҕэ тардыһаллар. Ыаллар бары отонноох утаҕынан, арыылаах алаадьынан күндүлээн көрсүбүттэрэ ыалдьытымсахтарын, сайаҕастарын туоһулуур.
Уопсастыбаннай-методическай сүбэни тэрийбит Василий Хаптасов оҕуруоту үүннэриигэ аныгылыы ньымалары туһаныы туһунан маастар-кылаас ыытта. Кини ньыматын туһунан былырыын edersaas.ru сайтка «Сунтаарга буора суох оҕуруот үүннэрэллэр» диэн суруйан турабыт. Василий Николаевич биэс саҥа үрдүк технологияны ситиһиилээхтик боруобалаан, ол иһигэр гидропоника ньыматын туһанан үүннэрии көдьүүһүн дакаастаан, дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник тарҕатарга үлэлэһэр. Кини этэринэн, тыа хаһаайыстыбатыгар аныгылыы өйүнэн-санаанан салайтаран, инновационнай хайысханан эрэ үлэлээтэххэ, сайдар кыахтаах.
Ити курдук, агроэкоэкскурсия бары өттүнэн туһалаах. Сунтаар улууһун хас биирдии ыала бэйэ үүннэрбит ыраас, сибиэһэй, иҥэмтиэлээх аһынан хааччыллан, үүнэр көлүөнэ доруобай улаатарыгар, тыа ыала дьарыктаах буолан, кириисискэ бэриммэккэ, олох сайдыытын кытта тэҥҥэ иновационнай ньымалары туһанарыгар туһуланар.
Оттон үһүс экскурсия чэрчитинэн, Тойбохойго Социалистическай Үлэ Дьоруойа Георгий Бессонов тэрийбит Ботаническай саадыгар, кыраайы үөрэтэр историческай комплекска, бастыҥ оҕуруотчут ыалларга сырыттылар, Кириэстээххэ «эмтээх оттор туһалара» лиэксийэни истии, үөрэнии буолла.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru