Сунтаарга 4G холбонно (видео)

Бөлөххө киир:

Бүгүн Ил Дархан эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччу  Айсен Николаев салайааччылаах оробуочай  бөлөх Сунтаар улууһугар үлэлиир.

edersaas.ru

«Сунтаар улууһа (оройуона)» муниципальнай оройуон пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, оробуочай бөлөх  Сунтаар улууһун экэнэмиичэскэй сайдыытыгар аналлаах  мунньаҕы ыытыаҕа. Маны таһынан, өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар бастакы IT-киин – «Korobka» үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыытыгар кыттыаҕа. Бу кыһыҥҥыттан улууска оптоволоконной ситим  тардыллан, бүгүн Сунтаарга  суотабай сибээс төрдүс көлүөнэ стандартын (4G/LTE сибээс) официальнай холбооһунун үөрүүлээх түгэнэ тосхойдо.

https://www.youtube.com/watch?v=UvZEXodOv20

Биһ. корр., edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0