Саха спордун аҕатынан билиниллибит Николай Тарскай кэриэһигэр көҥүл тустууга өрөспүүбүлүкэҕэ биирдиилээн уонна хамаанданан бастыыр иһин чөмпүйэнээт Сунтаарга ыытыллар буолбутугар, туох ааттаах ыраах сиргэ тэрийдилэр диир дьон бааллара. Маныаха хаһан баҕарар, бэйэ эрэ иннин көрүнэр сыыһа дии саныыбын. Оттон сунтаардар, атын даҕаны киин куораттан ыраах сытар улуустар – Дьокуускайга, илин эҥэргэ кэлэн күрэхтэһэллэр дии?!
Төттөрүтүн наар биир сиргэ буолбакка, маннык түһүлгэни улуустарынан тэрийэн ыытыы, тустуу инники сайдыытыгар туһаттан атыны аҕалыа суоҕар эрэнэбин.
Петр Павлов, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru
Сунтаарга ыытыллан түмүктэммит чөмпүйэнээккэ аҥардас олохтоохтор эрэ буолбакка, Бүлүү бөлөх улуустартан хас эмэ сүүһүнэн көрөөччүлэр тоҕуоруһан, билиҥҥи кэмҥэ уос номоҕор сылдьар бастыҥ бөҕөстөрбүт сытыы хапсыһыыларын көрөн, дуоһуйууну ылбыттара саарбахтаммат. Ханныгын да иһин, ити эҥэр өрөспүүбүлүкэ тустууга чөмпүйэнээтэ аан бастаан ыытылыннаҕа дии.
Итиэннэ саамай үөрүүлээҕэ, күрэхтэһиини элбэх ахсааннаах оҕолор илэ харахтарынан көрөн, тустууга тардыһыылара, тапталлара өссө улааттаҕа диэн бүк эрэнэ саныыгын. Бу улахан түһүлгэни сунтаардар үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыыттылар. Ол эрдэттэн сэрэйиллибитэ даҕаны, өрөспүүбүлүкэҕэ Олоҥхо дойдутунан билиниллибит улуус син эмиэ 2006 сыллаахха, Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларын тэрээһиннээхтик ыыппытын курдук, тустуу чөмпүйэнээтин үрдүк таһымнаахтык тэрийдэ. Чөмпүйэнээт түмүктэннэ. Ол эрээри, бу тэрээһин – Сунтаарга спорт салгыы сайда, тустууга ситиһии өссө үрдүү, кэҥии турарыгар олук ууруллуута буолар.
Чөмпүйэнээт бастыҥ бөҕөһө – Николай Охлопков
Урукку сылларга холоотоххо, быйылгы чөмпүйэнээккэ бастыҥнарбыт хото соҕус кытыннылар. Бастакы ыйааһыҥҥа Россия чөмпүйэнээтин икки төгүллээх боруонса призера Арыйаан Тютрин улахан утарсыыны көрсүбэккэ холкутук бастаан, иккис сылын субуруччу өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнүн аатын ылла.
Эрдэттэн сэрэйиллибитин быһыытынан саамай тыҥааһыннаах хапсыһыылар 61 кг ыйааһыҥҥа буоллулар. Ол өйдөнөр даҕаны, манна тэҥ таһымнаах, биир баайыылаах бөҕөстөр күөн көрсөн, мэтээл иһин кииристилэр. Ол курдук, Белоруссия аатыттан Европа чөмпүйэнээтигэр кыттарга бэлэмнэнэ сылдьар Андрей Бекренев, соторутааҕыта Болгарияҕа Петко Сираков уонна Иван Илиев ааттарынан итиэннэ Калининградка Андрей Шумилин бирииһигэр норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдарга тэҥнээҕин булбатах олохтоохтор эркин курдук эрэнэр тустууктара Николай Охлопков, Красноярскайдааҕы турнир призера буола сылдьыбыт, аан дойду кубогар кыттыбыт Владимир Флегонтов, Россия кубогын призера Дмитрий Аксенов, Красноярскайдааҕы Тустуу академиятын аһаҕас түһүлгэтин кыайыылааҕа Эдуард Григорьев уонна өрөспүүбүлүкэ улахан дьоҥҥо сүүмэрдэммит хамаандатын аанын номнуо тоҥсуйа сылдьар Семен Владимиров, Валентин Судинов, Виталий Эспек курдук кэскиллээх бөҕөстөр мэтээл иһин киирсиини сытыырхаттылар. Маныаха Николай Охлопков – Кирилл Павловы (Сунтаар), Андрей Бекреневу, Семен Владимировы бэрт кылгас бириэмэ иһигэр очукуонан ыраастык кыайталаата, оттон бүтэһик быһаарыылаах тустууга Эдуард Григорьевы 2:0 ахсаанынан кыайан, олохтоохтору олуһун үөртэ. Манна даҕатан эттэххэ, Николай Охлопков утарсааччыларыгар биир даҕаны баалы мүччү ыһыктыбата.
Былырыыҥҥы кыайыыларын бигэргэттилэр
65 киилэҕэ бу иннинээҕи нэдиэлэҕэ Бурятия бэрисидьиэнин бирииһигэр норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга боруонса мэтээллэнэн кэлбит Ньургун Скрябин тустар кылааһа үрдүгүн итэҕэттэ. Бу ыйааһыҥҥа, чөмпүйэнээт үөрүүлээхтик аһыллыытыгар Россия спордун норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах маастара буоларын туоһулуур бэлиэни туппут Ньургун Александров куһаҕана суох өйдөбүлү үөскэттэ. Кини финал иннинээҕи хапсыһыыга Нь.Скрябиҥҥэ 4:6 ахсаанынан сабырыйтарбыта.
Чөмпүйэнээт биир дьоруойунан Ньургун Сергин буолла диэтэхпинэ сыыстарбатым буолуо. Быһаарыылаах хапсыһыыга кини урукку кэмҥэ хаста эмэтэ хотторо сылдьыбыт утарсааччытын, соторутааҕыта Р.М.Дмитриев кэриэһигэр эдэрдэргэ норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга ситиһиилээхтик кыттыбыт Максим Толмачеву 5:2 ахсаанынан кыайан, Сунтаардааҕы А.И.Иванов аатынан өрөспүүбүлүкэ олимпийскай эрэллэри бэлэмниир спортивнай оскуолатын манеһыгар ыы-быччары мустубут биир дойдулаахтарын биһирэбиллэрин ылыан ылла.
Онтон атын ыйааһыннарга кимнээх бастыыллара сүрүннээн эрдэттэн сэрэйиллэр этэ. Онон ырытан көрдөххө, Арыйаан Тютрин, Николай Охлопков, Константин Власов, Герман Устинов, Евгений Коломиец былырыыҥҥы ситиһиилэрин хатылаатылар. Манна даҕатан эттэххэ, Коломиец – өрөспүүбүлүкэҕэ бэһис төгүлүн бастаата.
Бырааһынньыктыы быһыыга-майгыга
Чөмпүйэнээт – тустуу улахан бырааһынньыгын курдук ыытылынна. Онуоха бастатан туран, Спорт министиэристибэтигэр, Сунтаар улууһун дьаһалтатыгар, өрөспүүбүлүкэтээҕи тустуу федерациятыгар уонна олохтоох нэһилиэнньэҕэ махтаныах тустаахпыт. Бары салаалар бу улахан эппиэттээх тэрээһиҥҥэ эрдэттэн бэлэмнэнэн, туох баар ымпыгын-чымпыгын барытын быһааран, салаа-салаа ахсын элбэх үлэни ыытан, биир дьыала тула туһугар түмсүүлээхтэрин көрдөрдүлэр. Биир кэрэхсэбиллээҕэ диэн, Сунтаартан төрүттээх биллиилээх тустууктары уонна тренердэри: Семен Зедгенидзеви, Альберт Захаровы, Николай Николаевы, Петр Попову, Владимир Даниловы, Валерий Уаровы, Юрий Николаевы, Александр Иванову, Николай Яковлевы, уо.д.а. анаан-минээн ыҥыран, бочуоттаах ыалдьыт быһыытынан сырытыннардылар, чиэстээтилэр-бочуоттаатылар. Итинтэн, кырдьык киһи санаата көтөҕүллэр.
Чөмпүйэнээти үөрүүлээхтик аһыы – бэйэтэ туспа култуурунай бырагыраама быһыытынан киэҥ ис хоһоонноохтук, омугу түмэр, сомоҕолуур гына уратытык ыытылынна. Сахалыы таҥастаах кыргыттар түһүлгэни алгыыр курдук аргыый устан хааман киирэн дыргыл сыттаах буруону унаарытыылара, баай киэргэллэрдээх төрүт омукпут таҥаһын толору таҥныбыт хотуннарбыт дуоспуруннаахтык туттан түһүлгэҕэ тахсыылара, сэттэ туруйа уолаттары, аҕыс кыталык кыргыттары батыһыннаран тахсыбыт алгысчыт… барыта сунтаардар дьиҥ сахалыы куттаах-сүрдээх, сиэрдээх-туомнаах буолалларын чахчы итэҕэттилэр.
Хамаанданан түмүккэ сүрүннээн Чурапчы, Дьокуускай, Уус Алдан, Нам, ХИФУ үс бастакы миэстэ иһин киирсэллэрэ буолуо, табылыннахтарына сунтаардар уонна орто халымалар кинилэргэ орооһуохтарын сөп диэн эрдэттэн сылыктааһын баара. Манна даҕатан эттэххэ, быйылгы чөмпүйэнээккэ 16 хамаандаттан 166 бөҕөс кэлэн күөн көрүстэ.
Чөмпүйэнээт састаап өттүнэн өссө күүстээх буолуоҕун, оруобуна ити күннэргэ Дьокуускайга Ис дьыала миниистирин бирииһигэр хапсаҕайга өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир ыытыллан, кэккэ хамаандалар ситэтэ суох састаабынан кытыннылар диэххэ сөп. Чэ, холобур, мин тус санаабар, Юрий Старостин, Игорь Софронеев, Игнат Андросов, Баир Укоев, Роберт Сидоров кыттыбыттара эбитэ буоллар, Сунтаардааҕы чөмпүйэнээт мэтээлигэр орооһуохтарын сөп этэ. Онон тэрийээччилэр инникитин маннык икки сибээстээх күрэхтэһиини биир кэмҥэ тэҥҥэ ыыппаттарыгар баҕарабын.
Бэйэ дьиэтигэр истиэнэ кытта көмөлөһөр
Сунтаар хамаандата бэйэтин дьиэтигэр-уотугар тэриллибит күрэхтэһиигэ бастакы миэстэни ылыыта соһуччу курдук көстөр. Өскөтүн бастакы күн Револий Самсонов (65 кг), Владимир Данилов (74 кг) хоттортоон кэбиһэн, олохтоохтор биир даҕаны мэтээлэ суох эбит буоллахтарына, иккис күн түөрт ыйааһынтан – үһүгэр финалга тахсан итиэннэ уопсай түмүккэ биэс бөҕөстөрө бочуоттаах бэһис миэстэ буолан хамаандаҕа наадалаах очукуону биэрэн, эриэ-дэхси ситиһиилэннилэр. М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу Илиҥҥи федеральнай университет хамаандата аҕыйах киһинэн кыттан, үһүс миэстэҕэ тахсыбытын бэлиэтиир оруннаах. Манна сыһыары тутан эттэххэ, тустуулааҕынан ааҕыллар кэккэ улуустар бу чөмпүйэнээккэ улахан болҕомто уурбатахтара, миэстэҕэ күттүөннээх үлэни ыыппатахтара толкуйу үөскэтэр. Холобур, былырыыҥҥы бастакы миэстэлээх Нам хамаандата быйыл ахсыс миэстэнэн эрэ дуоһуйда.
Биир бэйэм мирнэйдэри астынным. Киин сир тустууктарын курдук элбэх күрэхтэһиилэрэ, эрчиллэр түмсүүлэрэ суох диэтэххэ, үчүгэйдик кытыннылар. Түөрт мэтээллэннилэр. Ордук Ларион Андреевы (70 кг) хайгыы көрдүм. Кини өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ Дьулустаан Булатовы 3:1 ахсаанынан кыайыытын бэлиэтиир оруннаах.
Дьэ онон, уопсай түмүккэ 30 очукуолаах Сунтаар хамаандата (тренер Н.Р.Данилов) бастакы, киниттэн үс очукуонан хаалан чурапчылар (тренер Д.Р.Неустроев) иккис, 41 очукуолаах ХИФУ тустууктара (тренер Е.Н.Старостин) үһүс бириистээх миэстэлэри ыллылар. Итиэннэ өрөспүүбүлүкэ спортивнай тустууга федерациятын бэрисидьиэнэ Семен Березин илиититтэн туһааннааҕынан 150, 100 уонна 50 тыһ. солк. сертификаттары туттулар. Салгыы миэстэлэри Уус Алдан (44 очукуо), Дьокуускай (45), Орто Халыма (48), Мэҥэ Хаҥалас (49), Нам (60), Мирнэй (63), Таатта (108), Амма (125), Эдьигээн (153), Үөһээ Бүлүү (154), Горнай (155), Бүлүү (155), Дьааҥы (159) хамаандалара ыллылар.
Чөмпүйэнээт түмүк көрдөрүүтэ:
57 кг (25 кыттааччы): 1. Арыйаан Тютрин (Уус Алдан), 2. Степан Соркомов (ХИФУ), 3. Александр Захаров, Федор Постников (иккиэн – Чурапчыттан), 5. Роберт Оконешников (Орто Халыма), Петр Копылов (Мэҥэ Хаҥалас).
61 кг (27): 1. Николай Охлопков (Сунтаар), 2. Эдуард Григорьев (Чурапчы), 3. Андрей Бекренев (Орто Халыма), Владимир Флегонтов (Чурапчы), 5. Семен Владимиров (Таатта), Валентин Судинов (Амма).
65 кг (27): 1. Ньургун Скрябин (Мэҥэ Хаҥалас), 2. Вячеслав Ефремов (ХИФУ), 3. Петр Павлов (Уус Алдан), Ньургун Александров (Үөһээ Бүлүү), 5. Николай Аянитов (Чурапчы), Айхан Антонов (Нам).
70 кг (22): 1. Константин Власов (Чурапчы), 2. Алексей Иванов (Эдьигээн), 3. Стив Попов (Чурапчы), Ларион Андреев (Мирнэй), 5. Павел Павлов, Серафим Яковлев (иккиэн – Сунтаартан).
74 кг (18): 1. Герман Устинов (Амма), 2. Тимур Николаев (ХИФУ), 3. Иван Ефремов (Дьокуускай), Софрон Софронов (Мэҥэ Хаҥалас), 5. Владимир Данилов, Альберт Семенов (иккиэн – Сунтаартан).
86 кг (18): 1. Ньургун Сергин (Сунтаар), 2. Максим Толмачев (Дьокуускай), 3. Кузьма Сивцев (Нам), Никита Валеев (Дьокуускай), 5. Александр Абрамов (Мирнэй), Дмитрий Шадрин (Орто Халыма).
97 кг (14): 1. Евгений Коломиец (Орто Халыма), 2. Андрей Аронов (Мирнэй), 3. Ян Емельянов (Дьокуускай), Заур Магомедов (Мирнэй), 5. Вадим Семенов (ХИФУ), Степан Пахомов (Сунтаар).
125 кг (15): 1. Евгений Алексеев (Уус Алдан), 2. Никита Семенов (Сунтаар), 3. Прокопий Кириллин (Мирнэй), Виталий Тимофеев (Нам), 5. Федор Охлопков (Мэҥэ Хаҥалас), Ион Болтунов (Нам).
Экспресс-интервьюлар
Сунтаар улууһун көҥүл тустууга хамаандатын сүрүн тренерэ Николай Романович Данилов:
-Чөмпүйэнээт Сунтаарга ыытыллара быһаарыллыбытын кэнниттэн тута, улуус баһылыга Анатолий Васильевич Григорьевы кытта сүбэлэһэн, анал үөрэтэр-эрчийэр түмсүүнү тэрийбиппит. Онно cүүрбэччэ бөҕөс кыттыбыта. Улуус өттүттэн усулуобуйа барыта олохтоммута. Миигин тэҥэ тренердэринэн Станислав Яковлев, Павел Павлов уонна олимпиецпыт Александр Иванов, куоракка олорор биир дойдулаахпыт Степан Еремеев үлэлэстилэр. Күрэхтэһии иннинэ 1-2 чөмпүйүөннэниэхпит уонна хамаанданан үһүс буоллахпытына баһыыба дии санаабыппыт. Николай Охлопков бастыырыгар эрэллээх этибит. Оттон Ньургун Сергин маладьыастаата. Ону тэҥэ Никита Семеновы биир ыйааһын өрө таһааран кытыннарыыбыт, сөптөөх быһаарыы буолла.
Түгэнинэн туһанан, Сунтаарга маннык спорт улахан бырааһынньыгын бэлэхтээбит Спорт министиэристибэтигэр, улууспут салалтатыгар уонна өйөбүл, тирэх буолбут биир дойдулаахтарбытыгар, ыалдьааччыларбытыгар махталбыт муҥура суох.
Сунтаар улууһун дьаһалтатын баһылыга Анатолий Васильевич Григорьев:
-Чөмпүйэнээт тэрээһиннээхтик ыытыллыытыгар туруоруллубут ирдэбиллэри биһиги барытын толордубут диэххэ наада. Итиэннэ саамай сүрүнэ, бу тэрээһиҥҥэ дьон-сэргэ ким даҕаны туора турбакка, нэһилиэк баһылыктара бэйэлэрэ бириис олохтоон, тэрилтэ салайааччылара анал бириистэри туруоран, түмсэн, холобур бу түһүлгэ (помост) тутан, көрөөччүлэр олорор сирдэрин оҥорон, улахан тэрээһини ситиһиилээхтик түмүктээтибит. Чөмпүйэнээт тэрээһиннээхтик ааспытын ыалдьааччылар үрдүктүк сыаналаабыттара – биһиэхэ улахан махтал кэриэтэ. Спорт министиэристибэтэ, Тустуу федерацията биһиги этиибитин ылынан, ыраах сытар эҥин диэбэккэ, чөмпүйэнээти Сунтаарга ыытыылара саамай сөптөөх хардыы дии саныыбын. Чөмпүйэнээт бырааһынньыктыы быһыыга-майгыга ыытыллыбытыттан икки күн устатат саалаҕа толору мустубут дьон-сэргэ сүргэтэ көтөҕүлүннэ. Онон баһылык буолан туран, бэйэм дьоммор-сэргэбэр барҕа махтал тылларбын аныыбын. Өссө даҕаны бука бары маннык түмсүүлээх, сомоҕолоһуулаах буолуоҕуҥ!
Чөмпүйэнээт кылаабынай судьуйата Аркадий Николаевич Тастыгин:
-Маннык тэрээһиннэр Саха сирин улуустарыгар тэриллэн ыытыллыылара спорт сайдыытыгар туһалаах диэххэ наада. Биһиги көрүүбүтүгэр тустууга Сунтаар үлэтэ-хамнаһа сөпкө баран иһэр эбит. Холобур, улуус баһылыгыттан саҕалаан көннөрү тренергэ тиийэ бары сомоҕолоһон, бииргэ үлэлээн, кыайыыны тэҥҥэ аҕалыстылар, уһаарыстылар. Саҥа федерация үлэтигэр саҥа хардыыны көрдүбүт.
Көбүөргэ киирсиилэри сүрүннээн билиҥҥи кэмҥэ үлэлии сылдьар эдэр судьуйаларынан тэрийэн ыыттыбыт. Кыра сыыһа-халты баарын үрдүнэн, хамаандалар судьуйалааһыҥҥа улахан туруорсуулара суох. Эдэр судьуйалар үлэлиир баҕалара күүстээх. Сыыһаларын-халтыларын тута көннөрөн иһэллэр диэн бэлиэтиибин. Күрэхтэһии састаап өттүнэн улахан таһымнаахтык ааста. Этэргэ дылы, эрбии биитинии тэҥҥэ эрийсэн күрэхтэһиини сытыырхаттылар. Финалга кэтэһэн турбакка, билиҥҥи быраабыла ирдэбилинэн хардары-таары очукуо ылсан, олус интэриэһинэй буолла. Норуот үчүгэй баҕайытык уруйдаан-айхаллаан, тустуу кэрэтин кырдьык итэҕэйэн көрдө диэн этэбин.
Петр ПАВЛОВ, Дьокуускай – Сунтаар – Дьокуускай.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.