Сунтаар улууһун дьоно-сэргэтэ сахалыы таҥнан-симэнэн бүгүн үлэлэригэр кэллилэр.
edersaas.ru
Бу күн улуус дьаһалтатыгар үлэ хаамыыта уратытык саҕаланна. Ол курдук, улуус дьаһалтатын үһүс этээһигэр 1895 сылтан улууһу салайбыт бастакы кулуба Георгий Терешкинтан саҕалаан күн бүгүнүгэр диэри улууһу салайбыт, сайыннарбыт дьон галереялара арылынна. Улуус баһылыга Анатолий Григорьев идиэйэтинэн 37 мэтириэти худуоһунньук Михаил Местников биир сыл устата уруһуйдаата. Бүгүн хара сарсыардаттан улуус дьоно сахалыы сайбаччы таҥнан Өрөспүүблүкэ күнүн көрсөллөр. Кырачаан ыччаттар сахалыы ас күндүтүн амсайаллар, Оҕо дьоҕурун киинигэр саахыматтаан да ылаллар. Олоҥхо дьиэтигэр өрөгөй бырааһынньыгар бастыҥнар бэлиэтэнэллэр. 20 эдэр ыал тыа сиригэр олохсуйарга улуустан көмө харчы ылан үөрүүлэрин үллэстэллэр. Бар дьон Бүлүү түбэтин далбар этээччитэ Саргылаана Васильева оһуохайыгар түмсэллэр. Ол кэмҥэ тэрилтэ үлэһиттэрэ, Сунтаарбыт көхтөөх ыччата сэлиэнньэлэрин ырааһырдыыга биир сомоҕо буолаллар. Өрөспүүбүлүкэбит туһугар биир сомоҕо буолуоҕуҥ!
Мария КОБЕЛЬЯНОВА-ТУСКУЛААНА, edersaas.ru саайтка анаан.