Улуу Кыайыы 75 сылын Сунтаар улууһа икки сэрии бэтэрээннээх (Сиэйэттэн Прокопий Степанов, Сунтаартан Дмитрий Григорьев) көрсөр. Ону тэҥэ, 260 тыыл бэтэрээнэ, 68 сэрии тулаайаҕа, 10 сэрии огдообото, 562 сэрии кэмин оҕолоро бааллар.
Улуус баһылыга Анатолий Григорьев ыҥырыытынан, дьокутааттар сэбиэттэрин сессиятын быһаарыытынан, бэтэрээннэргэ улуус аатыттан көмө үп көрүллүөҕэ. Сэрии бэтэрээннэригэр — 75 000 солкуобайы, тыыл бэтэрээннэригэр — 15 000 солкуобайы, сэрии тулаайахтарыгар – 10 000 солкуобайы, сэрии огдооболоругар — 5000 солкуобайы уонна сэрии кэмин оҕолоругар 3000 солкуобайы биэриэхтэрэ.
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии кыттыылаахтара Прокопий Степанов уонна Дмитрий Григорьев.
Эбэн эттэххэ, “Арктик-Капитал” ХЭТ дириэктэрэ Матвей Евсеев биир дойдулаахтарыгар, Аҕа дойду сэриитин бэтэрээннэригэр Прокопий Степановка, Дмитрий Григорьевка 75-тии тыһыынча солкуобайы туттартаабыта. Бу курдук кыахтаах дьон эйэлээх олохпутун түстээбит, Улуу Кыайыыны уһансыбыт ытык дьоммутугар болҕомтолорун уураллара, төһө кыайалларынан көмөлөһөллөрө кэрэхсэбиллээх.
Маны таһынан, бэтэрээннэргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна федеральнай бүддьүөттэн биирдэ бэриллэр төлөбүрдэр көрүллэллэр.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа: улуус баһылыга Анатолий Григорьев 2018 сыллаахха бэтэрээннэри кытары көрсүһүүтүгэр.