Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылыгар анаан, Сунтаар улууһугар араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытылла туралларын туһунан Култуура салаатын начаалынньыга Мария Кобельянова-Тускулаана edersaas.ru саайтка кэпсээтэ.
edersaas.ru
Дьаархан нэһилиэгэр «Мин аатым ааттаныа» диэн литературнай аахсыйа ыытылынна. Нэһилиэк дьоно-сэргэтэ улуу Ойуунускай айымньыларын тутатына кинигэлэртэн аахтылар. Аахсыйаҕа барыта 36 киһи кыттыбыт.
Оттон Элгээйигэ библиотекаҕа бэһис кылаас үөрэнээччилэригэр Былатыан Ойуунускай «Оҕо куйуурдуу турара», «Улуу Кудаҥса» айымньыларын тула санаа атастаһыыта буолла. Бу икки философскай айымньылар суолталарын ырытыы, оҕо бэйэтин толкуйун, санаатын үллэстии буолла. Маны таһынан, «Элгээйи Ойуунускайы ааҕар» диэн улуу киһи аатын үйэтитэр, ааҕыыны көҕүлүүр сыаллаах киэҥ далааһыннаах бырайыак үлэтин саҕалаата. Кэлэр нэдиэлэҕэ орто сүһүөх кылаас үөрэнээччилэригэр Ойуунускай «Сүүс сыллаах улуу былаанын» ырытыыларын иһитиннэриэхтэрэ. Төрөппүттэр, үөрэнээччилэр кыттыылаах «Ойуунускайы төһө билэҕин» диэн өй-билии күрэһэ буолуоҕа. Олоҥхо күнүгэр сөп түбэһиннэрэн «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону нэһилиэк дьоно оҕотуттан кырдьаҕаһыгар диэри дорҕоонноохтук ааҕыыларын аудиоҕа устан үйэтитии буолуо. «Ойуунускай бүгүн уонна кэлэр үйэлэргэ» диэн төгүрүк остуол буолуоҕа , бу күн күрэс түмүктэринэн кыайыылаахтар бэлиэтэниэхтэрэ.
Сунтаарга политехническай лиссиэй үөрэнээччилэригэр библиотечнай уруоктар ыытылыннылар. Биир дойдулаахпыт, филологическай наука дуоктора В.Б.Окорокова улуу киһибит П.А.Ойуунускай олорон ааспыт олоҕун, суруйан хаалларбыт үлэлэрин дириҥэтэн үөрэппит, чинчийбит үлэтин түмүгэр таһаарбыт Ойуунускай монографиятын, ону сэргэ кини туһунан документальнай, архивнай матырыйааллардаах кинигэлэри, уус-уран суруйууларын кытта билистилэр. Түмүккэ, үөрэнээччилэр төһө билиини ылыммыттарын туоһулуур тургутар ыйытыктарга эппиэттээтилэр.
Биһ. корр., edersaas.ru