Сунтаар улууһун салалтата уонна дьокутааттар Урбаан күнүнэн эҕэрдэлээтилэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Сунтаар улууһун дьаһалтата уонна улуус дьокутааттарын  сэбиэтэ Арассыыйаҕа урбаан күнүнэн олохтоох предпринимателлэри эҕэрдэлээтэ.

Бу судургута суох салааны   хорсун, көхтөөх, эппиэттинэстээх дьон талбыт  бырааһынньыктара. Биһиги улууспутугар улуус бүддьүөтүн  хаҥатыыга 565 урбаанньыт кырата суох кылааты киллэрэллэрин таһынан, үгүс дьоһун соруктары быһаарарга көмөлөһөр. Ол курдук улууһу   табаарынан уонна араас өҥөнөн хааччыйаллар, уопсастыбаннай уонна аһымал бырайыактарга көхтөөхтүк кытталлар, саҥа үлэ миэстэтин таһаараллар. Эһиги дьиҥнээх суолталаах уонна эппиэттээх үлэҕитинэн дьарыктанаҕыт, экэнэмиическэй кыахтары кэҥэтиигэ уонна социальнай туруктаах буолууну хааччыйыыга, улуус нэһилиэнньэтин олоҕун таһымын үрдэтиигэ дьоһун кылааты киллэрэҕит. Түгэнинэн туһанан, эһиэхэ күн аайы бигэ дохуоттаах буоларгытыгар, саҥа саҕалааһыннаргыт  барыстаах буолалларыгар баҕарабыт. Эһиэхэ туруктаах сайдыыны уонна туруктаах буолууну, саамай хорсун идеялары уонна үп- харчы этэҥҥэ буолуутун баҕарабыт!  — диэн Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий  Григорьев уонна  Сунтаар улууһун дьокутааттарын  Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ульяна Попова эҕэрдэлээтитэлэр.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0