Сунтаар улууһун бары нэһилиэктэригэр оптоволокно киирдэ

Бөлөххө киир:

Бүгүн, балаҕан ыйын 7 күнүгэр, Саха сирин 12 улууһун 43 нэһилиэгэр түргэн сырыылаах интэриниэт  ситимэ холбонно. Үөрүүлээх түгэнинэн
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев, СӨ инновацияҕа, цифровой сайдыыга миниистирэ Анатолий Семенов, «Ростелеком” салайааччыта Константин Войтеховскай уонна улуустар  баһылыктара кыттыыны ыллылар.

Сунтаар  улууһун 10 нэһилиэгэр: Куокунуга, Кэмпэндээйигэ, Сардаҥаҕа, Туойдаахха, Маар Күөлгэ, Дьаархаҥҥа, Наахараҕа, Тэҥкэҕэ, Хордоҕойго уонна Түбэйгэ барыта
300 тахса килэмиэтиргэ мас тирэхтэри туруоран ВОЛС куйаар ситимэ тардылынна. Онон олохтоохтор ADSL технологиянан түргэн куйаар ситимигэр холбонор кыахтаннылар. Аан бастакынан нэһилиэктэр дьаһалталарыгар уонна социальнай эбийиэктэргэ холбонно.
Тэрээһин кэннэ улуус Аҕа баһылыга Анатолий Григорьев уһук сытар Хордоҕой нэһилиэгэр видеозвоногунан лицей салалтатыгар быһа сибээскэ холбонно, директор Валентина Данилова түргэн куйаар ситимэ тардыллан аныгы кэмҥэ оҕолор үөрэнэллэригэр улахан көдьүүстээх буолуо диэн иһитиннэрдэ.

«Сунтаар улууһа (оройуона)» муниципальнай оройуон дьаһалтатын пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0