Сунтаар улууһун 60% босхо гектарга хабыллыбат

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Роснедра хаартаҕа уларытыылары киллэрэн, Сунтаар улууһун 60%-гар Уһук Илиҥҥи гектар сокуона үлэлиир кыаҕа суоҕун туһунан Аллыҥа уонна Тойбохой олохтоохторугар СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Петр Алексеев иһитиннэрдэ.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Онон, улуус территориятын 60%-гар сиртэн хостонор туһалаах баай кистэнэ сытар буолуон сөп. Бүгүҥҥү туругунан, улууска түөрт бырамыысыланнай хампаанньа геологическай чинчийии үлэлэрин ыытар. Бу күннэргэ Тойбохойго уонна Аллыҥаҕа ыытыллыбыт толорор былаас 2016 сыллааҕы үлэтин отчуотун кэмигэр Уһук Илиҥҥи гектар, оттуур сир, үүтү соҕотуопкалааһын туһунан боппуруостары көтөхтүлэр.
— Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар сыалтан, быйыл Сунтаар улууһун киинигэр 100 ыалга аналлаах агро-куорат (агрогородок) тутуута саҕаланыахтаах. Итиэннэ Элгээйигэ эмиэ агро-куорат тутуллара былааннанар, — диэн Петр Алексеев кэпсээтэ.
Тыа сиригэр дьон олохсуйуутун элбэтэр сыалтан, ааспыт сылга Ньурба, Нам, Амма улуустарыгар агро-куораттары тутуу үлэтэ саҕаламмыта. Ол курдук, саҥа микро-оройуоннары уотунан-күөһүнэн, суолунан-ииһинэн хааччыйан, дьон олороругар бары усулуобуйаны тэрийии буолар.

Ыспыраапка: тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, улуус киинигэр — Сунтаарга 11102 киһи олорор.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0