Кэмпэндээйи тууһун араас хайысханан сайыннарыы үлэтэ күүскэ барар. Соторутааҕыта аска туттуллар туус оҥоһуллан тахсыбыта, аны бу күннэргэ Сунтаар уһуйааннарыгар «туус хосторо» арылыннылар.
Тыйыс кыһыҥҥа олорор кырачааннар санаатахтарын аайы муораҕа барар кыахтара суох. Маныаха Сунтаарга Кэмпэндээйи тууһунан оҥоһуллубут «туус хосторо» «Ньургуһун», «Солнышко» уһуйааннарга арыллыннылар. Бу хоско биир сеанс үс күн муораҕа сылдьыбыты солбуйар.
Галогенератор диэн тэрил көмөтүнэн Кэмпэндээйи тууһа илдьиритиллэн быыл буолан тахсан, оҕо тыынар уорганыгар, доруобуйатыгар туһалаах. Оҕолор бу хоско олус сөбүлээн сылдьаллар. Арааһы ойуулаан, дьарыгыран аралдьыйаллар. «Ньургуһун» уһуйаан муора аннынааҕы куйаар буоллаҕына, «Солнышко» уһуйаан хотугу Арктика тиэмэлээх. Кэмпэндээйитээҕи туус собуота чугаһынан былаана аны «Сир уустара» үөрэх, сайдыы тэрилтэтигэр оҥоруохтаах уонна Кэмпэндээйи уһуйааныгар «туус хоһун» бэлэх уунуохтаах. Ол кэннэ атын улуустарынан сакаастар номнуо киирэ тураллар.
Мария Кобельянова, Сунтаар.