Сунтаар цеолита туох туһалааҕый?

27.05.2017
Бөлөххө киир:

Сунтаар сэлиэнньэтин олохтооҕо Владимир Еремеев телевышкаҕа тиэхиньиктиир. Үлэтин быыһыгар ньирэйдээх ынаҕын уонна тиҥэһэтин, уонча кууруссалааҕын бостууктуур. Владимир Климентьевиһи учуонайдар этиилэрин (сүбэлээһиннэрин) олоххо быһаччы киллэрэ сылдьар киһинэн ааҕыахха сөп.

Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru


Сүөһү өҥнүүн-түүлүүн тупсар

Кини дьоҕус хаһаайыстыбатыгар цеолиты туһаммыта ырааппыт. Улуус киинигэр олорор ыал ходуһата, биллэн турар, кыараҕас. Ол сиэринэн аҕыйах туонна оту, ону даҕаны дьон хаалларбыт, сирэн бырахпыт сирдэрин тирбэҕэлэһэн эбинэрин сыа-сым курдук тутан, кыбыытыгар аҕалан кэбиһэр. Кэлиҥҥи сылларга Сунтаар эргин ардах-самыыр арахпат буолла. Халлаан охсуллубут оту хаһан сараҕытарын кэтэстэххинэ, сай устата бугулу даҕаны чөкөтөрүҥ саарбах. Ол иһин Владимир сытыйаары, түүнүгүрээри гыммыт окко бытарытыллыбыт цеолиты, кэлин өссө Кэмпэндээйи тууһун кытта булкуйан кутар буолбут. Оччоҕуна цеолит сүөһүнү дьүдэтэр, ыарыыга тириэрдэр түүнүк паразита тарҕанарын тохтотор, ыарыы үөскүүрүн бохсор эбит.

Өссө ааспыт үйэ 80-с сылларыгар геолог Ким Колодезников быһаччы көҕүлээһининэн, учуонайдар  цеолит сүөһүгэ (дьиэтитиллибит кыылга-сүөлгэ барытыгар) туһатын билээри элбэх чинчийэр-үөрэтэр үлэни оҥорбуттара. Ол түмүгэр, кыһыны быһа хотоҥҥо мөлтөх хаачыстыбалаах оту сии турбут, дьүдэйбит, “сыптарыҥ эмэһэ” буолбут сүөһүгэ цеолиты биэрдэххэ, сааҕа тута хойдорун, туруга көнөрүн, өҥнүүн-түүлүүн тупсарын, төрүөҕэ чэгиэн буоларын бэлиэтээбиттэрэ.

“Миигин бу дьыалаҕа маҥнай Ким Егорович бэйэтэ сыһыарбыта, оттон убайым, ол кэмҥэ улуус баһылыгын солбуйааччынан үлэлээбит Алексей Дмитриевич Еремеев дьарыктанарбар эппитэ. Онтон ыла саҕаламмыта уонна хоббим курдук буолбута — диир Владимир. – Өссө биир кэмҥэ Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх предприниматель Степан Ивановтуун атах таҥаһыгар угуллар угунньа оҥоро сылдьыбыппыт. Атах сытын, сииги оборорго олус туһалаах оҥоһук этэ…”

Көрөн турдахпына, далга сылдьар ынахтаах тиҥэһэтигэр цеолит мээккэтин (бурдугун) тааска кутан биэрбитин үөрүйэх баҕайытык былдьаһа-тарыһа салаан кэбистилэр. Кырдьык, кыстыгы туораабыт, хотоҥҥо турар сүөһүлэр диэтэххэ түүлэрэ ырааһа, көбө сүрдээх. Онтон аны мас холбукаҕа кутан, кууруссаларыгар киллэрдэ. Балачча элбэх курдук көстөр эрээри, нэдиэлэ кэриҥэ тобугуратан бүтэрэллэр үһү. “Көтөрдөрү былырыын күһүн атыыласпыппыт. Цеолит сиэтэхтэринэ, сымыыттара эбиллэр итиэннэ бэйэбит эмтээх сымыыты сиирбит туһалаах эрэ буоллаҕа”, — диэн үөрэ-көтө кэпсиир.

Владимир Еремеев инникитин сүөһүтүн эбэр былааннаах. Онно төрүөт баар: олохтоох дьаһалта (нэһилиэк баһылыга Э.Е.Филиппов) дьон хаалларбыт сирин оттууругар көҥүллээн мэлдьи өйүүр, Эдуард Егорович сүөһү аһылыгар үлэлэһэргэ этии киллэрбит. “Хортуоппуй үүннэр” диэн бааһына хоруттаран-таҥастатан биэрбит.

 

Үүнээйини ыарыыттан араҥаччылыыр

Онон Владимир хортуоппуйга эмиэ киирсэр санаалаах сылдьар. Быйыл кыһын 200-чэ тыһ. солкуобайга хортуоппуй үлэтигэр туһаныллар тэрили-тиэхиньикэни атыылаһан сэбилэммит. Ааспыт сайын кыра сиргэ хортуоппуй олордон, “Сунтаарцеолит” ХЭУо оҥорон таһаарар “Цеопочва” диэн бородууксуйатын туһаммыт уонна үчүгэй үүнүүнү ылан биһирээбит.

Бу оҥоһук 60 бырыһыана кур ноһуомтан, 40 бырыһыана цеолиттан турар. Анал суулаах-хаалаах. Хара буорга булкуйан, сибэккиттэн саҕалаан оҕуруот аһыгар барытыгар туһаныахха сөп. “Цеолит почваны көпсүтэр, сииги тутар, үүнээйини араас кутталлаах ыарыылартан араҥаччылыыр, бэйэтигэр оборон ылар айылгылаах”, — диэн уопуттаах киһи быһыытынан быһаарар.

Манна даҕатан эттэххэ, Сунтаар сэлиэнньэтигэр олорор эдэр ыал аҕата, “Сунтаарцеолит” ХЭУо производственнай сыаҕын начаалынньыга Петр Егоровтан былырыын сайын хортуоппуйун Бөтүрүөп саҕана олордон баран, бэйэтин оҥоһугун туһанан, күһүн добуоччу үүнүүнү хомуйбутун туһунан биллим.

“Баччалаах баай үрдүгэр олорон, ытыспытын тоһуйуо суохтаахпыт, — диир Владимир Климентьевич. – Биһиги чохтоохпут, туустаахпыт, цеолиттаахпыт. Бэйэбит сирбит баайын ыччаппыт баһылыах тустаах. Сыччах ол инниттэн даҕаны бу үлэлээн-хамнаан көрдөрө сатыыбыт”. Ити эрээри, тыа киһитэ бииртэн мунаарар-мунчаарар: тыа хаһаайыстыбатын учуонайдара бэлэһипиэти тоҕо иккистээн айа сатыылларый эбэтэр харчы “тоһутар” албастара дуу… Цеолит киһиэхэ-сүөһүгэ, окко-маска туһалааҕа бигэргэнэн турар, олоххо киэҥник киллэрии, толору туһаныы эрэ эрэйиллэр эбээт.

“Саха сирэ” хаһыат б.дь. ыам ыйын 3 күнүнээҕи нүөмэригэр “Тааһы сиир кырдьаҕас” диэн ыстатыйа тахсыбытын кэнниттэн “Сунтаарцеолит” тэрилтэ бородууксуйатын сураһааччы элбээтэ. Дьокуускай куоракка биир эрэ сиргэ баар: “Сайсары” бааһынай ырыынагар 2-с этээскэ атыыланар.

Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0