Сунтаар үтүө санаалаах ийэлэрэ

21.05.2017
Бөлөххө киир:

 Сунтаар улууһугар «Ийэ уонна кыыс оҕо» бырайыак таһаарыылаахтык үлэлээн эрэр. Бу күннэргэ ийэлэр кыргыттарынаан бурдук аһы астыырга үөрэннилэр.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат,https://edersaas.ru

Ол курдук элбэх оҕолоох эдэр ийэ Мария Попова «Кыһыл баархат» туорду астыырга маастар-кылаас ыытта. Мария ас астааһыҥҥа бэйэтин кистэлэҥнэрин, сонун көрүүлэрин кытары үллэһиннэ.

Маастар-кылаас кэнниттэн минньигэс клубникалаах туортарын Сунтаардааҕы оҕо дьиэтин (ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит оҕолор быстах кэмҥэ олорор дьиэлэрэ. Билигин 11 оҕо олорор) иитиллээччилэригэр бэлэх ууннулар.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат,https://edersaas.ru

“Кыһыл баархат” туорт оҥоробут (маастар-кылаас)

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0