Сунтаар улууһугар «Ийэ уонна кыыс оҕо» бырайыак таһаарыылаахтык үлэлээн эрэр. Бу күннэргэ ийэлэр кыргыттарынаан бурдук аһы астыырга үөрэннилэр.
Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат,https://edersaas.ru
Ол курдук элбэх оҕолоох эдэр ийэ Мария Попова «Кыһыл баархат» туорду астыырга маастар-кылаас ыытта. Мария ас астааһыҥҥа бэйэтин кистэлэҥнэрин, сонун көрүүлэрин кытары үллэһиннэ.
Маастар-кылаас кэнниттэн минньигэс клубникалаах туортарын Сунтаардааҕы оҕо дьиэтин (ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит оҕолор быстах кэмҥэ олорор дьиэлэрэ. Билигин 11 оҕо олорор) иитиллээччилэригэр бэлэх ууннулар.
Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат,https://edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1