Сунтаарга ОЛОҤХО уонна ХОМУС ыйа

21.11.2018
Бөлөххө киир:

Улуус үрдүнэн Олоҥхо уонна Хомус күннэрэ тэрээһиннээхтик ыытыллаллар.  Икки күн устата «Олоҥхо дойдутун оһуордаах оонньуута» айар бэстибээл олоҥхоҕо күрэҕэ ыытыллан, түмүктэннэ. Кылаан кыайыылаахтар ааттара «Дойдубар, дьоммор ситиһии көтөллөнөн…» улахан кэнсиэркэ билиннэ.

Ол курдук, «Бастыҥ уһуйаан» үрдүк аатын Никандр Тимофеев ылан 10.000 солкуобай харчынан бириэмийэлэннэ, «Бастыҥ бөлөҕүнэн толоруу» үрдүк аатын Сиэйэ нэһилиэгэ (сал.Марина Хомподоева) ылан, 50.000 солкуобай бириистэннэ, олоҥхону биирдиилээн кылаан толоруу 15.000 солк бириистээх уонна бастыҥ олоҥхону айыы күрэһин кыайыылааҕынан Элгээйиттэн Изабелла Макарова — Толоон Туорааҕа буолан, үрдүк үөрүүлэннэ. Кини айбыт олоҥхото сотору кинигэ буолан тахсыаҕа.

Дьэ, бу курдук икки күн устата Олоҥхо дьиэтигэр олоҥхо тула түмсэн умнуллубат түгэннэр олохтоннулар.

Олоҥхо дьиэтигэр кииннэммит бибилэтиэкэ П.А.Ойуунускай 125 сылыгар аналлаах «ТОК — толкуйдаа, оонньоо, кыай» оонньууну  тэрийдэ уонна С.А.Сибиэрэп түмэлэ, Олоҥхо түмсүүтэ бэлэмнээбит Сунтаар улууһун Олоҥхо тула үлэтин аныгы истиэндэтэ дьон көрүүтүгэр турда.

Ити курдук, бу күннэргэ Сунтаардааҕы Олоҥхо дьиэтигэр «Олоҥхо дойдутун оһуордаах оонньуута» айар бэстибээл аны хомуска күрэһэ ыытыллар.  Хомус кэрэ эйгэтигэр ыалдьыттыан баҕалаах элбэх буолуо диэн бүк эрэнэбит.

Сэтинньи 30 күнүгэр Хомус күнэ төрүттэниэ, оттон ахсынньы 4-5-6 күннэригэр Саха хомуһун үйэтитии үгэһин үөрэҕэ тэриллиэҕэ. Манна Дьокуускайтан Хомус түмэлин бас-көс дьоно үөрэх биэриэхтэрэ, ол иһигэр Хомус Уйбаан уонна биир дойдулаахпыт Антонина Никитина.

Мария Кобельянова.

edersaas.ru 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0