Сунтаарга литературнай түһүлгэ төрүттэннэ

06.09.2017
Бөлөххө киир:

Саха норуодунай бэйиэтэ Леонид Попов төрөөбүтэ 100 сылын көрсө “Сунтаар миигин ыҥырар” диэн бастакы  ырыа-хоһоон түһүлгэтэ төрүттэннэ. Манна сүүрбэттэн тахса нэһилиэктэн анаан бэлэмнэнэн, оҥостон-тэринэн кэлэн, дьон-сэргэ олус көхтөөхтүк кытынна. edersaas.ru

От үлэтэ үмүрүйэн, сир аһа хомуллан үгэхтэргэ ууруллан, айылҕа барахсан чээл күөҕэ алтан дуйунан таарыллыан иннинэ, сайыны сайыспыттыы тохтоон чуумпуран, иһийэн-иһиллэнэн турар кэрэ кэмэ. Бу иннинэ тымныйан, ардаан баран, күммүт чэмэлийэ көрөн кэллэ, анаабыт курдук сайыҥҥылыы сылаас, бэрт ылааҥы күн үүннэ.

Ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут киэҥ нэлэмэн Тойбохой сыһыытын аатырбыт арыытыгар сынньалаҥ паарката, ыһыахтыыр сир баар. Манна үс-түөрт үйэлээх сүүнэ муҥурааттар, баараҕай харыйалар халлааҥҥа харбаһан, улуутуйан тураллар. Былыр-былыргыттан ыһыллар ыһыахтарга ыраахтан-чугастан уус тыллаахтар, чуор тойуксуттар, аар-саарга аатырбыт оһуокайдьыттар, улуу олоҥхоһуттар мустан ыллаан-туойан, хоһуйан, үҥкүүлээн, оонньоон-көрүлээн аҕай барбыт сирдэрэ.

Бу күн сарсыардаттан дьон-сэргэ тоҕуоруһа муһунна, уран тылга умсугуйааччылар, айар кут алыбыгар ылларбыттар сыккыс уутунуу холбоһон, элбээтэр элбээн истилэр. Ырыа-хоһоон түһүлгэтин үөрүүлээх аһыллыытыгар нэһилиэктэринэн сэлэлээн киирэн, кэчигирээн кэбиспиттэрэ көрүөххэ үчүгэйэ бэрдэ!

Бэйиэт аатыгар сүгүрүйүү

Мустубут дьону улуус баһылыга Анатолий Григорьев, суруйааччылар Иван Мигалкин, Анатолий СтаростинСиэн Кынат, Саргылаана Спиридонова, Ил Түмэн дьокутааттара Александр Уаров, Жанна Егорова эҕэрдэлээтилэр.

Аан маҥнай ыытыллар литературнай түһүлгэҕэ бары кэриэтэ нэһилиэктэртэн элбэх айар куттаах дьон кэлэн тоҕуоруспутуттан сөхтүм, үөрдүм. Мантан ыла Сунтаарбыт киэн туттар киһитэ Леонид Попов Саха сирин айар куттаахтарын түмэр түһүлгэтэ түстэниэҕэ. Улууспутугар сыл аайы 30-ча кинигэ бэчээттэнэн тахсар. Быйылгы сыл уратытаайар талааннаахтарбытын арыйар, үйэтитэр сыалтан, сэттэ ааптар кинигэтин бэчээттэтэн таһаардыбыт. Ону тэҥэСунтаар ньургуһуннарадиэн бары айарсуруйар дьону хабан, улахан кинигэни бэлэмнээбиппит, субу бэчээттэнэн тахсыбытынан эҕэрдэлиибин, — диэн баһылык Анатолий Григорьев эттэ.

Оттон СӨ Суруйаач­чыларын сойууһун бэрэс­сэдээтэлэ, норуодунай бэйиэт  Иван Мигалкин: Элбэх сиргэ, араас таһымнаах көрсүһүүлэргэ, тэрээһиннэргэ сырыттым ини, сылдьыбатым ини, ол эрээри Бэйиэт аатыгар сүгүрүйэн, маннык элбэх киһилээх параад буолбутун өссө көрө иликпин, — диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Бу кэнниттэн бары Ботаническай саадка баран, мас олортулар. Тэрийээччилэр, суруйааччылар уонна “ньургуһуннар” биирдии маһы олордон, тулалыыр эйгэни харыстыырга бэйэлэрин кылааттарын киллэрдилэр.

Г.Е.Бессонов саҕалаабыт Ботаническай саада олус да кэрэ көстүүлээх! Манна уонунан сылларга оскуоланы бүтэрээччилэр, лааҕыр оҕолоро, кэлбит ыалдьыттар, уо.д.а. мас олордон испиттэрэ улаатан, саад буолан суугунуур. Үлүбээй олордубакка, барытын былааннаан, быраабылатын тутуһар, көрөр-харайар  буоланнар, дьиҥнээх саад көстүүтэ, тыына баар.

Аны манна суруйааччылар мастара — долохоно саас аайы чэлгийэ көҕөрүө, сайыны сайыһа суугунуо, күһүн аайы минньигэс отоннорунан көтөрдөрү күндүлүө…

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0