Хой. Бу сылга дуоһунас, элбэх харчы, баай-дуол көстөр. Үлэҕэр ирдэбиллээх, дьиэҕэр истиҥ сыһыаннаах буол. Ол эрэн ордук санааччылартан, эйигинэн туһанааччылартан сэрэн. Доруобуйаҕын көрүн, тымныыттан сэрэн, бүөргүн харыстаа. Дьиэҕэр-уоккар быйыл улахан уларыйыы суох. Сулумах сылдьааччылар олохторун оҥостуохтарын сөп.
Оҕус. Тугунан эрэ дьарыгырыаххын олус баҕарыаҥ. Ылсыбытыҥ табыллыа. Сыл иккис аҥаарыттан үлэҕэр ситиһии күүтэр. Баҕар, дуоһунаһыҥ да үрдүө. Куоталаһааччылар сытыытык кимэн барыахтара. Онно сыылбатыйдаххына, үбү-харчыны куоттарыаҥ. Түбүк-садьык олус элбиэ эрээри, чугас дьоҥҥун умнума. Сыл үүнүүтүгэр ыралаабыт ыраҥ кэлин туолуоҕа. Элбэх ыалга эбиллии көстөр.
Игирэлэр. Үп-харчы боппуруоһа этэҥҥэ. Билиигин-көрүүгүн хаҥатынаргар олус үчүгэй сыл үүммүт. Сайын эбэтэр күһүн үлэҕинэн биитэр үөрэххинэн ыраах айанныаххын сөп. Ол кэлэр өттүгэр улахан туһалаах буолуо. Дьиэҕэр ил-эйэ олохсуйар. Сулумахтары интэриэһинэй билсиһиилэр күүтэллэр.
Араак. Сибиинньэ сылыгар тосту уларыйыылар буолуохтарын сөп. Баҕар атын куоракка көһүөҥ, биитэр үлэҕин, дьарыккын уларытыаҥ. Кылаабынайа, доруобуйаҕар болҕомтоҕун уураргын умнума. Саҥа билсиһии үчүгэйинэн дьайыа. Үп-харчы боппуруоһа этэҥҥэ. Ыал буолуу үксүө.
Хахай. Наадалаах боппуруостаргын быһаараргар сабыдыаллыыр дьону кытары билсиһиэҥ. Үлэҕэр да ситиһиилэниэҥ. Үп-харчы да кэлиэ. Салалтаҥ сорудаҕын уталыппакка толорорго кыһалын. Иирсээнтэн туора тутун. Иллэҥ бириэмэҕин көрдөөхтүк, сэргэхтик атаарар түгэн хаһааҥҥытааҕар да элбэх. Ыал буолбуттар дьиэ атыылаһыахтарын, туттуохтарын сөп.
Кыыс. Үпкүн-харчыгын мээнэ ыскайдаабатаххына, сыалгын ситиһиэҥ. Олоххор саҥа сүүрээни киллэрэргиттэн аккаастаныма. Саҥа дьоннуун билсиһииҥ эйиэхэ саҥа саҕахтары арыйаргар кыаҕы биэриэ. Түбүк-садьык элбиэ. Ону кэмигэр бүтэрэн, быһааран иһэргэ кыһалын. Оччоҕо улахан ситиһии кэлиэ.
Ыйааһын. Бары өттүнэн быйаҥнаах сыл. Онон былааҥҥын олоххо киллэрэргэ, карьераҕын оҥосторго сыл саҥатыттан турун. Үп-харчы да көстөр. Доруобуйаҥ элбэх хамсаныыны-имсэниини ирдиир. Чугас дьоҥҥор болҕомтолоохтук сыһыаннас. Сытыары-сымнаҕас майгылаахтар дьиэлэригэр ил-эйэ олохсуйуо.
Скорпион. Баһылыыр-көһүлүүр оруолу ыларыҥ улаатыа. Салалтаҥ сүбэтэ сыалгын ситиһэргэр көмөлөһүө. Сэрэйэн көрөр дьоҕургар итэҕэй. Дьыалабыай кэпсэтииҥ табыллыа. Суолга-иискэ тиэтэйимэ, сэрэхтээх буол. Интэриэһинэй билсиһииттэн куотума. Утуйаргын ордорботоххуна, быйыл улахан үлэҕэ кыттыһыаҥ.
Охчут. Бэйэҥ дьыалаҕын саҕалыыргар үчүгэй сыл. Былааҥҥын сыта-тура ымпыгар-чымпыгар диэри толкуйдуоххун эрэ наада. Көмөлөһөөччүлэр да көстүөхтэрэ. Элбэх көрсүһүү, кэпсэтии, саҥа билсиһии көстөр. Соҕотох сылдьааччылар ханна эмэ ыраах айаннаатахтарына, туһалаах билсиһииттэн мүччү түспэттэр.
Чубуку. Чуҥкуйарга бириэмэ суох. Түбүк-садьык элбэх. Ордук сайыҥҥы кэмҥэ барыы-кэлии элбиирэ күүтүллэр. Ол да буоллар үлэҕинэн эрэ үлүһүйүмэ. Чугас дьоҥҥор, тус бэйэҕэр бириэмэтэ анаа. Үбү-харчыны толкуйдаахтык тутун. Соҕотох сылдьааччылар истиҥ киэһэлэртэн куотумаҥ.
Күрүлгэн. Улахан былааҥҥын толороргор көмөлөһөөччүлэр, өйөөччүлэр көстүөхтэрин сөп. Бу бэлиэҕэ төрөөбүт элбэх киһи быйыл бэйэ дьыалатын арыйар кыахтаныа. Эбии харчылаһарга да, үлэлииргэ да суол арыллыа. Тапталынан үлүһүйбэккэ, үлэҕэр эрэ болҕомтоҕун уурдаххына, элбэх үптэниэҥ.
Балыктар. Үлэҕэр турунан айымньылаахтык ылсар кэмиҥ үүммүт. Ылыммыккын ыпсараргар, сыалгын-соруккун ситиһэргэр, былааҥҥын олоххо киллэрэргэр бары кыахтар бааллар. Эбиитин саҥа дьоҕур, талаан арыллыан сөп. Олохторун аргыһын көрдөөччүлэр тиэтэйбэккит ордук.