Муус устар бүтүүтэ Саха сирин дэлэгээссийэтэ Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэҕэ гуманитарнай көмө илдьибитэ уонна икки өрөспүүбүлүкэлэр бииргэ үлэлэһэргэ докумуон баттаспыттара. Саха сирин дэлэгээссийэтин кытары “Сахамедиа” АУо генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Сулустаан Заболоцкай сылдьан кэлбитэ. Кини бу туһунан биһиги хаһыаппытыгар кэпсиир.
– Сулустаан Владимирович, муус устар бүтүүтэ Саха сирин дэлэгээссийэтин кытары Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэҕэ баран кэлбитиҥ. Этэргэ дылы, балаһыанньаны илэ хараххынан көрбүт киһи буолаҕын. Хайдах айаннаан тиийдигит уонна дьон-сэргэ хайдах олороруй?
– Саха сирин дэлэгээссийэтин РФ бэрэсидьиэнигэр Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Андрей Федотов салайан илдьэ сылдьыбыта. Москваттан Арассыыйа уонна Украина кыраныыссатыгар турар Ростов уобалаһыгар диэри массыынанан биир күн айаннаан тиийбиппит. Сарсыҥҥы күнүгэр Таганрог куоракка барбыппыт. Мантан кыраныыссаны туоруохтаахпыт. Биһигини онно Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэ тас дойдулары кытары сибээскэ министиэристибэтэ көһүтэн турара. Онон анал харабыллардаах салгыы айаннаабыппыт. Украинаҕа үктэнээппитин кытары манна сэрии буола турара тута биллибитэ. Төлөпүөҥҥүтүн бары араарыҥ диэбиттэрэ. Суолбут айаҕар быраҕыллыбыт, алдьаммыт-кээһэммит дьиэлэр, буомба түспүт сирдэрэ көстөн ааһаллара.
Биһиги бастаан Амвросиевка диэн Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэ куоратыгар тиийбиппит. Манна сэрии буолбатаҕа эрээри, Украина өттүттэн аракыаталары ыыттахтарына, куоракка кассеталара кэлэн түһэллэр эбит этэ. Биһиги кэлиэхпит эрэ иннинэ Украинаттан эмиэ аракыата ыытаннар, оптуобустар, систиэринэлэр барыта умайан сыталлара.
Салгыы Мариуполь диэки баар Волноваха куоракка айаннаабыппыт. Бу эмиэ Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэ куората буолар. Ол эрээри 2014 сыллаахха биир бастакынан сэрии уотун ылынан, Украина саллааттарын базаларынан буолбута. Билигин куорат 80 бырыһыана бүтүннүүтэ урусхалланан турар. Манна даҕатан эттэххэ, Волноваханы Аҕа дойду сэриитигэр 1941 сыллаахха немецтэр ыланнар, эмиэ улаханнык урусхалламмыта. 1943 сыллаахха Сэбиэскэй Аармыйа соҕурууҥҥу фрона Донбаастааҕы операциятын кэмигэр куораты быыһаан ылбыта.
Билигин Волноваха Арассыыйа байыаннай операциятын түмүгэр кулун тутарга Донецкайга төннөрүллэн турар. Улахан баҕайы куорат бүтүннүүтэ күл-көмөр буолан турарын киһи харааста көрөр. Бүтүн дьиэ диэн суох, дьоннор арыый бүтүн хаалбыт дьиэлэри туох түбэһэринэн арыый өрө тардан баран олороллор эбит.
Манна бииртэн олус хараастыбытым. Куоракка оройуоннааҕы улахан балыыһа баар эбит. Манна быраастар Украина саллааттарын эмтии сылдьыбыттар. Байыаннайдар эмтэнэн бараннар ити балыыһаны тааҥканан тоҕо тэптэрэн, бастакы этээһин бүүс-бүтүннүү ытыалаан тахсыбыттар. Ытыалаабыт суоллара-иистэрэ барыта турар. Кылаабынай бырааһы кытары көрсөн кэпсэппиппит. Кини бастаан тахсан тохтото сатаабытын, саллааттар туох эрэ наркотиктаммыт дьоннор курдук иирэн хаалбыттарын кэпсээбитэ. Киһи онно түбэспит дьонтон эт кулгааҕынан истэрэ, ону барытын илэ хараҕынан көрөрө адьас атын эбит. Атына эбитэ буоллар, “хайдах оннук буолуоҕай” диэн баҕар итэҕэйиэм да суоҕа этэ.
Билигин балыыһаларын эмиэ туох түбэһэринэн сэмсии тутан, түннүктэрин салапаанынан, сорох сирдэргэ салапаан бакыаттары холбоон сабан үлэлэтэ тураллар. Куораты ыраастаан эрэллэр этэ, дьон-сэргэ да кыралаан дойдуларыгар төннөн эрэллэрэ. Арассыыйа эрэгийиэннэрэ куораты чөлүгэр түһэриигэ эмиэ ылыстылар. Бу аҕыйах хонуктааҕыта Челябинскай уобалас көмөлөһүөҕүн туһунан иһитиннэрдэ.
Уопсайынан, бу куораттарга үлэ, харчы диэн суох. Гуманитарнай көмөнөн эрэ олороллор. Биһиги гуманитарнай көмөнү түҥэппиппитигэр улахан уочарат үөскээбитэ. Бу уочаракка Нерюнгриттан, Табаҕаттан сылдьабыт диэн икки киһи кэлэн билсибитэ. Биһиги биир дойдулаахтарбыт баалларыттан соһуйбуппут. Санатан эттэхпинэ, Саха сириттэн бу иккис көмө буолар. Бастакы көмө 2,5 туонналаах таһаҕас Саха сириттэн кулун тутар 19 күнүгэр барбыта. Бу сырыыга сэттэ туонналаах көмөнү илдьэн биэрбиппит.
Маҕаһыыннар үлэлээбэттэр, уу-уот, гаас эмиэ суох. Онон олорорго олус уустук. Эдэр дьоно бары кэриэтэ сэриилэһэ барбыттар. Сорох дьон Арассыыйаҕа кэлбиттэр. Ол иһин куораттарга үксэ саастаах дьон баар. Гуманитарнай көмө тарҕата сырыттахпытына биир оҕонньор кэлэн төлөпүөн нүөмэрин биэрбитэ. “Баһаалыста эдьиийбэр эрийэн этэҥҥэ олорор диэн этээриҥ”, – диэн көрдөспүтэ. Сибээстэрэ эмиэ суох буолан, Арассыыйаҕа тахсыбыт дьоннорун кытары кыайан кэпсэппэттэр эбит.
– РФ бэрэсидьиэнигэр Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Андрей Федотов уонна Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин э.т. Татьяна Переверзева доҕордуу сыһыаны олохтуурга анал докумуоҥҥа илии баттаспыттара. Бу докумуон, эн санааҕар, туох суолталааҕый?
– Ити муус устар 20 күнүгэр этэ. Андрей Сандаминович уонна Татьяна Викторовна коммюнике баттаспыттара. Мин санаабар, бу аҥаардас докумуон эрэ буолбатах, инникитин икки өрөспүүбүлүкэ бииргэ үлэлэһиитигэр биир сүрүн олук буолар. Ити көрсүһүүгэ Татьяна Викторовна олус долгуйан туран, Саха сирин олохтоохторугар махталын биллэрбитэ уонна: “Салгыы бу курдук далаһа ууруллан, атыы-эргиэн, наука, култуура, о.д.а. эйгэлэргэ үлэбит өссө кэҥээн иһиэҕэ”, – диэн эппитэ.
Донбаас, туох да диэбит иһин, биһиги ыаллыы олорор эрэгийиэммит. Манна нуучча да, украинец да, чечен да, саха да буол, сирэйгинэн көрөн араарбаттар. Биһигини барыбытын биир тыл – нуучча тыла – ситимниир. Аҕа дойду сэриитин кэмигэр да биһиги эһээлэрбит дойдуларын туһугар бииргэ сэриилэспиттэрэ.
Манна даҕатан эттэхпинэ, бу командировкам кэмигэр өссө биир түгэнтэн соһуйбутум. Быраҕыллыбыт оскуолаҕа киирэ сылдьан оҕолор үөрэнэр учуобунньуктарын ылан көрбүтүм, онно Аҕа дойду сэриитин туһунан туох да суруллубатах этэ. Итини устуоруйаны токурутуу биир чаҕылхай холобурун быһыытынан көрөбүн. Онон бу байыаннай операция түмүгүнэн Украинаҕа устуоруйаларын үөрэтиилэригэр уларыйыылар киириэхтэрэ диэн эрэнэбин. Уонна туох да буолбутун иһин, хайа да кэмҥэ норуот доҕордоһуутун үтүө үгэһэ баар буолуохтаах. Ол үгэс бу курдук көрсүһүүлэртэн, бииргэ үлэлэһииттэн саҕыллан тахсар.
– Ити сылдьар кэмҥитигэр доброволецтары уонна Саха сириттэн сылдьар саллааттары көрсүбүккүт дуо?
– Волновахаттан Донецкайга барарбытыгар Донбаас доброволецтарын көрсүбүппүт. Кинилэргэ эмиэ гуманитарнай көмө биэрбиппит. Доброволецтар таҥастара-саптара боростуой этэ. Ким, туох таҥастааҕынан сылдьаллара. Оннооҕор бэйэлэригэр туох саалаахтарынан ону илдьэ сылдьаллар этэ. Кимиэхэ эрэ өссө диэн 19-с үйэҕэ оҥоһуллубут Мосин бинтиэпкэтэ кытта баара.
Хомойуох иһин, Саха сириттэн сылдьар саллааттары кытары кыайан көрсүбэккэ кэлбиппит. Кинилэр бары байыаннай чаастарынан арахсан сылдьаллара. “Спарта” батальонун командира Артем Жоганы көрсөн, балаһыанньаны ыйыталаспыппыт. Кини уола Вадим Жога анал операция кэмигэр Волновахаттан нэһилиэнньэни быыһыы сылдьан өлбүтэ. Киниэхэ билигин Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэ уонна Арассыыйа дьоруойун ааттара бэриллэн тураллар. Артем Жога кэпсэтиибит быыһыгар: “Мин Магадан уобалаһыттан төрүттээхпин. Саха сиригэр сылдьыбытым. Онон Саха сирин дьонугар эҕэрдэбин ыытабын. Мин эһээм Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа. Кинилэр бары дойдуларын туһугар сэриилэспиттэрэ. Нууччалыы саҥарар дьону, элбэх омуктаах өрөспүүбүлүкэлэри эһэргэ, кыдыйарга соруммут нацистары утары саа-саадах туппуттара. Билигин Арассыыйа кыл мүччү анал операцияны биллэрбэтэҕэ буоллар, икки-үс күн хойутаабыта буоллар, биһигини имири эһиэхтээхтэр этэ”, – диэн эппитэ.
Итини үгүс дьон өйдүүллэр. Ол иһин доброволеһынан киирэллэр. Арассыыйа аҕыс сылы быһа биир уопсай тылы булуоххайыҥ, Минскэйдээҕи дуогабардаһыыны тутуһуҥ диэн кэпсэтэ сатаабыта. Ол – суох. Украиналар 2013 сыллаахха бэйэлэрэ евромайдаан тэрийэн, ону ааһан бэйэлээх бэйэлэрин норуоттарын сэриилээн, уута-уота, гааһа суох хаалларан олороллор. Ону таһынан информация өттүнэн эмиэ киирэллэр. Арассыыйа байыаннайдара бары хотторон эрэллэр эҥин диэн туос сымыйа сурахтары ыыталлар. Хомойуох иһин, хайа да өттүттэн өлүү-сүтүү син-биир тахса турар. Донбааска көрсүбүт дьоммут бары Арассыыйаҕа, чуолаан бэрэсидьиэммитигэр Владимир Путиҥҥа махтаналларын биллэрбиттэрэ.
– Бэс ыйын 12 күнүгэр Арассыыйа күнүн бэлиэтиибит. Бу күн эйиэхэ туох суолталааҕый?
– Мин бу күнү тоҕо эрэ дьиэ кэргэн бырааһынньыгын курдук ылынабын. Биир өттүнэн, дьиэ кэргэнинэн Арассыыйа былааҕын тутан баран хаамарбытыттан ити өйдөбүл үөскээбит буолуон сөп. Иккиһинэн, Арассыыйа биир дьиэ кэргэн буоларын кэрэһилиир бырааһынньык буолар. Биһиги дойдубутугар сүүһүнэн тахса омук олорор. Бары биир дьиэ кэргэн курдук суулаһан олоробут. Быйыл биһиги өрөспүүбүлүкэбит тэриллибитэ 100, Арассыыйа састаабыгар холбоспуппут 390 сылларын бэлиэтиибит. Саха сирэ билигин – Арассыыйа инники күөҥҥэ сылдьар эрэгийиэнэ буолан олоробут.
Бу маннык тыҥааһыннаах кэмҥэ өссө сомоҕолоһон биэриэхтээхпит дии саныыбын. “В бой идут одни старики” диэн киинэҕэ “Война – это преходящее, а музыка вечна” диэн этиллэринии, ити барыта ааһыаҕа, оттон норуоттар доҕордоһуулара, култуура, ускуустуба, ырыа, литература барыта хаалыаҕа. Дьиэ кэргэммит устуоруйатын харыстыырбыт курдук биһиги хас биирдиибит дойдубут устуоруйатын харыстыах тустаахпыт.
Аграфена Кузьмина, «Саха сирэ»
Хаартыска — РБК